Соторутааҕыта Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сылга Санкт-Петербург куоракка “Якутия” атомнай ледоколу ууга түһэриллэр түгэнэ үүммүтэ.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылбыта уонна «Арассыыйа маннык сүүнэ ледоколлары оҥорон таһаарыыга аан дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар» диэн киэн тутта бэлиэтээбитэ. Эмиэ ити күн “Якутия” ууга түһэриллиитин кэмигэр “Урал” атомнай ледоколу муораҕа атаарыы сиэрэ-туома ыытыллыбытын туһунан сурах кэлбитэ.
Саха сирин олохтоохторо дойдуга буолбут ити икки улахан суолталаах тэрээһиннэр буолбуттарын үөрэ истибиппит. Онтон сотору буолан баран, “Атомнай ледокол хапытаанын көмөлөһөөччүтэ – биһиги уолбут!” диэн суруктаах муора эписиэрэ пуормалаах Нам улууһун 2-с Хомустааҕыттан сылдьар саха уолун хаартыската социальнай ситимнэргэ тилийэ көппүтэ.
“Иһитиннэриини саха дьоно хантан билбиттэрэ буолла?” диэн ыйытыы үөскүүр. “Уолум билигин Арктикаҕа Муустаах акыйааҥҥа уста сылдьар.
Хараабылларга суол аһан биэрэллэр. Онон сибээһэ суох сиргэ сылдьар буолан, миэхэ тахса илик” диэн кэпсэтиибитин саҕалаата Яна Рожина.
Бастакы үөрүүлээх сонун
— Яна Петровна, Нам 2-с Хомустааҕын ыччата “Урал” ледоколга үлэлии сылдьарын туһунан сурах хайдах бастаан кэлбитэй?
— “Якутия” ууга түһэриллиитин күн “Урал” атомнай ледокол былааҕын көтөҕөн, муораҕа атаарыы сиэрэ-туома буолбутун туһунан сонуну Арассыыйа ханаалларыгар биэрбиттэр. Онно мин оҕом Ян Рожинтан интервью ылбыттарын биир дойдулаахтарбыт истибиттэр, көрбүттэр этэ. Ян сотору ыраах рейскэ айанныыр ледокол сиэрэ-туома оҥоһуллуохтааҕын туһунан миигин эрдэ сэрэппитэ эрээри, мин үлэбэр сылдьар буолан көрбөтөҕүм. Интервью биэриэм диэн бэйэтэ санаабатаҕа чахчы. Онтон билэр дьонум “кырдьык дуо?” диэн ыйыталаһан, хаартыскатын көрдөөн ыыттарбыттара, бассаабынан өрөспүүбүлүкэни биир гына тилийэ көппүт этэ. Аҕабыт Александр Петрович баара буоллар, оҕотунан төһөлөөх киэн туттуо этэй. Кини 2016 сыллаахха олохтон барбыта.
Аҕа иитэр ньымата
— Ян, тыа оҕото диэтэххэ, хайдах уу аалын салайар идэҕэ тардыспытай?
— Биһиги 2-с Хомустаахпыт өрүс үрдүгэр турар. Ол иһин да буолуо, нэһилиэк оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн сөтүөлээн улааппыттара. Аны биһиги дьиэ кэргэнинэн тыаттан арахсыбат ыал этибит.
Ордук хоно сытан балыктыырбытын сөбүлүүрбүт. Аҕабыт Александр Петрович уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн тиэхиньикэҕэ сыһыара үөрэппитэ. Улаатан баран, уолаттар мотуорканы бэйэлэрэ ыыталлар этэ. Аҕабыт наһаа хаһаайыстыбаннай этэ. “Булт” диэн баран муннукка ытаабыт киһи буоллаҕа. 2000 сыллар саҥаларыгар нэһилиэккэ араас омук массыыната дэлэйбитэ. Биирдэ нэһилиэкпит биир олохтооҕо: «Оҕолоргутугар тоҕо иномарка ылбаккытый? Иккиэн үөрэхтэригэр үчүгэйдэр дии» диэн ыйыппытыгар аҕалара: “Ити иитии биир ньымата. Кэлин улааттахтарына олохторугар туһалыа” диэбитэ. Биһиги ийэлээх аҕа дьиэ кэргэммитигэр тутуһар бэлиитикэбит – эргэни харыстыы үөрэниэххэ диэн этэ. Инньэ гынан массыыналара ханан туга моһуоктуурун эндэппэккэ билэллэрэ, бэйэлэрэ өрөмүөннээн, өр сүүрдүбүттэрэ. Кэлин үөрэнэ сырыттаҕына, Янтан преподавателэ “мэхээньикэни эндэппэккэ билэҕин, ким маннык үөрэппитэй?” диэн ыйытара үһү. Аҕатын ииппит үөрүйэҕэ билигин атомнай ледоколу ыытар хапытаан көмөлөһөөччүтүгэр тиийэ тиэртэҕэ.
Арктика акыйааныгар уста сылдьар киһини кытта, кэпсэтии, биллэн турар, уустук. Ол иһин Яна Петровна Нам улууһун “Эҥсиэли” хаһыатын суруналыыстара Ян Рожин атомнай ледоколга хайдах үлэлии кэлбитин кэпсээбитин бэйэтэ устан ыыппытын ютубка укпут сыылкаларын ыыппыта.
— 2015 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн баран, Новосибирскай куоракка Сибиирдээҕи уу транспорын судаарыстыбаннай университетын суудунаны салайыы факультетыгар үөрэнэ киирбитим. Штурман идэтин баһылаан, үөрэхпин 2020 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим.
Хайдах бу үлэҕэ кэлбиппиний диир буоллахха, 2018 сыллаахха үчүгэйдик үөрэнэр буоламмын, “Атомфлот” хампаанньаҕа 5 миэстэни булбуттарыттан дэкэнээт биирин миэхэ биэрбитэ. 2019 сыллаахха эмиэ бу хонтуораҕа иккис быраактыкабар кэлэн, сыл аҥара муораҕа устубутум.
2019-2020 сыллаахха быраактыкаттан кэлээт, дипломнай үлэбин суруйан, ситиһиилээхтик көмүскээн, үөрэхпин бүтэрбитим. Онтон 2020 сылтан 2021 сыл ахсынньы бүтэһигэр диэри аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. Миэхэ үлэ миэстэтин анаан, кэтэһэн олороллор этэ. 2022 сыл тохсунньутугар атомнай ледоколга хапытаан 3-с көмөлөһөөччүтүнэн ылбыттара. Онно икки нэдиэлээх анал стажировканы ааспытым. Үлэбин “Таймыр” атомнай ледоколтан саҕалаабытым. Енисейскэй заливка үлэлээбиппит. Ол үлэлии сырыттахпына Санкт-Петербург куоракка тутулла турар “Урал” саҥа ледоколу үлэҕэ киллэриигэ бараҕын диэн эппиттэрэ. Онтон уоппускаҕа сылдьан баран, атырдьах ыйын бүтүүтэ ледоколга үлэлии кэлбитим.
Үлэбит уонна сынньалаҥмыт — анал чааһынан аттарыллыбыт кыраапык. Москва бириэмэтинэн үлэлиибит, — диэн Ян үлэтин туһунан кэпсээбит.
Салгыы Ян Рожин ийэтэ Яна Петровналыын кэпсэтэбит.
— Оҕо иитиитигэр эн, учуутал киһи, уопутуҥ сыттаҕа дии.
— Биллэн турар, 42 сыл алын сүһүөх кылаас учууталын быһыытынан оҕону иитиигэ үлэлээбит киһи – идэм буоллаҕа. Оҕо иитиитигэр анаабыт идэбин олус сөбүлүүбүн. Маныаха үөрэммит кыһабар — төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир Бүлүү педучилищетыгар махталым муҥура суох. Үөрэх уонна билии өттүнэн холобур буолар учууталларга үөрэниим — олоҕум күндү бэлэҕэ.
Уол оҕону иитиигэ аҕа оруола сүҥкэн. Александр Петрович оҕолорун батыһыннара сылдьан тутууга, булка, тиэхиньикэҕэ барытыгар үөрэппитэ. Уолаттар аҕаларын олус убаастыыллара.
Кини уолаттарын итинник үөрэппит буолан, обургу саастарыгар бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэр этилэр. Онон барыга бары көхтөөх буола улааппыттара. Иккиэн өрүү кылаастарыгар хамандыыр буолаллара. Араас сылларга — Ил Дархан харыйатын тэрээһинин кыттыылаахтара. Ян английскай тылы бэркэ билэр буолан, биһиэхэ лааҕырга кэлэр омук дьонугар тылбаасчытынан сылдьааччы. Оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Улахан уол Аян үөрэҕэр эмиэ үчүгэй этэ. Кини өрүү инники күөҥҥэ сылдьан, быраатыгар холобур буолан, иккиэн бэйэ-бэйэлэрин өйөһө улааппыттара.
Оҕолорум атын киһи кыһалҕатын өйдүү улааппыттарыгар эмиэ аҕаларын оруола сүҥкэн. 2-с Хомустаах өрүү ууга барар этэ. 2010 сыллаахха саамай улахан уу кэлбитэ. Онно оҕолорум аҕаларын кытта дьон таһаҕаһын үөһэ кырыыһаҕа таһаарыыга тэҥҥэ сылдьан, мырааҥҥа сүөһү үүрсэн, ыксыы сылдьар дьоҥҥо көмө буолан, нэһилиэк дьаһалтатыттан Махтал суругунан бэлиэтэммиттэрэ.
— Оҕо буолан баран, мэниктииллэрэ буолуо?
— Биллэн турар, биир муостанан хаампат буоллахтара дии. Буолаары буолан, уолаттар. Кэргэммэр махтанарым диэн, иккиэн уолаттарбытын иитиигэ биир хайысханы тутуһар этибит. Кини уолаттарын мөҕөр, сэмэлиир кэмигэр мин хаһан да кыттыһааччым суох. Мин мөҥүттэр кэммэр, аҕабыт саҥарбат этэ. Ол иһин оҕо туохха сыыспытын билэ улаатар, көннөрүнэр. Биирдэ-иккитэ чыпчаххайдаан ылбыт түбэлтэлээхпин. Уол оҕоҕо уулусса дьайыыта син биир баар. Буолаары буолан, тыа оҕотугар. Доҕотторуттан хаалсымаары, уолаттар ону-маны боруобалаан көрүөн баҕараллара баара. Оҕо иитиитигэр ийэ, аҕа биир хайысханы тутуһаллара ордук. Мин кэргэмминээн 2-с Хомустаахха Муоматтан кэлэн олохсуйан, бу ытык сиргэ силиспитин тарпыппыт. Оҕолорбут манна төрөөбүттэрэ. Александр Меркулов Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕуттан төрүттээх. Мин — Муомабын. Өймөкөөн дьоно талааннаах уолларын өрүү киэн тутта ахталларыттан, саныылларыттан биһиги, Александр Петрович дьиэ кэргэнэ, олуһун үөрэбит.
Биһиги оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн кинигэ ааҕарга, билиигэ тардыһарга үөрэппиппит. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар энциклопедия, конструктор арааһа атыыга сотору-сотру тахсар этэ. Куораттан чугас олорор буолан, оҕолорбутугар өрүү кинигэ, араас уопуту, тугу эрэ илиинэн оҥорор таһаарар, оҕо өйүн сайыннарар тэриллэрдээх кэһиилээх кэлээччибит. Ол эмиэ Яны сөбүлүүр идэтигэр сирдээн аҕаллаҕа.
… Яна Петровна соторутааҕыта уолун кытта кэпсэтэригэр, оҕото үөрүүлээх сонунун кытта үллэстибит – ахсынньы 3 күнүгэр, Арассыыйа атомнай флотун күнүгэр, үлэлиир тэрилтэтиттэн 22220 бырайыак чэрчитинэн «Урал» СУАЛ чинчийэр сырыытын сөптөөхтүк хааччыйбытын уонна дойду атомнай ледокольнай флотун сайдыытыгар тус кылаатын иһин Росатом Бочуотунай кыраамататынан наҕараадаланна.
“Онон оҕом үлэтин ситиһиилээхтик саҕалаабытыттан үөрэбин. Эдэр киһини бииргэ үлэлиир дьоно “саха киһитэ тутулла турар “Якутия” ледокол хапытаанынан буоллаххына табыллар”, дииллэр үһү.
Оҕобут кыра эрдэҕиттэн туруоруммут сыалын, баҕа санаата туоларыгар дьулуһар.
Кини төрөөбүт дойдутун Саха сирин дорҕоонноохтук ааттатан, атомнай ледоколунан Хотугу Муустаах акыйааны кыйа уста сылдьар.
Айбыт айыылара арчылыы, араҥаччылыы, харыстыы сырыттыннар”, — диэн Ян Рожин ийэтэ кэпсэтиибитин түмүктээтэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…