Салгыы
«Саха волонтердарын» норуот өйөөтө

«Саха волонтердарын» норуот өйөөтө

26.11.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

Быйыл алтынньыга Москубаҕа Арассыыйа киин госпиталларыгар сытар саллааттарга көмөлөһөр «Саха-волонтер» бөлөх тэриллибитэ. Бүгүн саха волонтердарын координатора, «Саха» НКИХ Москубатааҕы филиалын салайааччыта Туйаара Константинованы кытта кэпсэттибит.

– Туйаара Николаевна, «Саха-волонтер» бөлөх хайдах тэриллибитэй?

– Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт биир-­биир утуу-субуу араас бааһырыыны ылан госпиталга кииртэлээн барбыттара. Атырдьах ыйыгар Москубаҕа олорор үс ийэ көрсөн, түмсэргэ сүбэлэспиппит. Бастаан атырдьах ыйын 23 күнүгэр Москуба анныгар олорор бойобуой эписиэр кэргэнэ, бэйэтэ эмиэ байыаннай идэлээх саха кыыһа Аина Храмова сибээскэ тахсыбыта. «Своих не бросаем!» пуонда волонтера Татьяна эрийэн, госпиталга биир саха уола сытар, эһиги билсиэххитин сөп дуо диэн ыйытта диэн. Аиналыын сүбэлэһэн баран алаадьы ас­­таан, ас атыылаһан, тута Бурденко аатынан госпитал 5-с №-дээх филиалыгар тиийбиппит. Уолбут Владик Кондаков диэн эбит. Арай палаа­таҕа киирбиппит, биэс киһи баар, биһиги уолбут дэлби суор­ҕанынан бүрүнэн баран истиэнэ диэки хайыһан сытар эбит. Биһиги сэрэнэн: «Владислав, бу биһиги сахалар кэллибит, эйиэхэ», – диэтибит. Уолбут да, атыттар да биһигини көрөн олус соһуйдулар. Сыыйа-баайы хантан сылдьарын, ыам ыйыттан сытарын, ийэтэ кэлэ сылдьыбытын, комаҕа өр сыппытын кэпсээтэ. Уолбутун илдьэ таһырдьа таҕыстыбыт, арай икки дьахтар кэлэн: «Владик, олох кытаат, биһиги Сережабыт аны суох», – дэстилэр. Онно билбиппит, уолбут реанимацияҕа бииргэ сыппыт уолун ийэтэ уонна балта эбиттэр. Уолгут олус улахан тургутууну ааста уонна олоххо дьулуура күүстээх буолан, тыыннаах хаалла дэстилэр.

Сотору кэминэн Владигы Химкигэ көһөрбүттэрэ, онно аны иккиэ буолбуттара. Нэ­­диэлэ аайы үс буолан уочаратынан сылдьар буоллубут. Уолаттарбыт аны үс буоллулар. Балаҕан ыйыгар Постпредствоҕа бырааһынньык буолбутугар ол аһыттан бэриһиннэрдибит. Онтон Тыа хаһаайыстыбатын министиэ­ристибэтиттэн кэллилэр, олортон «Ньурбакаан» сойуус бэрэссэдээтэлэ Алевтина Николаеванан кэпсэтиннэрэн, эт-үүт, барыанньа, балык, арыы, о.д.а ылан илдьибиппитигэр үөрдүлэр аҕай.

Инньэ гынан, барар-кэлэр киһинэн Саха сириттэн дойдуларын аһын аҕалтарар буоллубут. Биирдэ «Юные якутяне» педагога Валентина Николаева кэлэринэн, Бааһынай ырыынагыттан уолаттарга эт атыылаһыннара ыыттыбыт, онуоха атыылааччылар бары куһуок эти босхо биэрбиттэр этэ. Кэһиини тутан баран күүспүтүгэр күүс эбиллэн, Сахабыт сирин дьоно үтүө дууһалаахтарыттан, ыарахан түгэҥҥэ түмсэр кыахтаахпытыттан  эрэл үөскээбитэ.

Ол кэннэ биир идэлээҕим, саллаат ийэтэ Светлана Диодорова булан, иккиэн үлэбитин торум­наатыбыт.

Биир үтүө күн, алтынньы 13 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Постпредство үлэһиттэрин мунньан, Москубаҕа Координационнай киин ары­йыахха диэтэ. Инньэ гынан, алтынньы 21 күнүгэр «Саха-волонтер» диэн хамсааһыны тэрийдибит. Билигин 20 баста­йааннай үлэлиир волонтердаахпыт, ону таһынан, Питергэ эмиэ 10-ча киһилээхпит. Ростовка билигин биһиги нөҥүө Вера Душкевич көмөлөһөр. Кини госпиталга сытар уолаттарбытыгар, мантан харчы ыыттахпытына, таҥас-сап, ас-үөл атыылаһан илдьэр. Маны таһынан, Симферопольга Бороненколар диэн ыаллар бааллар,  Новосибирскайга, Хабаровскайга наада буоллаҕына, көмөлөһөр дьонноохпут. Ити курдук, үтүө санаа барыбытын түмтэ.

– «Саха-волонтердарга» кимнээх көмөлөһөллөрүй?

– Бастаан саҕалыырбытыгар үп-харчы суоҕа атахтыыр этэ. Хата Светлана Владимировна кэлэн, эт, отон, фарш боппуруоһун тутатына быһаарбыта. Мин бастаан госпиталга кэлбит уолаттар тутталларыгар аналлаах но­­буор испииһэгин симиэтэтин оҥорторбутум. Онно кыптыы­йыттан саҕалаан, суунар тэрилгэ, чэйгэ, бэчиэн­ньэҕэ, наскыга тиийэ киллэрбитим. Харчы кэмчи, ол иһин бастаан урбаанньыт Айкар Кондратьевтан, «Дьокуускай куорат дьахталларын лигатын» бэрэссэдээтэлэ Антонина Титоваттан харчынан көмө ылан бастакы нобуорбутун атыылаһан тиһиктээхтик үлэлээн бардыбыт.

Билиҥҥи туругунан, 500-ча тыһ. харчы киирбититтэн, онтон 370 тыһ. солк. көмө оҥоһуллубут. Маны таһынан, Светлана Диодорова нөҥүө улуустар булт-алт, үүт аһын, эти, балыгы ыыта тураллар.

Уус Алдантан Елизавета Аржа­коваҕа махтаныам этэ, эмискэ киирэн кэлэн, ас бөҕөнү аҕалбыта. Кини Талбан биэриитин көрөн, хайаан даҕаны көмөлөһүөхтээхпин диэн, 20 кг суумканы бэйэтэ соһон кэлбит этэ.

Москубаҕа олорор аҕалар түмсүүлэрэ эмиэ көмөлөһөр. Госпиталга илдьиигэ-аҕалыыга, атыылаһа барарга массыынанан таһан абырыыллар. Алексей Филиппов диэн Успуорт министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Саратовка, Нижнэй Новгородка тиийэ уолаттарга бара сылдьыбыта.

Дьэ ити курдук, билиҥҥитэ 50-ча бастайааннай үлэлиир волонтердаахпыт, итини таһынан, харчынан, аһынан-үөлүнэн көмөлөһөр дьоммутун эмиэ волонтерунан ааҕабыт, онон барыта 300-ҕэ тиийдибит.

Өссө Калининградка олорор Туйаара Иванованы бэлиэтиэм, кини истэригэр улаханнык бааһыран сытар уолаттарбытыгар анаан халыҥ наскы баайан ыытан биһигини үөрдүбүтэ.

– Уолаттар санаалара хайдаҕый?

– Уолаттарбыт төһө даҕаны ыарахан эчэйиини ыллаллар, санаалара бөҕөх. Атахтарыгар турдулар даҕаны кыргыһыыга төттөрү киирэллэрин этэллэр. Кими даҕаны, тугу да буруйдаабаттар. Ийэ быһыытынан ону ситэ өйдөөбөккүн эрээри… Олох төннөбүт, иэстэһэн кыайыыны ситиһиэхпит диэтэхтэринэ, дириҥ толкуйга түһэҕин. Биирдэ уолаттар «Эһиги – биһиги туспутугар, биһиги – эһиги тускутугар!» диэннэр соһуттулар. Хантараагынан сылдьар уонна байыаннай идэлээх уолаттарбыт син биир төннөбүт, онно биһиги доҕотторбут хаалбыттара, тиийэммит кыа­йыыны уһансыахпыт дэһэллэр. Бу 21-22 саастаах эрэ уолаттарбыт барахсаттар, улахан эчэйиини ылан да сытталлар, төннөбүт диэн бигэ санаалаахтар.

– Көмөҕө наадыйар дьон хайдах билсэрий?

– Биһиги уолаттар госпиталга киирбиттэрин ийэлэрин, кэргэттэрин, чугас дьоннорун эрэ нөҥүө билэбит. Онон эчэйии буол­бут уолаттар туруктарын эҥин билэргэ, туох эмэ атын наада баар буол­лаҕына, биһиэхэ сибээскэ таҕыстыннар. Ону таһынан, чопчу информацияны Биир кэлим координационнай киин нөҥүө би­­лиэххэ сөп. Юридическай сүбэ, оҕолоро сибээскэ тахсыбатаҕына ирдэһии, о.д.а. боппуруоһунан билсиэххитин сөп.

– Түмүк санаа…

– Биһиги бэйэбит элбэх оҕолоох ийэлэрбит, сүрүн үлэлээхпит, дьиэлээхпит, онтон быыс булан волонтердуубут. Онуоха бу дьоммут-сэргэбит көмөлөһөн, өйөөн үлэбит түмүктээх дии саныыбын. Уолаттарбытын көрдөхпүтүнэ ардыгар уйадыйан барабыт, тоҕо маннык буолла диэн санаа ­үүйэ-хаайа тутар да кэмэ баар буолар. Бэйэҥ кыаххынан ону уйуна, тулуйа сатыыгын, волонтер үлэтэ чэпчэкитэ суох. Ону өйдөөбөт дьон эмиэ бааллар. Тыйыстык сыһыаннаһар, бы­­лааһын көрдөрөн хаһыытыыр дьону көрүстэххэ, киһи наһаа хомойор, санаата түһэр. Ол эрээри үтүө санаалаах дьон элбэх. Махтаныахпытын баҕарабыт Сахабыт сирин дьонугар барытыгар.

Чуолаан, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Диана Чиркоеваҕа, Сунтаартан төрүттээх Полина Розенблюмҥа,  Светлана Диодо­роваҕа, «Саха» НКИХ, «Саха­бэчээт», АГИКИ кэлэк­тииптэригэр, «Модун» успуорт комплексыгар, харчынан күүс-көмө буолбут Ньурба, Үөһээ Бүлүү эбээлэрин түмсүүлэригэр, «Дьахталлар лигаларыгар», о.д.а дириҥ махталбытын тириэрдэбит.

Маннык амарах санаа­лаах, ис-иһиттэн дьоҥҥо көмөлөһө сатыыр дьон баалларын тухары «Саха-волонтер» көдьүүстээхтик үлэлиэ. Бу үтүө санаалаах дьоммут өйөбүллэринэн биһиги түмсүүбүт туһунан Арассыыйа бүттүүнэ биллэ, сахалар бэйэлэрин оҕолорун уустук кэмҥэ хаалларбаттар, көрөллөр-истэллэр, кыһаллаллар эбит диэн соһу­йаллар да, хайгыыллар да. Биһиги бары маннык буолуохтаахпыт диэн биһиэхэ этэллэр, ол биһигини кынаттыыр, санаабытын бөҕөргөтөр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: