Москваҕа Бурденко аатынан госпитальга байыаннай дьайыыга сылдьан бааһыран сытар уолбар туохха наадыйарын, хайа аадырыска, хаһыс балаатаҕа сытарын телефонунан ыйыталаһабын.
Ол кэмҥэ кимнээх эрэ киниэхэ төлөпүөннүүллэр. Кэлин билбиппит «Саха — волонтер» диэн Москваҕа олорор биир дойдулаахтарбыт эбит. Уолум госпитальга киирбитин истээт, тута ас-үөл аҕалбыттар. Муоруска, балыкка тиийэ.
Онон истэн, бэчээккэ ааҕан кэлбит «Саха волонтербун», дьэ, чопчуластым. Бу уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ номнуо икки сыл буолбут. Хааһынаттан биир да кэппиэйкэни ылбакка, сүүрбэччэ буолан бэйэлэрин баҕаларынан Москва куорат госпиталларыгар сытар байыастарга араас көмөнү оҥороллор эбит. Босхо үлэлиир уопсастыбаннай тэрилтэни Уус Алдантан төрүттээх, Москваҕа олорор Туйаара Константинова сатабыллаахтык салайан үлэлэтэр.
—Билигин сүүрбэччэ буолан хааллыбыт. Тоҕо диэтэххэ, үлэбит ыарахан. Бастатан, араас туруктаах, эчэйиилээх дьону кытта кэпсэтиини ылбычча киһи тулуйбат. Ордук онон элбэх киһи волонтердаан баран барар. Аны, бу үлэ төлөбүрэ суоҕун таһынан, хомойуох иһин, биһигини күтүрүүллэрэ, саҥараллара эмиэ баар. Оттон дьиҥэр, күн аайы биэс-алта араас сиргэ оптуобуһунан ыарахан суумканы соһон балыыһалары кэрийэр — оҕо оонньуута буолбатах. Манна даҕатан эттэхпинэ, биһиги киирбит үп-харчы хайдах туттуллубутун ТГ-ханаалга тута таһааран, отчуоттаан иһэбит.
Биһиги бу үлэбитигэр, хата, төрөппүттэр, биирдиилээн дьон уонна саллааттар бэйэлэрэ ким туох сатанарынан, сорохтор этинэн, балыгынан, отонунан көмөлөһөннөр улахан тирэх буолаллар. Санаабытын бөҕөргөтөллөр. Тыа дьоно барахсаттар ордук ас-үөл ыыталлар. Биллэн турар, маны сэргэ Дьокуускайтан «Дьахталлар лигалара» уопсастыбаннай тэрилтэ сүрүн өйөбүлбүт. Кинилэр араас аахсыйалары тэрийэллэр, харчынан, малынан, аһынан-үөлүнэн, бэл, баайар сапка тиийэ туох баарынан ыытан иһэллэр. Манна даҕатан эттэхпинэ, Москваҕа баар СӨ бэрэстэбиитэлистибэтэ үлэбитин өйөөн хос биэрбитэ, аспытын харайарга аһы тоҥорор камера уларсыбыттара. Дьэ, ити курдук күн бүгүн үлэлээн олоробут.
Уопсайынан ыллахха, биһигини кытта ыкса сибээһи тутан үлэлиир «Саха волонтердар» Казань, Симферополь, Калининград, Новосибирскай, Екатеринбург куораттарга бааллар. Ону таһынан, биһигиттэн туһунан Питергэ, Хабаровскайга, Улан Удэҕэ, Владивостокка волонтердар эмиэ бааллар.
Түгэнинэн туһанан тус бэйэм, бииргэ үлэлиир волонтердарым уонна байыастар ааттарыттан биһиэхэ көмөлөһөр амарах санаалаах Айыы дьонугар улахан махталбын биллэрэбин, — диэн этэр Туйаара Константинова. Мин хардатын «Саха волонтердарга» махтанабын, кинилэр кыһамньыларын, сыралаах үлэлэрин сөҕөбүн.
Бу Туйааралыын кэпсэтиибитигэр, кини уолум госпитальга сытар байыастарга көмөлөһөр сыаллаах 4000 солкуобайы «Саха волонтер» счетугар укпутун туһунан улаханнык долгуйан туран эттэ.
Биһиги, төрөппүттэр, биллэн турар оҕобут амарах, аһыныгас санаатыттан испистигэр долгуйа үөрэбит, киниэхэ эрэнэбит. Бу суруйбучча кылгастык уолум туһунан кэпсии түһүүм. Уолум бэйэтэ сөбүлэһэрэ дуу? Оттон ааҕааччы, баалаабат инигин?
Уолум оскуолатын Дьокуускайга бүтэрбитэ. Тугу кистиэмий, бэрээдэгинэн кыратык «доҕолоҥнуура», мэнигэ-тэнигэ, сытыыта-хотуута, сүүрэрэ-көтөрө да бэрт буоллаҕа. Охсуһан бурҕатыспыт сураҕа субу-субу кэлэрэ. Онон үөрэнэр кылааһын кытта билсэ адьас олорорум, оскуолаҕа сотору-сотору барарым. Ыҥыралларым даҕаны диэххэ. Ол гынан баран, аны, учууталлара уолбун төрүт сирбэттэр этэ. Доҕотторо-атастара да элбэх буолааччы.
Уолбун сүүрэн-көтөн мэнигин-тэнигин батардын диэн буоксаҕа дьарыкка биэрбитим. Киһим кыра буолан эбитэ дуу, сонуна ааһан бырахпыта. Дьэ, хата ол оннугар, кыратыттан миигин кытта үлэҕэ-хамнаска толлубакка, сүрэҕэлдьээбэккэ ылсыбытынан, түһүспүтүнэн барааччы. Онно баҕас биирдэ даҕаны сылайдым-элэйдим диирим истээччим суох. Сороҕор, оннооҕор контейнер сүөкээһинигэр тылланан барсааччы. Көр, аны болҕомтолоох уонна аһыныгас эбит. Кырдьаҕас киһи светофору кэтэһэн турар буоллаҕына, аттынан ааһа хаалбат үгэстээх. Хайаан да истиҥник кэпсэтэн, малын-салын тутан, хонноҕун анныттан өйөөн суолу туоратар. Оҕолорго, дьахталларга көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм. Уопсайынан, уолум соруннаҕына, оччоттон сыалын-соругун булгуччу толорон тэйэр идэлээх. Билигин да оннук.
Онон даҕаны байыаннай дьайыыга барарга быһаарыммытын эппитигэр утарбатаҕым. Хата, төттөрүтүн, эйэлээх олох туһугар сөптөөх санааны ылыммыт эбиккин диэн санаатын бөҕөргөтөн биэрбитим. Доруобуйа эппиэттиирэ уонна сааспынан арыый эдэрим буоллар, мин эмиэ барыам этэ диэбитим. Билигин уолбут дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлэрин күүтэбит.
И.Сивцев — Бээди,
Дьокуускай.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…