Салгыы
Саха ыччата норуотун эрэлин толоруо

Саха ыччата норуотун эрэлин толоруо

18.08.2024, 09:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар дойдуга олоҕу хамсатар сүрүн күүһүнэн ыччат буолар. Арассыыйаҕа ыччат нэһилиэнньэ үс гыммыт биирин ылар, онон кинилэр кыһалҕалара хайдах быһаарылларыттан дойду туруктаах буолуута уонна инники кэскилэ улахан тутулуктаах. Билиҥҥи инновационнай сайдыы балысханнык барар кэмигэр ыччат дьону өйүүрбүт, кинилэргэ болҕомто уурарбыт олус суолталаах.

Ыччат министиэристибэтэ биэрбит даанннайынан, Саха сиригэр 14-тэн 35-гэр диэри саастаах 317 377 ыччат дьон баар. Бу өрөспүүбүлүкэ нэһилиэн­ньэтин ахсаанын
31,8 %-на. Сыл аайы ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр 1500-тэн тахса тэрээһин ыытыллар.

Патриотическай иитии

Ыччаты, үүнэн иһэр көлүөнэни патриоттуу иитии министиэристибэ үлэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар. Ыччат бэлиитикэтигэр туруоруллубут соруктары олоххо киллэрэр сыалтан 2022 сыл муус устар 28 күнүгэр 892-VI З №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр пат­риотическай иитии туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыллыбыта. Патриотическай иитии боппуруостарынан Ил Дархан 2022 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Дьаһалынан тэриллибит Саха сиригэр патриотическай иитии­гэ координационнай сэбиэт дьарыктанар.

Ыччаты патриотическай иитии тиһигин тэҥ халыыбын олохтуур уонна салгыы үлэ­лииргэ олугу уурар сыалтан тустаах министэристибэ киэҥ хабааннаах былаан оҥостон олорор. Ол сиэринэн 2023 сылга уонна 2025 сылга диэри былааннаах кэмҥэ патриотическай иитии эйгэтигэр биир кэлим былаан оҥоһуллубута. Бу былаан быһыытынан сэттэ түһүмэҕинэн 148 тэрээһин ыытыллыахтаах.

Бу тэрээһиннэр былаан­нара биир киһи өйүттэн ылан оҥоруута буолбатах, «Патриотическай иитии» хайыс­хатынан ыччат уопсай санаатын үөрэтэр социологичес­кай чинчи­йии ыытыллан, ону тэҥэ бу эйгэ тиһигин кэтээн көрүү көмөтүнэн оҥоһуллубуттар. Киэҥ хабааннаах чинчийэр үлэ кэнниттэн «Основы патрио­тического воспитания» диэн мэтэдиичэскэй хомуурунньук тахсыбыт, онно патриотичес­кай иитии туһунан теоретичес­кай билии уонна олоххо киллэрии сүбэлэрэ ыйыллыбыттар.

Уон сыл анараа өттүгэр, 2014 с. патриотическай иитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр – 30 000 киһини (3,14%) хаппыт эбит буоллахтарына, 2023 сыл түмүгүнэн 178 802 киһи (17,8%) тиийбит. Манна «ЮНАРМИЯ» оҕо-ыччат байыаннай-патрио­тическай хамсааһына оруола эмиэ улахан. Бу хамсааһын өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, куораттарыгар баар 31 олохтоох салаатын 231 этэрээтигэр уопсайа 8276 эдэр армеец баар.

Волонтердар хамсааһыннара

Саха сиригэр дьон баҕа өттүнэн араас хамсааһыҥҥа кыттыытын, көҕүн  сайыннарыыны сүрүннүүр уонна көдьүүһүн үрдэтэр сыалтан өссө 2014 сыллаахха Координационнай сэбиэт тэриллибитэ.

Арассыыйа үрдүнэн бүрүү­кээбит уустук кэмнэр саҥа хамсааһын баар буоларыгар олук уурдулар. Аан дойдутааҕы хамсык дьаҥа саҕаланыаҕыттан улахан ойуур баһаардарын, оттон байыаннай дьайыы кэмигэр үтүө санаалаах, амарах дууһалаах дьон түмсэннэр волонтердар хамсааһыннарын тэрийдилэр. Саха сиригэр баҕа өттүлэринэн көмөлөһөр соруктаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы волонтердара», «Миэдик волонтердар», «Култуура волонтердара» итиэн­нэ «Эколята», «Зеленые пионеры», о.д.а. уопсастыбаннай хамсааһыннар үгүс ыччаты түмэ тартылар.

Эмиэ маннык хайысханан: социальнай волонтердааһын, физкултуура уонна успуорт, айылҕа харыстабылын, ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыы, сүппүт дьону көрдөөһүн эйгэтигэр, о.д.а. хамсааһыҥҥа, уопсастыба олоҕор бэйэ баҕатынан кыттыһыы сайдар.

Маны таһынан, хамсык дьаҥын кэмигэр тэриллибит «Биһиги бииргэбит» уопсас­тыбаннай хамсааһын иһинэн волонтердар күүскэ үлэлии сылдьаллар. «Биһиги бииргэбит» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаа­ба байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһө сылдьар.

Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ 36 улууһугар барытыгар муниципальнай ыстааптар тэриллэн үлэлииллэр. Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэ иһигэр үөрэхтээһин уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин баазатыгар 7 Үтүө дьыала киинэ тэриллэн үлэлиир.

Устудьуоннар этэрээттэрэ

Маны тэҥэ “Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ» Арассыыйатааҕы ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи салаатын үлэтин хайҕыахха эрэ сөп. Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр ыһыллан, умнулла быһыытыйан иһэн, саҥа тыынынан биирдэ күөрэс гынна. Кэнники сылларга устудьуоннар этэрээттэрин хамсааһына сайынна диир сыыһа буолбатах дии саныыбын. 2023 сылы ылан көрдөххө, тутуу, бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбатын, оҥорон таһаарыы, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу эйгэтигэр уонна оҕо лааҕырдарыгар устудьуоннар этэрээттэрин 2711 байыаһа үлэлээбит.

Ааспыт сылга Ыччат минис­тиэристибэтэ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин уонна патриотическай иитии өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн «Саха сирин ыччата» бырагырааманан уон сүрүн хайысхаҕа 26 улууска уопсайа 50 мөл. солк. суумалаах субсидия биэрбит. Быйыл «Саха сирин ыччата» судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 18 улууска үс хайысханан уопсайа 10 мөл. солк. ыччат бэлиитикэтигэр субсидия ыытыллыбыт.

«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак «Ыччаты өйүүр тиһиги сайыннарыы («Арассыыйа ыччата») федеральнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн дойду субъектарыгар «Регион для молодых» ыччат бэлиитикэтин кэлимник сайыннарыы Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус буолан ааспыта. Ол түмүгүнэн Саха сирэ кыайыылааҕынан тахсан ыччат бэлиитикэтин сайыннарыыга 98 мөл. солк. суумалаах федеральнай субсидияны ылары ситиспитэ.

Дьоһуннаах бырайыактар

Биһиги талааннаах ыччаттарбытын биисинэс, култуура уонна успуорт эйгэтигэр өйүүр сыалтан 2021 сылтан саҕалаан «Муус устар» ыччат бэстибээлэ ыытыллар. Бу олус дириҥ ис хоһоонноох, ыччакка улахан суолталаах тэрээһин буолар. Кыаҕын ылан, хабаана кэҥээн, ааспыт 4 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 300 тыһ. тахса киһи кытынна.

2023 сылтан саҕаламмыт «Саха сирэ, инниҥ диэки!» каадырдары бэлэмниир куонкурус эмиэ дьоһун суолталаах.  Бу куонкурус өрөспүүбүлүкэ судаа­рыстыбаннай уонна муниципальнай былааһын уорганнарыгар, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ салааларыгар каадырдары сүүмэрдиир сыаллаах. Саха сирэ туруктаах сайдыытын хааччыйар үрдүк таһымнаах уонна көдьүүстээх салайааччылар хамаандаларын тэрийиигэ олук буолар диир оруннаах.

Куонкуруска барыта 537 сайаапка киирбит, балартан финалга  23 улуустан 93 киһи кыттыбыт. Онтон саамай үрдүк баалы ылбыт финалист Саха Өрөспүүбүлүкэтин каадырын солбугар киирэргэ мэктиэ­лэммит. Итини сэргэ бастыҥ көрдөрүүлээх кыайыылаах үс киһи быһаарыллыбыт.

Итини тэҥэ Ыччат десанын үлэтин тэрийиини бэлиэтээбэт буолар сатаммат. Бу Саха сирин ыччатын баҕа өттүнэн (волонтерскай) аахсыйата буолар. Бу ырыа-тойук аргыстаах, көхтөөх ыччаттар улуустарга тиийэннэр аҕам саастаахтары, бэтэрээннэри, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөллөр, кэнсиэр көрдөрөллөр,  дьиэ-­уот ис-тас үлэтигэр, хаар ыраас­тааһыныгар, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөллөр. Ол курдук, ыччат десана өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар ыытыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Ити курдук Ыччат минис­тиэристибэтэ ыччаты өйүүр, көҕүн үрдэтэр. Ол туоһутунан Саха сирин 492 ыччата 6 сыл иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы, уокуруктааҕы пуорумнарга, бэстибээллэргэ кытынна. Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба сыл аайы ыытар араас граннарыгар кыттар.  2018-2023 сс. 1146 са­­йаапка бэриллибит, онтон 30 782 000 солк. суумалаах 93 са­­йаапка өйөбүлү ылбыт.

Ити курдук, Саха сиригэр ыччат бэлиитикэтэ араас ха­­йысханан сайдар. Ыччат хамсааһыннарын көхтөрө улаатар, эдэрдэр баалларын биллэрэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: