Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үс бастыҥ педагога Дьокуускай куорат мээрин бириэмийэтин туттулар
Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын бастыҥ учууталларыгар туттарыллар 100 тыһ. солк. суумалаах “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыгын бириэмийэтин ылааччылар ааттара билиннэ. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрэр.
“Бу бэлиэ түгэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар итиэннэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр ананар. Уопсастыбаҕа учуутал оруолун, үүнэр ыччаты иитиигэ суолтатын бэлиэтиир. Куорат бастыҥ учууталларын, иитээччилэрин ситиһиилээх үлэлэрин холобурун, педагогикаҕа ураты уонна инники күөҥҥэ сылдьар быраактыкаларын атын үөрэх кыһалара туһаныахтара диэн эрэнэбин”, — диэн Евгений Григорьев бэлиэтиир. Бу туһунан Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын саайтыгар суруллар.
“Нууччалыы тыллаах үөрэх тэрилтэтигэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын бастыҥ учуутала” хайысхаҕа бириэмийэни, В.И.Малышкина аатынан 23-с нүөмэрдээх оскуола учууталыгар Таисия Кулакинаҕа туттардылар.
“Сахалыы тыллаах үөрэх тэрилтэтигэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын бастыҥ учуутала” хайысхаҕа кыайыылааҕынан тахсан, баһылык бириэмийэтин Саха политиэхиньиичэскэй лиссиэй учуутала Майя Осипова ылла.
“Сахалыы тыллаах уһуйаан бөлөҕүн бастыҥ иитээччитэ” хайысхаҕа бириэмийэ Е.Г.Корнилова аатынан 51-с нүөмэрдээх “Кэскил” уһуйаан иитээччитэ Мария Петроваҕа ананна.
Бэлиэтээн эттэххэ, “Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын бастыҥ педагогтарыгар туттарыллар Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыгын бириэмийэтин туһунан” куорат баһылыгын уурааҕа 2023 сыл олунньу 13 күнүгэр күүһүгэр киирбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: