Саха тылын, литэрэтиирэтин бастыҥ кэбиниэттэрин күрэһэ

Саха тылын, литэрэтиирэтин бастыҥ кэбиниэттэрин күрэһэ

Ааптар:
02.05.2024, 13:31
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Саха тылын учууталларын айар үлэлэрин сайыннарар, биридимиэти үөрэтэргэ саҥаны киллэриини, технологияны туһаныыны өйүүр хайысхалаах, 2024 сыл олунньу 16 күнүттэн муус устар 20 күнүгэр диэри, тэйиччиттэн көрүҥүнэн уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин “Саха тылын уонна литэрэтиирэтин бастыҥ кэбиниэтэ-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһэ буолан ааста.

Күрэһи тэрийээччилэр – СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ, Үөрэх уонна билим үлэһиттэрин Идэлээх сойуустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтэ, С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт.

Тустаах күрэскэ 14 улуустан 18 оскуола, 39 саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала кытынна. Икки түһүмэхтэн турар күрэскэ барыта 45 сайаапка киирбитэ:

I түһүмэх – “Саха тылын уонна литэрэтиирэтин кэбиниэтин билиһиннэрии”. Бу түһүмэххэ күрэс кыттыылаахтара видеоролик ньыматынан кэбиниэттэрин хааччыллыытын, үлэтин көрдөрбүттэрэ.

II түһүмэх — “Айар лабаратыарыйа”. Манна кыттааччылар саха тылын, литэрэтиирэтин кэбиниэтин үөрэтэр-мэтэдиичэскэй матырыйаалларын туһанан маастар-кылаас ыыппыттара.

Бастакы түһүмэх түмүгүнэн, салгыы 18 үөрэх тэрилтэтэ киирбитэ.

Хамыыһыйа быһаарыытынан “Саха тылын уонна литэрэтиирэтин кэбиниэтин бастыҥ билиһиннэрии” анал аат кыайыылааҕын дьупулуомунан наҕараадаланнылар:

Ньурба улууһун М.В. Мегежекскэй аатынан Маалыкай орто оскуолата;

Уус Алдан улууһун И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолата;

Өлүөхүмэ улууһун А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолата;

Мэҥэ Хаҥалас улууһун А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата;

Бүлүү улууһун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3-с нүөмэрдээх орто оскуолата;

Сунтаар улууһун Л.Попов аатынан Арыылаах орто оскуолата.

“Саха тылын, литэрэтиирэтин кэбиниэтин үөрэтэр-мэтэдиичэскэй матырыйаалын туһунан ыытыллыбыт бастыҥ уопут” анал аат кыайыылаахтарын дьупулуомунан наҕараадаланнылар:

Бүлүү улууһун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3-с нүөмэрдээх орто оскуолата;

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата;

Уус Алдан улууһун И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолата;

Өлүөхүмэ улууһун А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолата;

Сунтаар улууһун Л.Попов аатынан Арыылаах орто оскуолата;

Мэҥэ Хаҥалас улууһун А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата.

Икки түһүмэх кэнниттэн “Саха тылын, литэрэтиирэтин бастыҥ кэбиниэтэ-2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс кыайыылаахтарын быһаардылар:

“Бүлүү бөлөх улуустарын кэккэтигэр бастыҥ кэбиниэт”:

Бүлүү улууһун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3-с нүөмэрдээх орто оскуолата.

“Киин улуустар бөлөхтөрүн кэккэтигэр бастыҥ кэбиниэт”:

Хаҥалас улууһун И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1-кы нүөмэрдээх оскуолата.

“Хотугу улуустар кэккэлэригэр саха тылын бастыҥ кэбиниэтэ”:

Эдьигээн эбэҥки национальнай улууһун Эдьигээн орто оскуолата.

“Бырамыысыланнай улуустар кэккэлэригэр саха тылын бастыҥ кэбиниэтэ”:

Өлүөхүмэ улууһун А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолата.

“Илин эҥэр улуустарын кэккэтигэр саха тылын бастыҥ кэбиниэтэ”:

Уус Алдан улууһун И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолата.

Итини тэҥэ, күрэс түһүмэхтэрин түмүгүнэн бастыҥ уһуйааччылары быһаардылар:

Мария Муксунова, Бүлүү улууһун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала;

Раиса Уйгурова, Өлүөхүмэ улууһун А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала;

Тамара Михайлова, Уус Алдан улууһун И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала.

Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт “Төрөөбүт тылы чөл хаалларарга, бөҕөргөтөргө көмөлөһөр үөрэх эйгэтин тэрийии иһин” анал аатын Уус Маайа улууһун Н.А. Атласов аатынан Эдьээн орто оскуолатын учуутала Лидия Попова, Ленскэй улууһун Нуотара сэлиэнньэтин орто оскуолатын учуутала Ноябрина Зорина туттулар. Сиһилии манна ааҕыҥ.

Дария САННИКОВА, Үөрэҕи уонна идэ таһымын үрдэтэр институт пресс-киинэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: