Саха ыалын сиэрэ-туома
Саҥа хотоҥҥо киириигэ хотон ортоку өһүөтүгэр салама ыйыыллар.
Үрүҥ сиэлтэн харандаас суонун саҕа гына ситии хаталлар, кыра сүүмэх сиэли өрбөх сыыһыттан араас өҥнөрү талан булкуйа кыбыталлар, ынах-сүөһүнү туостан кырыйан абына-табына гына баайаллар. Киилэ аҥаара киириэх туос ыаҕайа тигэн, салама ортотугар кыбыта ыйыыллар. Салама икки, үс, сороҕор түөрт миэтэрэ уһуннаах буолар. Өһүө алын өттүнэн ыксары ыйаан кэбиһэллэр. Ынах төрөөтөҕүнэ, туос ыаҕайаҕа уоһахтан оҥоһуллар астан хотон иччитигэр айах туттарыы диэн угаллар. Чөкчөҥөлөөх саламаттан тарбыйах абааһыта куттанан чугаһаабат, итини «хотон ымыыта» дииллэр.
Ынах сүөһүгэ, тыһаҕас бастакы оҕотугар, сиэр-туом оҥоһуллуон сөп. Кэйиик буолбатын, үүттээх буоллун, ыарыы сыстыбатын диэн этиҥ түспүт маһынан эбэтэр үрүҥ сиэлинэн күн хаамыытынан эргитэн ыраастыыллар. Чохороон сүгэнэн муоһун уонна туйахтарын тоҥсуйаллар эбит.
А.С.Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн.
«Айар» кинигэ кыһата, 2023 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: