Ханнык баҕарар дойдуга олоҕу хамсатар сүрүн күүһүнэн ыччат буолар. Арассыыйаҕа ыччат нэһилиэнньэ үс гыммыт биирин ылар, онон кинилэр кыһалҕалара хайдах быһаарылларыттан дойду туруктаах буолуута уонна инники кэскилэ улахан тутулуктаах. Билиҥҥи инновационнай сайдыы балысханнык барар кэмигэр ыччат дьону өйүүрбүт, кинилэргэ болҕомто уурарбыт олус суолталаах.
Ыччат министиэристибэтэ биэрбит даанннайынан, Саха сиригэр 14-тэн 35-гэр диэри саастаах 317 377 ыччат дьон баар. Бу өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаанын
31,8 %-на. Сыл аайы ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр 1500-тэн тахса тэрээһин ыытыллар.
Ыччаты, үүнэн иһэр көлүөнэни патриоттуу иитии министиэристибэ үлэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар. Ыччат бэлиитикэтигэр туруоруллубут соруктары олоххо киллэрэр сыалтан 2022 сыл муус устар 28 күнүгэр 892-VI З №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр патриотическай иитии туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыллыбыта. Патриотическай иитии боппуруостарынан Ил Дархан 2022 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Дьаһалынан тэриллибит Саха сиригэр патриотическай иитиигэ координационнай сэбиэт дьарыктанар.
Ыччаты патриотическай иитии тиһигин тэҥ халыыбын олохтуур уонна салгыы үлэлииргэ олугу уурар сыалтан тустаах министэристибэ киэҥ хабааннаах былаан оҥостон олорор. Ол сиэринэн 2023 сылга уонна 2025 сылга диэри былааннаах кэмҥэ патриотическай иитии эйгэтигэр биир кэлим былаан оҥоһуллубута. Бу былаан быһыытынан сэттэ түһүмэҕинэн 148 тэрээһин ыытыллыахтаах.
Бу тэрээһиннэр былааннара биир киһи өйүттэн ылан оҥоруута буолбатах, «Патриотическай иитии» хайысхатынан ыччат уопсай санаатын үөрэтэр социологическай чинчийии ыытыллан, ону тэҥэ бу эйгэ тиһигин кэтээн көрүү көмөтүнэн оҥоһуллубуттар. Киэҥ хабааннаах чинчийэр үлэ кэнниттэн «Основы патриотического воспитания» диэн мэтэдиичэскэй хомуурунньук тахсыбыт, онно патриотическай иитии туһунан теоретическай билии уонна олоххо киллэрии сүбэлэрэ ыйыллыбыттар.
Уон сыл анараа өттүгэр, 2014 с. патриотическай иитиигэ туһуламмыт тэрээһиннэр – 30 000 киһини (3,14%) хаппыт эбит буоллахтарына, 2023 сыл түмүгүнэн 178 802 киһи (17,8%) тиийбит. Манна «ЮНАРМИЯ» оҕо-ыччат байыаннай-патриотическай хамсааһына оруола эмиэ улахан. Бу хамсааһын өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, куораттарыгар баар 31 олохтоох салаатын 231 этэрээтигэр уопсайа 8276 эдэр армеец баар.
Саха сиригэр дьон баҕа өттүнэн араас хамсааһыҥҥа кыттыытын, көҕүн сайыннарыыны сүрүннүүр уонна көдьүүһүн үрдэтэр сыалтан өссө 2014 сыллаахха Координационнай сэбиэт тэриллибитэ.
Арассыыйа үрдүнэн бүрүүкээбит уустук кэмнэр саҥа хамсааһын баар буоларыгар олук уурдулар. Аан дойдутааҕы хамсык дьаҥа саҕаланыаҕыттан улахан ойуур баһаардарын, оттон байыаннай дьайыы кэмигэр үтүө санаалаах, амарах дууһалаах дьон түмсэннэр волонтердар хамсааһыннарын тэрийдилэр. Саха сиригэр баҕа өттүлэринэн көмөлөһөр соруктаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы волонтердара», «Миэдик волонтердар», «Култуура волонтердара» итиэннэ «Эколята», «Зеленые пионеры», о.д.а. уопсастыбаннай хамсааһыннар үгүс ыччаты түмэ тартылар.
Эмиэ маннык хайысханан: социальнай волонтердааһын, физкултуура уонна успуорт, айылҕа харыстабылын, ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыы, сүппүт дьону көрдөөһүн эйгэтигэр, о.д.а. хамсааһыҥҥа, уопсастыба олоҕор бэйэ баҕатынан кыттыһыы сайдар.
Маны таһынан, хамсык дьаҥын кэмигэр тэриллибит «Биһиги бииргэбит» уопсастыбаннай хамсааһын иһинэн волонтердар күүскэ үлэлии сылдьаллар. «Биһиги бииргэбит» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстааба байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһө сылдьар.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ 36 улууһугар барытыгар муниципальнай ыстааптар тэриллэн үлэлииллэр. Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэ иһигэр үөрэхтээһин уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин баазатыгар 7 Үтүө дьыала киинэ тэриллэн үлэлиир.
Маны тэҥэ “Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ» Арассыыйатааҕы ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи салаатын үлэтин хайҕыахха эрэ сөп. Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр ыһыллан, умнулла быһыытыйан иһэн, саҥа тыынынан биирдэ күөрэс гынна. Кэнники сылларга устудьуоннар этэрээттэрин хамсааһына сайынна диир сыыһа буолбатах дии саныыбын. 2023 сылы ылан көрдөххө, тутуу, бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбатын, оҥорон таһаарыы, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу эйгэтигэр уонна оҕо лааҕырдарыгар устудьуоннар этэрээттэрин 2711 байыаһа үлэлээбит.
Ааспыт сылга Ыччат министиэристибэтэ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин уонна патриотическай иитии өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн «Саха сирин ыччата» бырагырааманан уон сүрүн хайысхаҕа 26 улууска уопсайа 50 мөл. солк. суумалаах субсидия биэрбит. Быйыл «Саха сирин ыччата» судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 18 улууска үс хайысханан уопсайа 10 мөл. солк. ыччат бэлиитикэтигэр субсидия ыытыллыбыт.
«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак «Ыччаты өйүүр тиһиги сайыннарыы («Арассыыйа ыччата») федеральнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн дойду субъектарыгар «Регион для молодых» ыччат бэлиитикэтин кэлимник сайыннарыы Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус буолан ааспыта. Ол түмүгүнэн Саха сирэ кыайыылааҕынан тахсан ыччат бэлиитикэтин сайыннарыыга 98 мөл. солк. суумалаах федеральнай субсидияны ылары ситиспитэ.
Биһиги талааннаах ыччаттарбытын биисинэс, култуура уонна успуорт эйгэтигэр өйүүр сыалтан 2021 сылтан саҕалаан «Муус устар» ыччат бэстибээлэ ыытыллар. Бу олус дириҥ ис хоһоонноох, ыччакка улахан суолталаах тэрээһин буолар. Кыаҕын ылан, хабаана кэҥээн, ааспыт 4 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 300 тыһ. тахса киһи кытынна.
2023 сылтан саҕаламмыт «Саха сирэ, инниҥ диэки!» каадырдары бэлэмниир куонкурус эмиэ дьоһун суолталаах. Бу куонкурус өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былааһын уорганнарыгар, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ салааларыгар каадырдары сүүмэрдиир сыаллаах. Саха сирэ туруктаах сайдыытын хааччыйар үрдүк таһымнаах уонна көдьүүстээх салайааччылар хамаандаларын тэрийиигэ олук буолар диир оруннаах.
Куонкуруска барыта 537 сайаапка киирбит, балартан финалга 23 улуустан 93 киһи кыттыбыт. Онтон саамай үрдүк баалы ылбыт финалист Саха Өрөспүүбүлүкэтин каадырын солбугар киирэргэ мэктиэлэммит. Итини сэргэ бастыҥ көрдөрүүлээх кыайыылаах үс киһи быһаарыллыбыт.
Итини тэҥэ Ыччат десанын үлэтин тэрийиини бэлиэтээбэт буолар сатаммат. Бу Саха сирин ыччатын баҕа өттүнэн (волонтерскай) аахсыйата буолар. Бу ырыа-тойук аргыстаах, көхтөөх ыччаттар улуустарга тиийэннэр аҕам саастаахтары, бэтэрээннэри, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөллөр, кэнсиэр көрдөрөллөр, дьиэ-уот ис-тас үлэтигэр, хаар ыраастааһыныгар, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөллөр. Ол курдук, ыччат десана өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар ыытыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Ити курдук Ыччат министиэристибэтэ ыччаты өйүүр, көҕүн үрдэтэр. Ол туоһутунан Саха сирин 492 ыччата 6 сыл иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы, уокуруктааҕы пуорумнарга, бэстибээллэргэ кытынна. Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба сыл аайы ыытар араас граннарыгар кыттар. 2018-2023 сс. 1146 сайаапка бэриллибит, онтон 30 782 000 солк. суумалаах 93 сайаапка өйөбүлү ылбыт.
Ити курдук, Саха сиригэр ыччат бэлиитикэтэ араас хайысханан сайдар. Ыччат хамсааһыннарын көхтөрө улаатар, эдэрдэр баалларын биллэрэллэр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…