Саха тылын порталын тургутан көрүүгэ сыл бүтүүтэ таһаарыахтара

Share

Саха тыла чөл хааларыгар, сайдарыгар кэлин салалта өттүттэн улахан болҕомто ууруллан, киэҥ далааһыннаах хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Олортон биирдэстэринэн саха тылын платформатын оҥоруу буолар. Куорпуһу сыл бүтүүтэ холбоон көрөр уонна эһиилгиттэн үлэлэтэр былааннаахтар.

“Ил Дархан, Бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн былырыыҥҥыттан саҕаламмыт үс сыллаах бырайыак. Манна араас төрүттэртэн түмүллүбүт тыллар киирэллэр. Быһа холуйан 15 мөл. курдук тыл киирэр. Былырыын уопсай балбааҥкатын оҥорбуппут. Туох сыыһалардааҕын, туох эбиллэрэ ирдэнэрин көрөр инниттэн сыл бүтүүтэ холбоон көрүөхпүт. Эһиилгиттэн үлэлиэхтээх.

Сайдыылаах атын омуктарга 1950-с сс. оҥоһуллубута, миллиардынан ахсааннаах тыллардаахтар. Онтон татаардар, башкирдар 1990-с сыллартан саҕалаабыттара”, — диэн Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун билимҥэ үлэһитэ Василий Бочкарев этэр.

Көннөрү дьоҥҥо туох туһалаах буолуоҕай диэн ыйытыыга: “Мантан тахсар бородуукталар туһалаахтар. Холобур, бу куорпус көмөтүнэн элбэх, саҥа тылдьыттар, сервистэр оҥоһуллуохтарын сөп. Нуучча тылыгар саҥарар саҥаны тиэкискэ уларытан биэрэр сервистэр бааллар. Маннык сервистэр нөҥүө холбонон киэҥник тарҕаммыт “Алиса” эҥин үлэлииллэр. Саха тылыгар билиҥҥитэ тирэх суох. Дьиҥэр, сахаларга даҕаны ити курдук бородууксуйалары оҥоруон баҕалаах, кыахтаах дьон элбэх эрээри, куорпус суох буолан кыаллыбакка турар. Маны оҥорорго улахан бааза уонна билим тирэҕэ ирдэнэр, биһиги ону бэлэмниибит. Оччотугар программистар онно холбонон сахалыы араас бородууксуйалары оҥорон таһаарар кыахтаныахтара”, — диэн бэрт судургутук уонна тиийимтиэтик быһаарда.

Быһаччы суруналыыстар үлэлэринэн холобурдаатахха, инникитин диктофоҥҥа уһулбут интервьюбутун, анал бырагыраама нөҥүө көмпүүтэр бэйэтэ сыыһата-халтыта суох тиэкискэ түһэрэн биэриэҕэ. Эбэтэр омук ойуулуктарын, киинэлэрин тута сахалыы саҥардан көрөр кыахтаныахпыт. Бу ордук оҕо сахалыы тылланыытыгар төһүү күүһүнэн буолуоҕа. Онон куорпус ситтэҕинэ-хоттоҕуна саха тыла сыыппараҕа киирэр усулуобуйатын хааччыйыаҕа. Тустаах бырайыагы Национальнай бибилэтиэкэни, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта кыттыһан олоххо киллэрэллэр.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
1
+1
0
+1
4
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

58 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

16 часов ago