Саха уола «Якутия» ледоколу тутуста

Саха уола «Якутия» ледоколу тутуста

23.11.2022, 14:09
Бөлөххө киир:

Аан дойдуга бөдөҥ хараабыллартан биирдэстэрин — “Якутия” атомнай ледоколу оҥорооччулар ортолоругар  Орто Халыма уола Михаил Оконешников баара билиннэ.

Балтика собуотун таҥааччы-слесара Михаил Оконешников хайыы үйэ улахан уопуттаах үлэһит.  Кини элбэх ледокол тэриллэрин таҥарга кыттыбыта.

“Мин таҥааччы-слесарынан үлэлиибин. Автоматиканы, кылаапаннары, тэриллэри оҥоробун. Санкт-Петербурга көһөн, Балтика собуотугар үлэлээбитим 5 сыл буолла.  «Арктика», «Сибирь», «Урал» атомнай ледоколлары оҥорууга кыттыбытым. “Якутия” – төрдүс ледоколум. Бу аан дойдуга саамай улахан атомнай ледокол. Түөрт ледокол бары биир тэҥ этилэр, оттон “Якутия” ледоколга олус долгуйан  с үлэлээбитим, бу – сүрэхпэр олус чугас хараабыл”, — диэн Михаил Оконешников СИА кэрэспэдьиэнигэр кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: