Салгыы
Саха тылын дириҥник үөрэтэн, үлэҕэ-хамнаска күннэтэ туттарга анал үөрэх ааһаллар

Саха тылын дириҥник үөрэтэн, үлэҕэ-хамнаска күннэтэ туттарга анал үөрэх ааһаллар

Ааптар:
20.11.2024, 19:00
Хаартыска: СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Судаарыстыба сулууспатын уонна муниципальнай салалталар үлэһиттэрэ саха тылын чиҥэтэн, дириҥник үөрэтэн, үлэҕэ-хамнаска күннэтэ туттарга анал үөрэх ааһаллар.

Тустаах куурус «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020-2024 сылларга судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы» диэн бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.

Бүгүн, куурус бастакы күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников үөрэнэ кэлбит үлэһиттэри кытта күөн көрсөн кэпсэттэ. Кини төрүт култуураны уонна тылы сайыннарар, харыстыыр туһугар сүдү үлэ ыытылларын, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевы кытта үлэ хайысхаларын торумнаабыппытын, бырагыраамаҕа 100 мөл. солк. өйөбүл көрүллэрин кэпсээтэ, ону таһынан култуура уонна үөрэхтээһин эйгэлэрин үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, хас биирдии киһи тус кылаатын киллэриэхтээх, кэнчээри ыччакка холобур буолуохтаах диэн эттэ. Өскөтүн биһиги күннээҕи олохпутугар, көннөрү сурук суруйсарбытыгар даҕаны сахалыы ыраастык кэпсэтэргэ дьулуһар буоллахпытына, эдэр көлүөнэни үөрэтиэхпит, култуурабытыгар өссө чугастык сыһыарыахпыт дии саныыбын.

Судаарыстыбаннай бырагыраамабыт хайысхалара киэҥ. Ол курдук, билим чинчийиилэр ыытыллаллар, оскуолаларга сахалыы кинигэлэр, «Саха» НКИХ-ҕа сахалыы ханааллар, ойуулуктар, социальнай роликтар оҥоһуллан тахсаллар. Маны тэҥэ үлэһиттэргэ анал үөрэхтэри ыытан саҕалаатыбыт.

«Судаарыстыбаннай салайыы эйгэтигэр саха тыла» куурус быйыл иккис төгүлүн ыытыллар. Бу иннинэ алтынньыга буола сылдьыбыта. Үөрэҕи М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ тэрийэн ыытар.

Афанасий Ноев тг-ханаалыттан

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: