Тохсунньу 30 күнүгэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын саалатыгар «Алгыстаах сахам тыла» саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын уопсастыбаннай түмсүүтэ тыйаатыр кэлэктиибин кытта көрсүһүүтэ буолан ааста.
Манна түмсүү салайааччыта, Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Борисова Марианна Николаевна, Саха-политехническай лицей саха тылыгар, литературатыгар учуутала, куорат оскуолаларын саха тылын, литературатын, култууратын методическай холбоһугун салайааччыта Заболоцкая Ульяна Васильевна уонна Дьокуускай куорат үөрэххэ салалтатын сүрүннүүр үлэһитэ Новгородова Варвара Степановна кыттыыны ыллылар.
Учууталлар билиҥҥи кэмҥэ оҕо төрөөбүт төрүт тылынан саҥарыыта аҕыйаан эрэрин туһунан сүрүн кыһалҕаны таарыйдылар. Маныаха, тыйаатыр кэллэктиибин үлэһиттэрэ санааларын эттилэр. Бары даҕаны, сүрэхтиин-быардыын сахабыт тыла сайдарын туһугар «ыалдьар» дьон мустан, икки өттүттэн кэскиллээх этиилэр киирдилэр.
Дьокуускай куоракка билиҥҥи үөрэнээччи куттуун-сүрдүүн кытта нуучча буолан эрэрин иһин Марианна Николаевна дьаарханарын биллэрдэ. Ол даҕаны буоллар, саха тыла сайдыытын, үөрэнээччигэ иҥэрин туһугар үлэ бөҕө барарын кэпсээтэ. Ити эрээри, үлэ күүскэ барарыгар өссө туох эрэ үтүө дьайыылаах түбүктэр, тэрээһиннэр баар буолуохтаахтарын туһунан биллэрдэ. Маныаха, куорат усулуобуйатыгар, саха тылын учуутала биир кылааска 40 оҕону үөрэтэрэ ыарахаттардаах буолан, бэйэтэ туспа улахан кыһалҕа диэн санаатын эттэ. Ону сэргэ, хайдахтаах даҕаны түгэҥҥэ төрөөбүт тылы кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыы аан бастаан дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах диэтэ. Манна даҕатан, Варвара Степановна оскуолаҕа төрөппүт ханнык баҕар түгэҥҥэ сайабылыанньа суруйан, оҕо саха кылааһыгар көһөрүн ситиһиэн сөбүн туһунан санатта.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, РФ уонна СӨ норуодунай артыыһа Алексей Прокопьевич Павлов урукку кэмҥэ холоотоххо, билигин саха тылын үгүс эйгэҕэ туттуу сайдыбытын туһунан санатта. Ону таһынан, тыйаатыр саха тылыгар сыһыаннаах куонкурустары, атын үлэлэри, бырайыактары тэрийэн, ханнык баҕарар кэмҥэ саха тыла сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтаах диэн санаатын үллэһиннэ.
Салгыы, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үлэһиттэрэ актыыбынайдык бэйэлэрин көрүүлэрин билиһиннэрдилэр. Ол курдук, аныгы олох сиэринэн саха тылын бары эйгэҕэ киллэрэ сатыахха, ютуб-ханааллары, плей-маркекка анал сыһыарыылары толкуйдаан, тылбаастары оҥорон, тыйаатырга оскуола бырагырааматынан сахалыы испэктээкиллэри туруоран, үлэ күүскэ ыытыллыахтааҕын туһунан санааларын эттилэр.
Онон, инникитин «Алгыстаах сахам тыла» саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын уопсастыбаннай түмсүүтэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кытта биир соругунан сирдэтэн, сүбэлэһэн үлэлэһэр хайысхалары торумнастылар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…