Саха ыччата дойдуларын чиэстээхтик билиһиннэрэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр
Сочига кулун тутар 1-7 күннэригэр «Сирия» былаһааккатыгар Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн уонна тас дойдуларыттан 20 тыһ. тахса ыччат кыттыаҕа: уопут атастаһарга, экология уонна айылҕа харыстабылын проблемаларыгар, доруобуйаны харыстыырга бииргэ быһаарыы ылынарга, ыччат эйгэлэригэр сыһыаны бөҕөргөтүүгэ.
«Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан тэриллэр уонна ыччакка туһуламмыт саамай улахан тэрээһининэн буолуоҕа. Маннык бэстибээл ыытыллара Арассыыйа аһаҕас буоларын көрдөрөр. Билигин дойду ыччата ити тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэр, араас эрэгийиэнтэн элбэх сайаапка киирдэ.
Саха сириттэн 800-тэн тахса хандьыдааттан талыллан, бэстибээлгэ 63 кыттааччы кыттыаҕа, ону таһынан 15 волонтер. Кинилэр төрөөбүт дойдуларын бүтүн аан дойдуга билиһиннэриэхтэрэ, былаһааккалар үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттыахтара», – диэн СӨ Ыччатын уонна социальнай коммуникацияларын дьыалаларыгар миниистир Петр Шамаев кэпсээтэ.
Бэстибээл бырагыраамата олус сэргэх. Саха сирэ аҕыйах атын эрэгийиэннэр ортолоругар тус павильонугар бэйэтин быыстапкатын көрдөрүөҕэ. Арассыыйаҕа саамай улахан эрэгийиэн туһунан аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлин кыттыылаахтара уонна ыалдьыттара билсиһэллэригэр Аал Луук Мас, Саха сирин успуорка көрүҥнэринэн маастар-кылаастар (хабылык, хаамыска, мас тардыһыыта), култуурунай уонна успуорт бырагыраамалар ыытыллыахтара.
«Дойду сүрүн остуола» гастро-култуурунай көрдөрүүгэ кыттарга бренд-шеф Николай Атласов салайааччылаах эдэр повардар хамаандалара айанныахтара. Былаанынан 30 национальнай бүлүүдэ аһы-үөлү бэлэмниэхтэрэ. Үгэс буолбут үҥкүү култууратын Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Уран» үҥкүү кэлэктиибэ бэстибээл сүрүн сыанатыгар сахалыы үҥкүү-битии көрдөрүөхтэрэ: «Кымыс үрдэ», «Айан аартыга», «Кыталык үҥкүүтэ», «Мамонт үҥкүүтэ», «Хотой» уонна түмүгэр оһуохай үҥкүүтүнэн киэргэтиэхтэрэ. «Бу судургута суох оһуохай буолуоҕа – биһиги Бүлүү, Амма, Таатта, о.д.а. улуустарынан оһуохай хас да көрүҥүн көрдөрүөхпүт», — диэн кэлэктиип салайааччыта Юрий Индеев былаанын үллэһиннэ. Ону таһынан бэстибээлгэ кылаабынай дьоруой Александр Чичахов кыттыылаах «Не хороните меня без Ивана» диэн сахалыы киинэ көрдөрүүтэ буолуоҕа.
«1957 сыллаахха мин эбэм Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат бэстибээлигэр кыттыбыт буолан, бу сүҥкэн тэрээһин кыттыылааҕа буоларбынан икки бүк төгүл долгуйабын. Саха сирэ инники күөҥҥэ сылдьар эрэгийиэн буоларын, өрөспүүбүлүкэ ыччатынан киэн туттарын Саха сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев бэлиэтээбитэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии ыччат кэлин эдэр лидердэр уопсастабыларын тэрийэрин, бэйэтин сайыннара уонна көрдөрө сатыырын мэлдьи өйүүр. Бу бэстибээлгэ биһиги улахан дэлэгээссийэбит кэнэҕэскитин эрэллээх доҕоттор буолалларыгар баҕарабын», — диэтэ бэстибээл дэлэгээтэ Антон Васильев.
Бэстибээл кыттыылааҕа Алина Герасимова улахан тэрээһин кыттыылааҕа буоларыттан олус үөрэрин биллэрдэ. «Билигин Саха сирин чиэстээхтик билиһиннэрэргэ бэлэмнэнэбит. Бэстибээлгэ Саха сирэ бэйэтин истиэндэтэ баар буолуоҕа. Маны Бүтүн Арасыыйааттан уонна аан дойду араас туочукаларыттан мустубут дьон-сэргэ сэргии көрүөхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэн эттэ кини. Кини этиитин улуустарынан элбэх кыттааччылар өйөөтүлэр уонна төрөөбүт дойдуларын чиэстээхтик билиһиннэрэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр: Горнайтан Максимова Сардаана, Чурапчыттан Александра Хомус уонна Марфа Петрова, Жатайтан Марина Левина, Бүлүүттэн Вероника Атласова, Намтан Надежда Мишина уо.д.а.
Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлэ Арассыыйаттан уонна атын дойдулартан эдэр дьону аһаҕас кэпсэтиигэ түмэр былаһаакка буоларга ыытыллар. Тэрийээччитинэн Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба (Росмолодёжь) буолар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: