Саха тылын, литэрэтиирэтин эксээмэнин 13 оҕо туттарда

Share

Быйылгы саха тылын уонна литэрэтиирэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэнин барыта 6 улуустан 13 оҕо туттарбыта. Саамай үрдүк 80 баал буолла.  

СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Саха сиринээҕи үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрин солбуйааччы Таисия Иванова: “Саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэн (ӨБКЭ)  бэс ыйын 2 күнүгэр буолбута. Эксээмэн саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр сорудахтара 3 чаастан турар. Бастакы чааһыгар 20 сорудах киирэр, 2 чааһыгар биэс уонна үһүс чааһыгар туттарааччы өйтөн суруйар ирдэбилэ 180 тыл киириэхтээх, онтон элбэх буолуон сөп. Ол эрээри, ортотунан 130 тылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.

Саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр үрдүк баалы Таатта улууһун Туора Күөл орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ангелина Борисова, Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Инна Лебедева, Мира Неустроева уонна Уус Алдан улууһун Лөгөй орто оскуолатын үөрэнээччитэ Дарина Сысолятина ылары ситистилэр”, — диэн иһитиннэрдэ.

Манна даҕатан эттэххэ, саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим эксээмэни саха салаатыгар, тылбааска киирээччилэр  туттараллар. Тустаах эксээмэни былырыын 7 оҕо туттарбыта диэн тэрийээччилэр этэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

13 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

28 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

43 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

58 минут ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago