Салгыы
Саха тюльпана – саас кэрэһитэ

Саха тюльпана – саас кэрэһитэ

Ааптар:
09.03.2024, 13:00
Егор Карпов хаартыскалара
Бөлөххө киир:

Ханнык сибэкки Саха сиригэр саас кэлэн эрэрин туоһута буоларый? Суох, таайбатыгыт. Ньургуһун харалдьыкка бытыгырыан иннинэ… тюльпан сибэкки кулун тутар 8 күнүгэр саха үгүс ыалын дьиэтигэр тэтэрэр. Дьахталлар аан дойдутааҕы бырааһынньыктарыгар, кулун тутар саҥатыгар, ыраах соҕуруу дойдулартан сүүһүнэн тыһыынча истиэп кэрэчээн киэргэлэ биһиги тымныы дойдубутугар тиэйиллэн кэлэр.

ХОТУ ХАЙДАХ КЭЛЭРИЙ?

Бастакы тюльпаммын 1992 сыллаахха атыыласпытым. Кылааспынан сааскы өрөбүллэргэ куоракка киирэр чиэс­кэ тиксибиппит, ону туһанан уолаттар бары ийэлэрбитигэр биирдии умнас тюльпаны ылбыппыт. Суолу быһа ол сибэккибин имиппэтэх, тоһуппатах киһи диэн сордоммуппун өйдүүбүн. Хата, син сириллибэт туруктаах тиийээхтээбитэ.
Оччолортон бэрт сотору­тааҥҥыга диэри тюльпаны эмиэ син атын сибэккилэри курдук массыынанан, сөмөлүөтүнэн тиэйэн аҕалаллар. Эрдэ буортурбатын туһугар арылла илик дьөрбөлөөх сибэккилэри рефрижератор иһигэр ыга хаалаан тиэйэллэр. Хомойуох иһин, маннык тиэл­лэн кэлбит сибэкки өр турбат, сэбирдэҕэ толору арыллыан иннинэ “буорту” буолар. Онон хоту арыллыбыт тюльпаны көрбүт киһи ахсааннаах этэ.
Арай бэрт соторутааҕыта сорох дьон бу сибэккини Саха сиригэр үүннэрэн саҕалаабыттара.

САРДААНА УРУУТА

Тюльпан уонна сардаа­на лилиялар диэн ааттанар үүнээйилэр этэрээттэригэр киирэллэр. Бу этэрээт биир сүрүн уратыта, луковица диэн ааттанар бөлчөхтөн силис тардаллар. Бу бөлчөх икки сыл кэриҥэ сөптөөх усулуобуйа үөскүөр диэри хараллыан сөп.

СААҤСЫЙА МОҺУОГА

19-с үйэттэн саҕалаан тюльпаны олордууга бастыҥ дойдунан Голландия буолар. Арассыыйа атын дойдулар курдук бу дойдуттан атыылаһар этэ. Оттон билигин? Биллэриллибит сааҥсыйалар сибэкки атыытын көнөтүнэн таарыйбаттар эрээри, төлөбүр өттүгэр кэккэ уустуктар үөскээбиттэрэ. Билигин даҕаны Арассыыйаҕа атыыланар тюльпан 40% кэриҥэ ити дойдуттан кэлэр. Киирэр сибэкки арыый кыра өлүүтэ (38% кэриҥэ) Эквадортан тиэйиллэр. Сааҥсыйалар суох эрдэхтэринэ, тюльпаны үүннэрэрдээҕэр атыылаһар барыстаах этэ. Билигин Арассыыйаҕа луковичнай сибэкки култуураларын сайыннарыы туһунан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа этии киирэн, өйөбүл бырагыраама ыларга үлэ бара турар.

САННИКОВТАР ТЮЛЬПАННАРА

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо Вячеслав уонна Надежда Санниковтар өссө сэттэ сыл анараа өттүгэр тюльпаны олордон көрбүттэр. Ол сырыыга урбаан тэринэр санаата суох, көннөрү “кыаллар эбит дуо?” диэн тургутан көрүү буолбут. Оччолорго олордубут сибэккилэрэ үчүгэйдик үүммэтэхтэр эрээри, Санниковтар санаа­ҕа баттаппакка, туох сыыһалары оҥорбуттарын үөрэтэн баран, 2021 сыл бу дьыаланан дьиҥнээхтик дьарыктанарга санаммыттар, “Саха Тюльпан” тэрилтэни төрүттээбиттэр.
“2021 сылга дохуот өттүнэн биһиги ыал соччото суох балаһыанньаҕа олорбуппут. Кэргэним Надя оҕо көрөн олороро, бэйэм ити кэмҥэ үлэм суоҕа. Онон социальнай хантараак ыларга сайаапка оҥорбуппут. Бырайыакпыт биһирэбил ылан, 250 тыһ. солк. көмө ылбыппыт, ити харчы бастакы хардыыларбытын оҥорорго төһүү күүс буолбута”.
Билигин сибэкки олордуу Санниковтар кэтэх хаһаа­йыстыбалара. Иккиэн сүрүн үлэлээхтэр: Вячеслав – олохтоох дьаһалтаҕа, Надежда Майатааҕы “Кэнчээри” оҕо уһуйааныгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлииллэр.

Егор Карпов хаартыската

СӨРҮҮНҮ  СӨБҮЛҮҮР

“Тюльпан тыллар усулуобуйатын олорор дьиэн хоһугар олохтуур сатаммат. Бу сибэкки, бастатан туран, сөрүүн, иккиһинэн, олус сииктээх салгыны эрэйэр”, – диэн санаатын үллэстэр Надежда. Кинилэр бу ааспыт баскыһыанньаҕа Дьокуускайга “Сааскы фест-2024” диэн бэстибээлгэ сибэккилэрин көрдөрө, атыылыы “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр кэлэ сылдьыбыттара. “Онон кэргэним дьиэбит таһыгар туспа тутууну туппута. Үгүс үлэтин бэйэтэ оҥорбута, сорох түгэннэригэр дьон көмөлөспүтэ”, – диир Надежда.
Кинилэр бастаан 10 тыһыынча бөлчөҕү сакаас­таан аҕалбыттар. Ону кытта олордор иһиттэри, уоҕурдууну атыыласпыттар. Бастакы олордуулара үчүгэй түмүктэри аҕалбыт – 9500 кэриҥэ атыыга барар сибэккини ылбыттар. Онтон ыла сыллата 10 тыһыынча кэриҥэ бөлчөҕү сакаастыы олороллор.

КЫРЫҺА СУОХ ҮҮННЭРИИ

Бу дьиэни, кырдьык, тэпилииссэ диэн ааттыыр сатаммат. Өскөтүн тэпилииссэ сылаа­һы мунньарга анаммыт сир буоллаҕына, тюльпан дьиэтэ добуоч­ча сөрүүн сир эбит. Дьиэ иһэ куруутун тыастаах – тохтоло суох вентилятордар үлэлииллэр. Саһархай сырдык уот тыган турар. “Уокка, ититиигэ элбэх харчы барар дуо?” диэн ыйыппыппар, Вячеслав: “Биллэн турар, сөптөөх усулуо­буйаны олохтуурга элэктэрии­чэстибэ уота баранар. Ол эрэн, оннук айылаах элбэх үп барар диэбэппин. Ол оннугар, элбэх үлэ эрэйиллэр. Сакаастаабыт бөлчөхтөрбүт балаҕан ыйыгар кэлэллэр. Бу тыыннаах матырыйаал, онон туспа харайыыны эрэйэр. Ити кэмтэн силис тардарын, сөптөөх кэмҥэ уһуктарын, кичэйэн сала­йыах тустааххын. Кулун тутар ортото сибэкки үнүгэһэ, эминньэҕэ сөпкө ситэрин туһугар ахсынньыттан саҕалаан олордон, үлэлээн барабыт. Бэрт элбэх усулуобуйаны хааччыйдахха, тюльпан “саас чугаһаата” дии санаан, тыллан барар. Үрдүк үүнүү сүрүн ирдэбилэ – хаачыстыбалаах бөлчөхтөр. Ааспыт сылларга үчүгэй матырыйаал кэлбитэ. Быйыл арыый мөлтөһүөр бөлчөхтөр кэлбиттэр, үүнүү эмиэ оннук буолла. Ол эрэн, үүммүт сибэккилэрбит бары туйгун хаачыстыбалаахтар”, – диир Вячеслав.
Тюльпан 10 суордун сакаас­тыыллар эбит. Саһархай, кыһыл, күөх, пурпурнай – араас эгэлгэ өҥнөөх сибэккилэр лотуок­тарга кэчигирэһэ үүммүттэр.
Санниковтар сибэккилэрин гидропоника ньыматынан үүннэрэллэр. Гидропоника – үнүгэстэри сир кырсыгар укпакка, ууга үүннэрии. Вячеслав этэринэн, бу ньыма тюльпаны Саха сиригэр ууһатарга ордук табыгастаах буолуо дии санаан талбыттар.

“БУ ДЬАРЫГЫ ТАРҔАТА САТЫЫБЫТ”

Санниковтар тюльпан олордор дьарыгы тарҕата сатыыллар эбит. Номнуо ик­китэ маастар-кылаас ыыппыттар, уонча үлэлиэн баҕалаах дьону үөрэппиттэр. “Күрэстэһээччилэргитин элбэтэртэн куттаммаккыт дуо?” диэн ыйытыыбар, бэрт киэҥ хоруйу ылбытым. Надежда этэринэн, тыыннаах тюльпаны ылыан баҕалаахтар элбэхтэр, өссө хас да оҥорон таһаарааччы үлэлээтэҕинэ да ырыынагы олоччу толорор уустук эбит. Үөрэнээччилэриттэн үс киһи сибэкки үүннэриитинэн дьарыктанан эрэр. Аныгы кэм үгэһинэн туспа чаат аһан, санаа, уопут үллэстэр сирдэммиттэр.
Вячеслав атыннык этэр. Тыллыбыт тюльпаны кинилэр Майаҕа, Аллараа Бэстээххэ уонна Дьокуускайга атыылыыллар. “Сибэкки үксэ бэйэбит улууспутугар олоччу атыыланар. Бу урбаан биир уратыта – табаар сүрүнэ Аан дойдутааҕа дьахталлар бырааһынньыктарыгар эрэ бэлэмнэнэр. Ол эбэтэр, икки-үс хонук иһигэр барыта атыыланыахтаах”, – диир Вячеслав. Табаар нарын, ыраах айаны сөбүлээбэт. “Онон атын улуустарга дьон миэстэтигэр үүннэрэн атыылаатахтарына, кимиэхэ да мэһэйдээбэт, бары сүүйүүлээх хаалаллар”. Кулун тутардааҕы сүпсүлгэни түмүктээн баран, баҕалаахтары хомуйан өссө үөрэх ыытар былааннаахтар.

“САХАЛАР ДЬИҤНЭЭХТИК БИЛБЭППИТ”

“Сэргэлээх уоттарыгар” хаартыскаҕа түһэрэ тиийэн баран “Саха Тюльпан” сибэккилэрэ эрдэ көрбүт тюльпаннарбыттан ураты көрүҥнээхтэриттэн дьиктиргээбитим. Бу сибэккилэр… тыллан тураллар этэ! Биһиги санаабытыгар, тюльпан арыллыбат бутоннаах сибэкки курдук өйдөбүл хатанан хаалбыт. Дьиҥэр, ханнык баҕар сибэкки эминньэхтэрин тэлэччи арыйарын айылҕа ирдиир буоллаҕа дии. Саха сиригэр тиэрдэр туһугар арыллыбатах бутоннаах сибэккилэри быһан ылан аҕалаллар эбит. Онон уонунан сыллар тухары арыллыбатах тюльпаҥҥа үөрэнэн хаалбыт эбиппит.
“Бастаан дьон биһиги сибэккилэрбитин атыҥырыы ылыммыттара. “Ама, тюльпан үһү дуо бу?” диэччилэр бааллара”, – диэн Надежда күлэ-күлэ кэпсиир. “Кырдьыгынан эттэххэ, бэйэбит даҕаны, бастакы сибэккилэрбит арыллыбыттарын, дьиктиргии, соһуйа ылыммыппыт. Сахалар тюльпаны баччааҥҥа диэри дьиҥнээхтик билбэт эбиппит”.
“Бастаан дьон бөлчөхтөрө быһыллыбатах, тыын­наах сибэккилэрбитин атыҥыраабыттара, быһан биэрэрбитин көрдөһөллөрө. Билигин маннык сибэкки быдан өр турарын өйдөөн, төттөрүтүн, силиһэ быһыллыбатах сибэккилэри көрдөөн туран ылаллар”.

Чиргэл умнастаах, бөдөҥ дьөрбөлөөх, Санниковтар сибэккилэрэ, кырдьык, атын тюльпаннардааҕар лаппа уратытык көстөллөр. Бу дьарык сайыннаҕына, улуус-улуус аайы кэрэ аҥаардарбыт тыыннаах тюльпан кэрэ көрүҥүн, дыргыл сытын билиэхтэрэ буоллаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: