Кэнники кэмҥэ саха тылынан ыраастык саңарар, кэпсэтэр туһунан боппуруос өссө күүскэ күөрэйэн тахсан иһэр. Кырдьык, ийэ тылбытынан саҥарар култуурабыт намтаан иһэрэ долгутар. Улахан дьон элбэх нууччалыы кыбытык тыллары туттара сэдэҕэ суох. Онтон оҕолору ылар буоллахха, оҕо аныгы үйэ тэтимигэр оҕустаран, гаджеттары кытта тэҥҥэ улаатан, нууччалыы саҥарар-иҥэрэр буолан иһэр. Бэлиэтииллэринэн, сэттис кылаастан кыралар нууччалыы эрэ саҥараллара ордук баһыйар. Маны биһиги хайдах көннөрүөхпүтүн сөбүй?
Төрөөбүт тылбыт дьылҕатын туһугар кыһанар дьон Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ «Саха тылын сайдыыта» түмсүү тэрийдилэр. Бу түмсүү туһунан Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин дириэктэрэ Коврова Ирина Куприяновна билиһиннэрдэ.
— Ирина Куприяновна, түмсүү туһунан сырдатыаххыт дуо?
— Саха тыла кэнэҕэски ыччаппытыгар умнулла быһыытыйан эрэр диэммит түмсүү тэрийэн үлэбитин саҕалаан эрэбит. Ыччаппыт төрүт саҥатын баһылыырыгар, төрүт култуурабытын, төрүттэрбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын билэригэр сыал-сорук туруорабыт.
1990-с сылларга, саха кэнсиэпсийэтэ киирэригэр, төрүт култуурабытын, тылбытын сайыннарыыга күүстээх үлэ барбыта. Онтон билигин, аныгы үйэ тэтимигэр, сытыы кыһалҕа үөскээтэ — сахалыы ыраастык саҥарыы.
— Түмсүү үлэтигэр туох былааннааххытый?
— Саха тылын сөргүтэргэ ситимнээх үлэ наада. Нэһилиэк тэрилтэлэрэ көмөлөөн биир былаан оҥоруохпут. Билигин, быһа барыллаан эттэххэ, былааҥҥа «Саха КВН», сахалыы ойуулуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Айар аартык» бэстибээл, «Айар кут биһигэ» дьиэ кэргэн бэстибээлэ, «Остуоруйа эйгэтин тэрийии» бырайыак толкуйдуу сылдьабыт.
Дьиэ кэргэн бэстибээлин олунньу 13 күнүгэр тэрийээри сылдьабыт. Бэстибээл тыл күнүгэр, дойдубутугар дьиэ кэргэн сылыгар туһайыылаах буолуоҕа. Бу күн сахалыы тыыннаах блогердары, улууспутуттан ыалдьыттары ыҥырыахпыт.
— Сахалыы ыраастык, толорутук саҥарарга хайдах, туохтан саҕалыахха сөбүй?
— Сахалыы тылланыы, сахалыы толкуй барыта кыраттан саҕаланар. Холобур, куйаар ситимигэр оҕолор нууччалыы тыллаах ойуулуктар оннугар сахалыы тылбаастаммыт ойуулуктары көрүөхтэрин сөп: «Үс куоска», «Кырачааннар» уонна д.а.
Сахалыы тыл эйгэтэ дьиэ иһигэр үөскүүр диэн өссө бэлиэтиэххэ сөп. Холобур, оҕолор ыраастык саҥаралларыгар эбэлэр-эһэлэр саҥарар саҥалара, туттар тыллара тыыннаах холобур буолуон сөп. Төрөппүт бириэмэни бииргэ атаарарга, оҕону гаджеттан тэйитэргэ дьулуһуохтаах.
— Бу түмсүүгэ кимнээх киирдилэр?
-«Саха тылын сайдыыта» түмсүүгэ нэһилиэкпит араас салааларыттан бэрэстэбиитэллэр киирдилэр: оскуола, эрэдээксийэ, култуура, түмэл, эбии үөрэхтээһин, нэһилиэк дьаһалтата. Былааннаммыт пуорум кэнниттэн тылбыт сүппэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар дьон түмсүүгэ киириэхтэрэ диэн эрэллээхпит.
Анастасия Сергеева,
П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ.
Хаартыскалар «Саха тылын сайдыыта» түмсүүттэн.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…