Саха ыалын сиэрэ-туома: эдэр булчукка
23.04.2025, 16:15

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Маны билэҕит дуо? Эдэр булчут тугу тутуһуохтааҕый?
- өлбүттээххэ сылдьыбыт буоллаҕына, бултуурун 40 хонукка тохтотуохтаах;
- бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат, ылар түгэҥҥэ киһи булда ханнан, көтөр-сүүрэр-тоһуйбат, куота сылдьар буолар;
- бултаан киирэн баран чугас дьонугар хайаан да бэрсиэхтээх, тоҕо диэтэххэ бэринньэҥ булчукка тыа иччитэ Баай Байанай булду тэбэр;
- атын булчут сэбигэр-сэбиргэлигэр (туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын;
- улахан булка (эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду куобаҕы, мас көтөрүн, о.д.а. көрдөҕүнэ, бултаспат, көннөрү аһыырыгар эрэ бултаан ылыан сөп.
А.С.Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн.
(«Айар» кинигэ кыһата, 2023 с.)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: