Саха тылын туһугар!
Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ үс күн устата киэҥ бырагыраамалаах ааста. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан 548 дэлэгээт кытынна.
Тыл түмэлэ
Быйылгы сийиэс биир бэлиэ тэрээһининэн “СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын виртуальнай түмэлэ” бырайыак сүрэхтэниитэ буолар. Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрэ Саргылаана Максимова: “Портал – интерактивнай түмэл. Түмэл, тоҕо диэтэххэ, холобур буолар иһитиннэриини (эталонная информация) билиһиннэриэҕэ. Ол эбэтэр ким даҕаны саарбахтаабат, тыл эйгэтин саамай үрдүк таһымнаах исписэлиистэрэ иһитиннэриилэрин үллэстиэхтэрэ”, – диэн эттэ. Портал ис хоһооно саҥардылла туруоҕа, билиҥҥитэ 400 мультимедийнэй тиэкис, хаартыска, аудио-видео матырыйаал киирбит. Порталга бибилэтиэкэ new.nlrs.ru. сигэтинэн киириллэр. Итиэннэ аан маҥнайгытын саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуура учууталлара Национальнай бибилэтиэкэ 20 сыл устата муспут электроннай бибилэтиэкэтин туһаналларыгар толору көҥүлү биэрэбит диэн иһитиннэрдэ. Бу учууталларга тугунан да кэмнэммэт бэлэх буолар.
ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун саха тылын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Дария Чиркоева билиһиннэрдэ. “Саха тылын устуоруйатыттан саҕалаан, үөрэтиитигэр тиийэ бу бырайыак улаханнык сырдатта. Ситим түмэлигэр ирдэбил быһыытынан саха тылын устуоруйатыгар анаммыт 20 матырыйаал киирдэ, салгыы байытыллыахтаах. Ону таһынан, тылга сыһыаннаах 20 араас киинэ киирдэ. Холобур, С.А.Новгородов олоҕун-дьаһаҕын, Е.И.Убрятова, Е.И.Коркина туһунан киинэлэри көрүөххүтүн сөп”, – диэн бэлиэтээтэ.
Сахалыы үөрэтии
Хас биирдии хаһыаты ааҕааччы, тыл туһугар ыалдьар киһи сыллата сахалыы үөрэнэр оҕо төһө элбээбитин, аҕыйаабытын сэҥээрэр. Үөрэх уонна билим миниистирэ сийиэс сүрүн мунньаҕар аахпыт дакылаатыгар сигэннэххэ, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 637 оскуола баарыттан, 478 оскуола (75%) сахалыы үөрэтэр уонна саха тылын биридимиэт итиэннэ кэпсэтии тылын быһыытынан үөрэтэр. Онтон атыттара (25%) нуучча тылынан үөрэтэллэр. Оттон 748 уһуйаан баарыттан, 493-гэр (66%) сахалыы хайысхалаах диэн ыйыллар.
Манна даҕатан педагогика билимин хандьыдаата Т.И.Петрова: “Уопсай үөрэхтээһин сахалыы орто оскуолатыгар оҕо 9 кылаас бүтүөр эрэ диэри төрөөбүт тылынан үөрэнэр, ол иһигэр 1963 сылтан ыла математиканы, физиканы 7 кылаастан, химияны 8 кылаастан, биологияны 9 кылаастан нууччалыы үөрэтии саҕаламмыта. 1992 сыллаахха “СӨ национальнай оскуолалары саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ” киирбитин кэннэ ити биридимиэттэри үөрэтэр кинигэ тылбаастанан, билигин сахалыы үөрэнэр кыах саҥа баар буолан эрэр.
Ол эрээри төрөппүт үөрэтии тылын талар быраабын туһанан, саха үөрэхтээх өттө оҕотун нууччалыы үөрэтэр кылааска биэрэр буолбута ыраатта. Итини таһынан үгүс бырамыысыланнай оройуон киинигэр уонна Дьокуускай куоракка сахалыы иитэр уһуйаан, сахалыы үөрэтэр кылаас суох эбэтэр ахсаана аҕыйах буолан, холобур, 1996 сылга саха оҕотун 16,4 %, ол аата оскуола саастаах 81 200 оҕоттон 14 тыһыынча саха оҕото төрөөбүт тылын үөрэппэт”, – диэн 1996 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр суруйбут. Бу үөһээҥҥи икки сыыппараны тэҥнии туттахха, бүгүҥҥү балаһыанньа ырылхайдык көстөр.
Түмүктүүр мунньахха
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков сийиэс этэҥҥэ барбытын, тэрээһиннэрэ балай да табыллыбыттарын этэн туран, педагогтар күһүҥҥү уопсай сийиэстэрин кэнниттэн оҥорумаары гынан баран оҥоһуллубутун аһаҕастык этэр ирдэнэрин, саха тылыгар туспа суолта бэриллибитэ, үгэс кэһиллибэтэҕэ үчүгэйин ыйда. Итиэннэ резолюцияҕа сийиэс дэлэгээттэрин этиитин киллэриэххэ – сийиэһи үстүү сыл буола-буола тэрийиэххэ диэн санаатын биллэрдэ. “Бу билигин ылбыт соруктарбытынан чопчу үлэлээн баран, туох сатамматаҕын, кыайтарбатаҕын, эбии баарын кэтээн көрө сылдьан сотору мустуоҕуҥ. Кыһалҕа улахан, онон болҕомто эмиэ улахан буолуохтаах.
Кыһалҕабытын сүнньүнэн икки гына араардыбыт быһыылаах. ФГОС тула боппуруостарга салалта үлэлиэхтээх диэн бэҕэһээ өйдөспүппүт. Чаастары туруорсуу, үөрэх кинигэтинэн хааччыйыы эҥин өттүгэр өрөспүүбүлүкэ, үөрэх салалтата итиннэ күүскэ үлэлиэхтээх. Онтон ис кыахтар барыбыт кыһалҕабыт, ол иһигэр эһиги эмиэ. Ис кыахтарга санаалар этиллибиттэрэ, резолюцияҕа киирбиттэрэ хайҕаллаах. Олор истэригэр бэрт суолталаах этиилэр бааллар”,–диэн эттэ.
Бырамыысыланнай улуустарга, ордук бөһүөлэктэргэ сахалыы оскуолалар, кылаастар ахсааннарын көрөр наадатын ыйар. “Икки холобуру ааспыт сийиэскэ этэн турабын. Ол кэнниттэн туох даҕаны хамсыы илик. Усуйаанаҕа 1989 сыллаахха 42 тыһ. киһи олорор этэ, билигин 6 тыһ. эрэ тахса киһи. Оччолорго нэһилиэнньэтэ 4 тыһ. саха этэ уонна олохтоох төрүт омуктар. Олор ахсааннара аҕыйаабата, нэһилиэнньэтэ 6 тыһ. тиийэ түстэ, Депутатскайга сахалыы үөрэппэттэр – сахалыы уһуйаан да, оскуола даҕаны суох. Үөрэх министиэристибэтэ итинэн дьарыктаныахтаах, төрөппүттэри, улуус салалтатын кытта үлэлиэхтээх, ирдэнэр түгэнигэр Бырабыыталыстыбаҕа тахсыахтаах.
Баатаҕайтан уһуйаан сэбиэдиссэйэ бэркэ тыл эппитэ. Верхоянскайга 1989 сыллаахха 22 тыһ. киһи олорор этэ. Билигин 10 тыһ. иһинэн-таһынан хаалла. Баатаҕайга билигин баара-суоҕа 4 тыһ. кыайбат киһи олорор, саха нэһилиэнньэтэ киирэн олохсуйда. Түөрт уһуйааннаахпыт диэбитэ, биир даҕаны сахалыы уһуйаан суох. Уонна кэлэн оскуолаҕа киирэр оҕолорбут сахалыы билбэттэр диибит. Түөрт уһуйаантан биирин сахалыы оҥоруҥ диэн биэс сыллааҕыта этиллибитэ”, – диэн чорботон бэлиэтээтэ.
Литэрэтиирэни, эдэр суруйааччылары туһаныахха диэн норуот бэйиэтэ Н.И.Харлампьева, учуутал, бэйиэт Р.Н.Каженкин сөпкө эппиттэрин ыйар. Ол гынан баран Пушкин, Лермонтов таһымнарыгар этиллибит классиктар айымньыларын, оҕоҕо тиийимтиэни аныгы үйэ ирдэбилинэн уларытыахтаахпыт эрэ диэн солбуйар хайдах даҕаны табыллыбатын этэр.
Аны үөрэх кинигэлэрэ олус ыарахаттар диэн иһитиннэриигэ, бэрэпиэссэр Г.Г.Филиппов түөрүйэттэн халбаҥнаабакка оҥоһуллуохтааҕын сөпкө эппитин, үөрэх кинигэтэ сахалыы сатаан саҥарбат буолбут оҕо дуу, сахалыы сатаан өйдөөбөт, бутуйан саҥарар төрөппүт ирдэбилинэн дуу оҥоһуллуо суохтааҕын ыйар. “Үөрэх кинигэтэ базовай канон быһыытынан хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Дьэ ол кэнниттэн сатаан өйдөөбөт, саҥарбат кыһалҕалаахтарга атын үөрэх кинигэлэрин, мэтиэдикэни оҥоруҥ. Тылбыт мөлтүүр дии-дии мөлтөх үөрэх кинигэлэрин оҥорон истэхпитинэ, олох даҕаны нууччалыыга эбэтэр английскайдыы тылга көһүөхпүт. Онон үөрэх кинигэлэрэ базовай уонна олохтоох ирдэбиллээх буолуохтаахтар. Биллэн турар, тылын-өһүн көрөр ирдэнэр. Ол гынан баран, биһиги онтон чугуйарбыт сатаммат”, – диэн халбаҥнаабаттык эттэ.
Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева урут саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын сийиэһэ диэн суоҕун, 2017 сыллаахха саҕаламмыта туһалаах эбит диэн улаханнык үөрбүтүн, салгыы үгэскэ кубулуйан ыытыллыа, хаһан эрэ 30-с сийиэс буолуо диэн эрэнэрин биллэрдэ.
“Бу күннэргэ саамай элбэхтик туруорбут боппуруостарынан ФГОС киириитигэр салгыы хайдах үлэлиирбит туһунан буолла. Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт, Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ сөптөөх туһаайыллыбыт мэтэдиическэй сүбэни (саха тылын, литэрэтиирэтин үөрэтиигэ үөрэх былаанын, бырагырааматын, үөрэтэр кэмпилиэги) сиһилии суруйан ыыталларыгар баҕа санаабын этэбин. Тоҕо диэтэххэ, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ орто үөрэхтээһин ситимигэр киирбитинэн уратылар бааллар.
Билигин чааһы чөлүгэр түһэрэргэ дьаһал баар буолла, балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи бирикээс.
Аны кылаастары бөлөхтөргө араарыыны өр туруорустугут. Бу барыта нормативка көрүллэн, оскуолаларга тиийэн, хааччыллан, үлэҕэ хайдах киирэрэ барыбытыттан тутулуктаах.
Бырамыысыланнай улуустар, бөһүөлэктэр элбэхтик туруорсаллар. Мииринэй, Алдан, Ленскэй улуустар, Баатаҕай, Сангаар, Зырянка, Депутатскай бөһүөлэктэр курдуктарга үлэни миэстэтигэр күүскэ ыытар, улуус үөрэҕин начаалыньыктара маннык мунньахтарга кэлэн кытталлара ирдэнэр. Итиэннэ бу курдук мунньахтарга үп-харчы үлэһиттэрэ (финансист) сылдьыбат, ис хоһоону өйдөөбөт түгэннэригэр тус-туспа көрүү барыан сөп. Үөрэххэ сыһыаннаах тэрилтэлэр бары кыттыстахпытына эрэ хоннохтоох хамсаныылары оҥоруохпутун сөп”, – диэн бэлиэтээтэ.
Саха тылын – атын хараҕынан
Быйылгы сийиэскэ оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ чааһынайдар уопуттарын, сахалыы тыллаах блогердар холобурдарын дэлэгээттэр биһирии ылыннылар. Холобур, Анатолий Бурнашев “Сахат” чааһынай оскуолатын, “Күнтэгил” уһуйаанын билиһиннэрэр түһүлгэҕэ Ил Түмэн саалатыгар дьон баппат гына элбэх киһи мустубут диэн иһитиннэрбиттэрэ. Тустаах оскуола, уһуйаан холобурун сорох өттүн учууталлар, иитээччилэр туһанар кыахтаахтар.
Аны “Саха тыла поликультурнай үөрэх эйгэтигэр” түһүлгэҕэ эмиэ элбэх киһи муһунна. Бүгүҥҥү күҥҥэ тыҥаан турар хас даҕаны улахан боппуруостары биир түһүлгэҕэ түмпүт буолан, дэлэгээттэр тыл этэллэригэр олох аҕыйахтыы мүнүүтэ бэрилиннэ. Холобур, аныгы икки тылланыы кэмигэр сахалыы эйгэни тэрийиигэ уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри өйүүр уонна сайыннарар үлэ туһунан кэпсэтиһиигэ улахан ырытыһыы буолла. Икки тылланыы эйгэтигэр идэтийэр уйулҕа үлэһитэ, “Сайдыс” оҕону сайыннарар киини төрүттээччи Юлия Андросова: “Икки тыллаах эйгэҕэ улаатан, оҕолорбут сылтан-сыл аайы төрөөбүт тылларын билэр таһымнара түһэн иһэрин билэбит. Холобур, алта сыл анараа өттүгэр биһиэхэ нууччалыы-сахалыы бутуйан саҥарар оҕолор кэлэллэр диир эбит буоллахпытына, билигин букатын сахалыы саҥарбат оҕолор кэлэллэр. Оттон нууччалыы-сахалыы бутуйан саҥарыы улуустарга бэлиэтэнэр. Аҕыйах сылынан оҕолорбут төрөөбүт тылларын билбэттэр диир төрөппүттэр элбээн иһиэхтэрэ.
Билигин төрөппүттэр, оҕобут сахалыы тылынан оскуолаҕа, кылааска эрэ сайдар кыахтаах диэн өйдүүр. Оннук буолбатах, оҕобут сахалыы билиэн баҕарар түгэммитигэр туох баар эйгэтин барытын кэҥэтиэхтээхпит. Ол иһин улуустарга, улуус кииннэригэр фольклор куруһуогун таһынан сахалыы куруһуоктары асталааҥ. Биһиги ментальнай арифметикаҕа, түргэнник ааҕа үөрэнии, дуобат куруһуоктарыгар, о.д.а. сахалыы дьарыктыыбыт”, – диэн эттэ. Юлия Владимировна маннык, сахалыы тыллаах куруһуоктар элбиэхтээхтэр итиэннэ төрөппүккэ өйдөтөр үлэ барыахтаах диэн санаатын үллэһиннэ.
Итини сэргэ сахалыы тыллаах “Күөрэгэй” түмсүү уопутуттан кэпсээтэ. Бу түмсүүгэ ийэлэр бааллар, бэйэлэрин икки ардыларыгар араас тэрээһиннэри, атын ийэлэргэ оҕону сахалыы иитиигэ өйдөтөр үлэни ыыталлар. Бэл диэтэр, улуустарга тиийэллэр.
Бу түһүмэх эспиэрэ, тыл билимин дуоктара И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан: “Икки тылланыы диэн кэлин муода курдук буолла. Маҥнай биир тылланыы баар буолуохтаах – төрөөбүт тылынан. Ол аата тугуй? Оҕо саҥарар уорганын сайыннарар. Ол саҥарар уоргана кэһилиннэ даҕаны хайа да тылынан саҥарбат буолар холобурдара баар. Онон саҥарар уоргана сайыннаҕына уонна олоҕурдаҕына эрэ иккис тылы үөрэтиэн сөп. Манна дьоппуоннары холобурдуохха сөп, оҕолорун аҕыс сааһыгар диэри атаахтаталлар. Онтон аҕыс сааһын туолла даҕаны сахалыы чанчыгыттан ылаллар, эн дьоппуоҥҥун диэн иитэллэр. Бу омукка оҕо аҕыс сааһыгар дьоппуон буоларын билэр. Биһиги оҕобут саха буоларын хас сааһыгар билэр? Билэр дуу, суох дуу? Биһиги икки-үс сааһыттан артикуляционнай баазатын бутуйан кэбиһэбит. Онон саҥарар уоргана ситиэр диэри төрөөбүт тылынан ииттэхпитинэ эрэ сахалар буолан хаалыах этибит. Үрдүттэн икки тылланыы диэн этэн кэбиһии бутуур тыл-өс”, – диэн этиитэ элбэх киһини толкуйдаппыт буолуохтаах.
Учууталлар түмсүүлэрин салайааччытын таллылар
Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сайдыы” түмсүү салайааччытынан иккис төгүлүн Жанна Барашкованы таллылар. Тэрээһин отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕар мустубут учууталлар түмсүү үлэтин үрдүктүк сыаналаан: “Үлэ иһин-таһын биллэ, учууталлар даҕаны сибээһи тутар буоллубут, ханнык даҕаны түгэҥҥэ ыйытыыны хоруйа суох хаалларбат”, — диэн өйүүллэрин биллэрдилэр.
Жанна Федоровна бэйэтэ: “2017 сылтан биэс сыл устата түмсүүнү салайан кэллим. Бу уопсастыбаннай үлэ, бэйэм үлэм быыһыгар толордум. Сахабыт тыла дьүдэйэн эрэрин көрөн, санаам түһүөхчэ буолан, ылыстахха сатаныыһы диэн, төрөөбүт тылбыт туһугар ис сүрэхпиттэн үлэлээтим. Дьонум-сэргэм сыаналаан, иккистээн таллылар. Аныгыскы сийиэс, баҕар, биэс, баҕар, үс сылынан буолуо. Онон күүһүм-кыаҕым баарынан турунабын. Саха тылын учууталларын кэккэтэ күүстээх, чэгиэн, көмөлөһөр кыахтаах дьон элбэхтэр. Уонна салалта да өттүттэн ханна баҕарар өйүүр, “ыалдьар” дьон бааллара санааны кынаттыыр, үөрдэр. Биир үксүн ол да иһин уопсастыбаннай үлэҕэ сөбүлэстим”, — диэн санаатын үллэстэр.
Ыйааһыннаах, ыллыктаах этиилэр
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников сийиэскэ этиллибит этиини тиһиккэ тиһэн, былаан оҥорон тарҕатыахпыт, сорудахтары толорооччулар элбэх буолуохпут уонна хас биирдии пуун болдьохтоох, туһааннаах толорооччулаах буолуо диэн түмүк мунньахха эттэ. “Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын сийиэһин биэс сылга биирдэ буолбакка, үс сылынан ыытарга кыттааччылар элбэхтик эттигит. Ол этиини биһиги өйдүүбүт, билигин кэм тэтимэ олус түргэтээтэ, күүһүрдэ. Уон сыл анараа өттүгэр уонна билигин олохпут тэтимэ олох атын, уларыйыылар киирэ тураллар, саҥа тургутуулар кэлэ тураллар. Онно тоҕоостоохтук хоруйдуур гына сийиэспитин үс сыл буола-буола ыытарбыт сөптөөх эбит диэн ааҕабын. Ол гынан баран манна быһаарыы ылылынна дии санаамаҥ. Быһаарыыны Ил Дархан А.С.Николаев ылар. Сөптөөх быһаарыы ылынан биһиэхэ, эһиэхэ тиэрдиэҕэ диэн эрэнэбит, – диэн эттэ.
Итиэннэ сыллата, үөрэх дьылын түмүгүнэн саха тылын уонна төрүт норуоттар тылларын туругун туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ судаарыстыбаннай дакылааты оҥороругар этии киллэрдэ. Манна туох үлэ барбытын, ханнык улуус, оскуола көрдөрүүтэ, хас оҕо саха тылын үөрэтэрэ, аччаабыта, хас оскуола хайдах таһымҥа, ханнык мадьыалынан үөрэтэрэ, о.д.а. көрдөрүү киириэхтээх.
Түмүгэр: “Өрөспүүбүлүкэҕэ (улуустарга, куоракка) сыллата бэрт элбэх оскуола тутуллан үлэҕэ киирэр. Бу оскуолаларга, чуолаан Дьокуускай куорат оскуолаларыгар булгуччу саха тылынан үөрэтэр уонна саха тылын биридимиэтигэр үөрэтэр кылаас баар буолуохтаах, хас биирдии саҥа киирэр оскуолаҕа. Ол туһугар үлэлиэхпит”, – диэн бэлиэтээтэ.
Санаалар
Диана Никутова, Нерюнгри куорат 13-с нүөмэрдээх оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала:
– Соторутааҕыта ааҕыллыбытынан, Нерюнгри оройуонугар 3000 курдук саха олорор, онтон 2 тыһыынчата – куоракка. Бу баара-суоҕа 2,5 % тэҥнэһэр, куоракка 70 тыһ. тахса киһи олорор.
1985 сыллаахха биһиэхэ “Саха аймах” уопсастыбаннай түмсүү тэриллибитэ, быйыл ахсынньыга 25 сылбытын бэлиэтиибит. Иллэрээ сыл дойду бэрэсидьиэнин граныгар кыттан, мөлүйүөн аҥаарын сүүйэн, улахан үлэни ыыта сылдьабыт. “Саха эйгэтэ” диэн көһө сылдьар түмэл оҥостон, Нерюнгри бары бэлиэ тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабыт.
Уон сыллааҕыта 15 оскуолаҕа төрүт култуура уонна саха тыла үөрэтиллэр эбит буоллаҕына, күн бүгүн үс эрэ оскуолаҕа үөрэтэллэр. Алын кылаастарга учууталлар чаастара тиийбэт буолан, араас омук дьоно бэйэлэрэ хайдах сатыылларынан үөрэтэ сылдьаллар.
Биһиэхэ култуура салаатыгар барытын иилиир-саҕалыыр исписэлиир ирдэнэр. Нууччалыы тыллаахтарга төрүт култуураны үөрэтиини төнүннэрэрбит эбитэ буоллар диэн этиилээхпит.
Нина Черепова, Аллараа Халыма улууһун Халыма сэлиэнньэтин орто оскуолатын саха тылын учуутала:
– Быйылгы сийиэскэ улахан, таһымнаах мунньах ыытылынна уонна тэрээһинэ элбэх. Ааспыт сийиэс түмүгүнэн ылыллыбыт былаан туолбута үөрдэр. Уопсайынан, сыыппара эйгэтигэр саҥа көрүүлэри, саҥа технологиялар киирбиттэрин биһирээтибит. Саха тыла сүтэн-оһон эрэр диэн хомойор табыллыбат. Саха тыла билигин орто таһымҥа турар. Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын курдук турукка киирбэтин туһугар эрдэттэн сийиэс курдук тэрээһиннэр ыытыллаллара үчүгэй.
Мин өр сыл үлэлээбит киһи быһыытынан, саха тылын үөрэтиигэ, мэтиэдикэтигэр балачча элбэҕи билэбин дии саныырым. Ол гынан баран, бу сырыыга бэрт элбэҕи биллим, иһиттим, үгүс учууталы кытта билистим, кыахтаах учууталлар үгүстэр. Кинилэр курдук дьон баарын тухары саха тыла сүтэн-симэлийэн барыа суоҕа диэн эрэллээхпин.
Түмүк
Быйыл Саха АССР тэриллибитэ 100 сыла, «СӨ тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сыла. Сийиэскэ үрдүк салайааччылартан саҕалаан биирдиилээн тыл туһугар туруулаһар дьоҥҥо тиийэ кытыннылар. Онон болҕомто ууруллубата диир табыллыбат. Ол эрээри, оҕобутун учуутал дуу, иитээччи дуу сахалыы тылга үөрэтиэ эбэтэр ханнык эрэ салайааччы аптаах дьаһалы ылан оҕобут сахалыы саҥаран кэлиэ диэн ону кэтэһэн олорор, эрэнэр табыллыбат. Оҕотун кытта төрөппүт бэйэтэ сахалыы кэпсэппэтэҕинэ ким да кэлэн кини оҕотун үөрэппэтэ чахчы. Тоҕо эрэ чиэппэр бүтүүтэ сыана туһугар өрө мөхсөбүт, оттон төрөөбүт тылларын билиилэрин дьаалатынан ыытан кэбиһэбит.
Аны төрөөбүт тыл туһугар Тыл уонна сурук-бичик күнүгэр дуу, биэс сылга биирдэ ыытыллар сийиэс кэмигэр дуу өрүкүнэһэн баран тохтоон хаалбакка, сылы эргиччи үлэлиир тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллара ордук көдьүүстээх буолуох этэ.
Түмүккэ биири бэлиэтиир оруннаах. Саха тылын сайыннарар туһугар турууласпыппыт быданнаата, ааспыт сийиэстэн лоп-курдук биэс сыл ааста эрээри, сийиэскэ сылдьан көрдөххө-иһиттэххэ, күн бүгүҥҥэ диэри учууталлар оннуларыттан ойон тура-тура чаас көҕүрээбитин туһунан этинэллэр. Тоҕо? Аны үс дуу, биэс дуу сылынан тэриллэр сийиэскэ эбэтэр аны уонча-сүүрбэччэ сылынан эмиэ бу боппуруоска эргиллэн кэлэ туруох бэйэбит дуу…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: