«Саха волонтердара» хас биирдии байыаска көмөлөһөллөр
«Саха сирин волонтердара» хамсааһын анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан дойду араас госпиталларыгар бааһыран киирбит байыастарбытыгар улахан көмөнү оҥоро сылдьаллар. Кинилэр бааһыран ыарахан туруктаах сытар уолаттарбытыгар дойдуларын төрүт аһын астаан аһатан күүс-сэниэ эбэллэр, ийэлии, эдьиийдии сахалыы кэпсэтэн санааларын бөҕөргөтөллөр.
Бурятияҕа баар Пелагея Прокопьевна Ильина саха саллааттарын госпиталларга көрөр-истэр, төрөөбүт тылынан кэпсэтэн, ас астаан илдьэн санааларын көтөҕөр. Соторутааҕыта Москва уобалаһыттан Вороновскай госпиталыттан Бурятияҕа көһөрүллүбүт эдэркээн байыаска, Макарга бүгүн кини күүтүүлээх ыалдьыт.
«Макар волонтердар Лена Голубь уонна Полина Розенблюм «биэс харах» харысхалын кичэйэн быысыбайдаабыт көстүүмнэрин сөрү-сөп кэтэн олорорун көрөн биһиги олус үөрдүбүт. Бу ураты сахалыы тыыннаах харысхаллаах таҥаһы уолаттартан «хаартыскалаан ыытыҥ» диэн кыракый көрдөһүүлээхпт», — дэһэллэр Москва волонтердара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: