Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ

Share

Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390, Саха АССР тэриллибитэ 100, саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 100 сылларын көрсө бу сыл сэтинньи 23-24 күннэригэр саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ ыытыллара былааннанар.

Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ учууталларын II сийиэһин  көрсө  элбэх кэпсэтиһии, чопчулаһыы, сүрүн соруктары торумнааһын бара турар. Сийиэс эрчитинэн ыытыллар сүрүн тэрээһиннэри С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр  үнүстүүт иилиир-саҕалыыр, сүрүннүүр тэрилтэ быһыытынан ананна.

2017 сыллаахха ыытыллыбыт саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи I сийиэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары улууһуттан, Дьокуускай куораттан 550 дэлэгээт уонна 49 ыалдьыт кыттыбыта. I сийиэскэ пленарнай мунньах, араас суолталаах тиэмэни таарыйар “төгүрүк остуол” уонна саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бырайыактыыр үлэ хас да хайысханан тэриллибитэ. Сийиэс дэлэгээттэрэ саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үүнэр көлүөнэҕэ, кэлэр кэскилгэ тиэрдэр, сайыннарар туһугар этиилэрэ туһааннаах тэрилтэлэргэ тиэрдибит этиилэрэ төһө олоххо киирбитин чинчийэн, үөрэтэн баран ол түмүгүнэн кэпсэтиһии буолара ирдэнэр.

I сийиэс кэнниттэн үөрэтии-иитии эйгэтигэр үгүс уларыйыы таҕыста. Быйылгы дьылга диэри тирэх быһыытынан туттуллубут Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕин судаарыстыбаннай ыстандаартыгар уларытыылар киирдилэр. Онно этиллэринэн, Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларын, нуучча тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиини кытта тэҥҥэ, күүскэ уонна толору үөрэтии туһунан этиллэр. Саха тылын учууталын быраабын, билиҥҥи үөрэх тиһигэр кини оруола, саха тыла уонна кэбиниэтэ, саҥа кэм ирдэбилигэр эппиэттиир сахалыы учуобунньуктар, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар саха тылын, уонна литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтии, оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии, төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ төрөппүт оруолун туһунан; куорат эйгэтигэр саха тылын үөрэтии кыһалҕатын уонна инникитин, саха тылын, литэрэтиирэтин, кэпсэтии тылын олимпиадатын, о.д.а. тыын боппуруостар, тоҕоостоох тиэмэлэргэ “төгүрүк остуоллар”,  санаа атастаһыылар ыытыллыахтара, иһитиннэриилэр буолуохтара, быыстапкалар тэриллиэхтэрэ.

Кэлэр 2023 сыл Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан дойду үрдүнэн Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэриллибитинэн, Саха сиригэр төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ, саха тылын сайыннарыыга сыһыаннаах тэрилтэлэри ситимнээх үлэҕэ киллэриигэ, саха тылын үөрэтэр учуутал ыстаатыһын үрдэтиигэ кэскиллээх чопчу этиилэри түмэн, буолаары турар сийиэс үлэтэ бу этиллибит хайысхаларынан, таарыллар тиэмэлэринэн, ыытыллар “төгүрүк остуолларынан” түмүктээх, таһаарыылаах буоларыгар быһаарыныылаах хамсааһыннар оҥоһуллан, дириҥ ис хоһоонноох санаа атастаһыылара тахсан, кэлэр III сийиэс үлэтин былаана онно тирэнэн торумнаныах тустаах.

Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр   үнүстүүт уопсастыбаннаһы кытта сибээһин салаата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

34 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

2 часа ago