Саха уонна нуучча тылларынан тиэкистэр биир тэҥ буолалларын олохтуур хамыыһыйа тэрилиннэ

Share

Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын иккис күнүгэр норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын саха уонна нуучча тылларынан тиэкистэрин биир тэҥ буолалларын олохтуур хамыыһыйаны тэрийии туһунан уураах ылыннылар.

Санатан эттэххэ, ааспыт сылтан Ил Түмэҥҥэ киирэр сокуон барыллара икки судаарыстыбаннай тылынан, сахалыы уонна нууччалыы, тэҥҥэ оҥоһуллар буолбуттара. Татарстан уонна Тыва Өрөспүүбүлүкэлэрэ икки тылынан сокуону таһаарбыттара быданнаабыт. Оттон биһиэхэ сокуону тылбаастааһын саҥа киирэн эрэр, онон уустуктардаах.

Ол иһин бу хамыыһыйа Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын тиэкистэрин нууччалыыттан сахалыы тылбаастааһыҥҥа сыыһа тахсыбатын уонна сөпкө быһаарар сыаллаах оҥоһулунна. Хамыыһыйа чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ сокуоннара сахалыы тылбаастаныылара тэҥ суолталаах уонна тылбааска көҥүллүк толкуйдаан ханарытыы суох буоларын кэтээн көрүөхтэрэ.

Саҥа хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков буолла. Солбуйааччытынан норуот дьокутаата Алена Атласова, оттон хамыыһыйа чилиэннэринэн Николай Бугаев уонна Андрей Находкин киирдилэр. Александр Жирков төрөөбүт тылы сайыннарыы боппуруоһунан өр сылларга дьарыктаммыт, Николай Бугаев эмиэ куорат оскуолаларыгар сахалыы тылынан үөрэтиини, кылаастары элбэтиини туруорсубут, оттон Андрей Находкин саха тылын учууталынан үлэлээбит, анал үөрэхтээх норуот дьокутааттарынан буолаллар.

Ил Түмэн аппараатын докумуоҥҥа салалтатын начаалынньыга Мария Илларионова Саха уонна нуучча тылларынан тиэкистэр биир тэҥ буолалларын олохтуур хамыыһыйа сэкэрэтээринэн ананна.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago