Саха ыалын сиэрэ-туома: дьиэ тутуута
Саха ыалын сиэрэ-туома. Итэҕэл быһыытынан, дьиэ Айыы аартыга аһыллар сиринэн, илин диэкинэн, ааннанар.
Дьиэ тутуутун сүрүн түһүмэхтэригэр: акылаат түстэҕинэ, түннүк баайыытыгар, өһүө түһүүтүгэр дьиэлээх ыал хайаан да бэлиэтээн сирин-уотун аһатар.
Дьиэ тутуутун саамай сүрүн өттө — өһүөнү түһэрии. Бу — дьиэ тутуллан бүтэн, үлэ үмүрүйэн эрэр үөрүүлээх түгэнэ. Өһүө ууруллар муннуктарыгар сиэл уонна харчы эмиэ ууруллар. Бу — билиҥҥэ диэри тутуһуллан кэлбит сиэр. Дьиэ өһүөтэ түстэҕинэ, тутуллан бүппүтүн кэриэтэ сананыллар, онон малааһын тэрийиллэр.
Балаҕан баайыытын ортотунан өһүө маһы түһэрэллэр. Сорох уустар икки өһүөнү түһэрэллэр эбит. Сахаларга ортоку өһүөнү «тойон өһүө», арҕаа эҥээр өһүөнү «кэтэх өһүө» дииллэр эбит.
А.С.Федоров «Саха ыалын сиэрэ туома» кинигэтиттэн.
«Айар», 2023 с.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: