«Саха волонтёрдара» бааһырбыт байыастарга туонна кэриҥэ төрүт аһы-үөлү тиэртилэр

Share

Бу күннэргэ «Саха волонтёрдара» хамсааһын актыбыыстара Арассыыйа киин куораттарыгар баар госпиталларга сытар бааһырбыт байыастарга 960 кииллэттэн тахса сахалыы ас бородууктатын илдьэн биэрдилэр.

Эчэйэн госпиталга сытар уолаттарбытыгар анаан, олохтоох ас бородууктатын кинилэр аймахтарыттан, дьонноруттан-сэргэлэриттэн, биир дойдулаахтарыттан хомуйан саҕалаабыт, бэйэтэ саллаат ийэтэ Светлана Диодорова-Лаврентьева бу төрдүс сырыыта.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ аахсыйаны биллэрбиппитигэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тута биһиэхэ тахсан, эт бородууксуйатын аҕалбыта. Волонтердары кытары Москва госпиталларыгар сытар уолаттарбыт түргэнник үтүөрэллэрин, сэниэ киллэринэллэрин курдук, бэйэлэрин төрүт астарын буһаран илдьэр буолбуппут», – диэн Светлана Диодорова-Лаврентьева кэпсээтэ.

Аахсыйаны тэрийээччилэр Саха сирин олохтоохторун бу бырайыакка кыттыһан үтүө кылааттарын киллэрэллэригэр ыҥыраллар. Билиҥҥитэ ынах, убаһа, таба этинэн, балыгынан уолаттар дьиэ кэргэттэрэ, бииргэ үөрэммит доҕотторо, улуус баһылыктара, дьокутааттара, биир дойдулаахтара көмөлөһөллөр. Бу сырыыга Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Хаҥалас, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Нам уо.д.а. улуустартан 960-н тахса киилэ бородуукта хомуллан тириэрдилиннэ. Манна биһиэхэ күүс-көмө буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр, Надежда Федорова, Айыллаана Винокурова салалталаах волонтердарга, Олоҥхо тыйаатырын кэллэктиибигэр уонна тиэйиигэ-таһыыга көмөлҕспүт «Якутия» авиакомпанияҕа уонна пассажирдарыгар Светлана Диодорова махталын тириэрдэр.

Москваҕа кэлбит төрдүс баартыйа бородууктаны «Саха волонтёрдара» араартаан, сороҕун Доннааҕы Ростовка уонна Санкт-Петербурга ыыталаатылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago