Салгыы
Саха ыччата үлэлиир сиригэр үлэ күөстүү оргуйар

Саха ыччата үлэлиир сиригэр үлэ күөстүү оргуйар

27.08.2023, 17:00
Үлэһит уол тротуар билииккэтин эрбиир. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат хас даҕаны уулуссата өрөмүөҥҥэ сабыллан, оптуобустар маршруттара уларыйан турар. Сайын буолан, аны массыына аһара элбээн, бэйэтэ даҕаны кыараҕас уулуссаларынан оптуобустар быт хаамыытынан айаннаан, куорат олохтоохторо киҥнэрэ-наардара хойдор. Оттон куоракка кэлбит ыалдьыт олох даҕаны мунар-тэнэр, күнүн-дьылын сүтэрэр.

Кэнники сылларга киин куораппыт уулуссалара биллэрдик алдьанан, ол өрөмүөнүгэр сабыллан, маннык балаһыанньа үөскээтэ. Өрөмүөн үлэтэ хаһан бүтэрин, ханнык уулуссаларга үлэ хайдах барарын билсэ, биир үтүө күн эрэдээк­сийэ массыынатынан  куораты кэрийдибит.

Быйыл Дьокуускай куоракка 17 уулусса өрөмүөннэниэхтээх диэн былааҥҥа баара, онтон 10-на уустук уонна улахан сыраны эрэйэр үлэлээх буолан, 7 эбийиэк кэлэр сылга көһөрүллүбүт. Бу оҥоһулла сылдьар эбийиэктэр уопсай уһуннара 22 км 626 м, быйылгы сыл­­лаах үбүлээһин – 2 млрд 300 мөл. солкуобай кэриҥэ.
Өрөмүөн ханна барарый?
Уолаттар күүстээх үлэ үөһүгэр. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

Быйыл Дьокуускай куоракка 17 уулусса өрөмүөннэниэхтээх диэн былааҥҥа баара, онтон 10-на уустук уонна улахан сыраны эрэйэр үлэлээх буолан, 7 эбийиэк кэлэр сылга көһөрүллүбүт. Бу оҥоһулла сылдьар эбийиэктэр уопсай уһуннара 22 км 626 м, быйылгы сыл­­лаах үбүлээһин – 2 млрд 300 мөл. солкуобай кэриҥэ.

Өр кэтэһиилээх Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастага быйыл күһүн бүтүөхтээх. Дьокуускай куорат дьаһалтата биэрбит дааннайынан, уон учаастакка – Бабушкин уулуссатыгар Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Очиченко уулуссатыгар диэри, Вилюйскай переу­локка – Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа (1-кы пусковой комплекс) диэри, Челюскин уулуссатыгар – Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Беринг уулуссатыгар диэри итиэннэ Кузьмин (1-кы учаастак)  уонна Островскай уулуссаларыгар хапытаалынай өрөмүөннэр оҥоһулла сылдьаллар.

Маны сэргэ Винокуров уул. Ильменскэйтэн Чайковскай уулуссатыгар диэри, Поярков уул. Дзержинскэйтэн Октябрь­скай уулуссатыгар диэри учаас­тагын саҥалыы уларытан, кэҥэтэн оҥоро сылдьаллар. Өссө икки эбийиэк куорат таһыгар – Табаҕа сэлиэнньэтигэр икки уулусса хапытаалынай өрөмүөннэрэ ыытыллар, ол гынан баран, бу эбийиэктэр кэлэр сылга көһөрүллүбүттэр.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, сэттэ эбийиэк (уулусса) өрөмүөнэ саҕаламмыт эрээри, сүрүн үлэтэ кэлэр сылга көһөрүллүбүт. Дьокуускай куоракка Пилоттар уулуссаларыттан Строд (Марха) уулуссатыгар диэри учаастак,
И. Кульбертинов уулуссатыттан Эргэ Покровскай тракка диэри, Табаҕа сэлиэнньэтигэр икки уулусса хапытаалынай өрөмүөннэрэ, Птицефабрика оройуонугар элбэх оҕо­лоох дьиэ кэргэн кыбартаалыгар Хомустахскай уулуссаҕа киирии суол,  Тулагыга уонна Сыырдаахха кыра уулуссалар өрөмүөннэрэ ыытыллыахтаах.

Нацбырайыак абыраата

Бэлиэтээн эттэххэ, бу эби­йиэктэр «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан үбүлэнэн оҥоһуллаллар.  Ити бырайыагынан 2019 сылтан Дьокуускай куоракка 134 км уулусса-суол тиһигэ өрөмүөннэннэ. Быйыл 30 км кэриҥэ суолу чөлүгэр түһэриэхтэрэ.

Куорат мэрэ соторутааҕыта быһа эпииргэ эппитинэн, 2023 сылы киллэрэн туран, барыта бу бырайыагынан 164 км суол оҥоһуллуохтаах. Оччоҕо куорат суолун 67% нуормаҕа эп­­пиэттиир буолуохтаах.

Балаҕан ыйын бүтүүтэ Дзержинскэй уулуссатытттан Хабаров уулуссатыгар диэри учаастак аспаалланыах­таах, билиҥҥҥитэ иккис дьапталҕата ууруллан сытар. Мэр балаҕан ыйын саҥатыгар массыына суолун арыйар былааннаах.

Балаҕан ый бүтүүтэ, уопса­йынан, быйылгы өрөмүөн үлэтэ бүтүөхтээх диэн бы­­лааннаахтар. Ленин проспегын уонна Поярков уулуссатын өрөмүөнэ бүттэҕинэ, куорат олохтоохторо «һуу» гыныа, уоскуйуо этилэр.

Кэлэр сылга аны Ойуу­нускай, Лермонтов, Сэбиэс­кэй Аармыйа 50 сыла  уулуссаларын өрөмүөнэ саҕаланыа, онон онуоха-маныаха диэри куорат олохтоохторо тыастан-уустан, хааччахтааһынтан сынньана түһүө этилэр.

Үлэ «Куттала суох уонна хаачыстабалаах суоллар» нацио­нальнай бырайыагынан икки түһүмэҕинэн барар. Ол курдук, быйыл аспаал 511 миэтэрэлээх учаастакка ууруллуо. Оттон 2024 с. Севастопольскай уулуссаттан саҕалаан оҥоһуллуо. Ону таһынан, икки балаһалаах Можайскай уулуссата Севастопольскайтан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри өрөмүөннэниэ. Кальвица уулуссатыттан Бабушкин уулуссатыгар диэри түөрт балаһалаах суол өрөмүөнэ эмиэ эһиилгиттэн саҕаланыа. Манна бастакы түһүмэххэ Бабушкин уулуссата, онтон салгыы Намныыр ты­­раакка диэри суол оҥоһуллуо.

Поярков уулуссата

Тиийбиппит, саха уолаттара тротуар оҥоро сылдьаллар, судбэдэрээтчит үлэһиттэрэ эбит. Кыбыстан улаханнык кэпсэппэтилэр уонна мээнэ кэпсиирбитин салайааччыларбыт сөбүлээбэттэр диэн батынан кэбистилэр. Уолаттар кумах таһан кута-кута, ол үрдүгэр тротуарнай билииккэлэри уурталыыллар. Онтуларын тэҥнииллэр, сорохтор оҥойон хаалбыт хайаҕастарга билииккэ быһан угаллар.

Тойоммут ол сылдьар, кини кэпсиэ диэн, суол нөҥүө турар киһини ыйаллар. Суол нөҥүөттэн хаһыы­таан, далбаатаан ыҥыран ыллым. Учаастак маастара Александр Филимончук диэн эбит.

«Бу уолаттар – бэдэрээтчит тэрилтэ үлэһиттэрэ, кинилэр тротуары тэлгэтэллэр. Оттон улахан суолу оҥорооччулар эмиэ атын бэдэрээтчиттэр. Үлэ хаамыыта тэтимнээх буолан, арыый кыраапыктан эрдэлээн иһэбит. Поярков уулуссатын бу үһүс учаастага хаалла, болдьох быһыытынан алтынньы 31 күнүгэр бүтүөхтээхпит», – диэн кэпсээтэ маастар.

Бу уулуссаны Дзержинскэй уулуссаттан саҕа­лаан Октябрь­скайга диэри «Саха­трасстрой» тэрилтэ оҥорор. Бэдэрээтчит тэрилтэ суолу таһынан, оп­­туобус тохтобулун, массыыналар турар, тохтуур сирдэрин уонна тротуарын оҥоруохтаах. Поярков уулуссатын  1840 миэтэрэ усталаах суолун өрөмүөннүөхтэрэ.

Ленин проспега

Салгыы суоппар быһаарыытынан, күнүскү өттүгэр уулуссалар «пробкалаахтар» диэн, чугастыы Ленин проспегар айанныыбыт. Уулусса Орджоникидзе болуоссатын өттүнээҕи учаастагын суола оҥоһуллан бүппүт, саҕаланыыта уонна аппа уҥуоргу өттө өрөмүөннэнэ сылдьар. Биһиги «Лена» киинэ тыйаатырын аттынан тиийэн үлэһиттэри кытары кэпсэтэбит. Суол инньэ былырыыҥҥыттан хаһыллан, өрөмүөҥҥэ сабыллан, бу эҥээр олохтоохтор оптуобус сылдьыбатыттан даҕаны, түөрэ-лаҥкы суолунан сатыы хаамартан даҕаны сылайан, киҥир-хаҥыр саҥараллара үгүс. Мин көрдөхпүнэ, билигин даҕаны силигэ ситиэ ыраах. Күннээх Кавказ уолаттара биһиги тиийбиппитигэр, ким будка аттыгар, ким иһигэр, ким тротуарга олороллор, сыталлар.

Куорат дьаһалтата биэрбит дааннайынан, Ленин проспегын «Дорстрой» тэрилтэ тута сылдьар. Ол гынан баран, мин сылдьыбыт учаастагым үлэһиттэрэ суббэдэрээтчит «Кинг-95» тэрилтэ үлэһиттэрэбит дэстилэр.

«Бу учаастакка былырыыҥҥыттан үлэлиибит, кы­­раапыктан кыратык хаалан иһэбит. Канализационнай турбалар, гаас ситимин ууруллуулара, уот тардыллыыта үлэни атахтаата. Ленин проспегын үс учаастагар биһиги үлэлиибит. Балаҕан ыйыгар уулусса бары инфраструктурата оҥоһуллан бүтүөхтээх. Билиҥҥи туругунан, сатыы киһи туоруур сиригэр туруохтаах пандустарбыт кэлэ иликтэр, олору туруоруу түргэн буолуо», – учаастак прораба Шавдамбек Алиев кэп­сээтэ.

Үлэһиттэр кэлиэхтэригэр диэри тиэхиньикэ сынньанар. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Винокуров уулуссата

Бу учаастакка тиийбиппит, сорох сиринэн сабыс-саҥа аспаал тэлгэммит, тиэхиньикэлэр биир сиргэ кэккэлэһэ туруммуттар, биир даҕаны үлэһити булан көрбөтүбүт. Арай суол кытыытыгар траншея хаһа сылдьар дьонтон ыйыппыппыт, гаас үлэһиттэрэ эбиттэр. Суолу оҥорооччулар бүгүн бээтинсэ буолан, бары мечеккэ барбыттара, үҥэр-сүктэр күннэрэ, онон кэлээччилэрэ суох диэтилэр.

Винокуров уулуссатын Чайковскай уулуссатыттан Ильменскэйгэ диэри учаастагар үлэ муус устартан саҕаламмыта. Бу учаастагы эмиэ «Сахатрасстрой» тэрилтэ оҥорор. Манна 1 км 14 м уста­лаах суол оҥоһуллар. Үлэ чэрчитинэн, суолу аспааллыах­таахтар, тротуарын, бордюрун уларытыахтаахтар, уу түһэр ло­­туогун оҥоруохтаахтар. Өрөмүөн үлэтэ алтынньыга бүтүөхтээх.

Кузьмин уулуссата

Бу уулусса Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругар баар. Кузьмин уулуссатын учаастага диэн эрээри, манна хас даҕаны сиринэн өрөмүөн барар. Бастаан Можайскай уулуссатын өттүнэн киирдибит, үлэлии сылдьар киһи көстүбэт, тиэхиньикэ турар. Ол иһин атын сиринэн эрги­йэн тиийдибит. Бэдэрээтчит «РИК Автодор» тэрилтэ эбит, түөрт киһи сынньана олорор, “А.А. Алексеев билэр, киниттэн ыйытаар” дииллэр. Сорохтор нууччалыы саҥарбаппыт диэн батынан кэбистилэр.

Арай биир, биригэдьиирбин диэбит киһи, аспаал иккис дьапталҕата тэлгэниэҕэ уонна билигин лотуок эрэ оҥоробут диэтэ. Лотуогу икки күнүнэн бүтэрэллэр, оттон суолу бүтүннүү ахсынньыга туттарыах­таахтар эбит.

Можайскай уулуссата

Бу суол учаастага кэҥэтиллэ сылдьар, бу сайыҥҥыттан улахан үлэ бара турар. Биһиги тиийэрбитигэр көһө сылдьар мунньах буолан бүппүт этэ.

«Бу Можайскай учаастагар бэлэмнэнии үлэтэ: гаас ситимин тардыы, уу ааһарын курдук турбаны ууруу, уоту көһөрүү баар турар. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр. Быйылгы соругу толоруохпут диэн эрэллээхпит. Эһиил «Азия оҕолоро» оонньууларынан сибээстээн, улахан сорук туруоруллубута. «Сулус» комплекска диэри 500 миэтэрэни аспааллааһын үлэтин бүтүннүү бүтэриэхтээхпит. Оттон бэйэбит былааммытынан 900 миэтэрэлээх, түөрт балаһалаах суолу аспааллыахтаахпыт», – диэн кэпсээтэ начаалынньык.

Жатайдыыр тыраассаны эмиэ бу бэдэрээтчит оҥорбут, ол эҥээр олорооччулар, саталлар, жатайдар, суол хаачыстыбата саҥа оҥоһуллубут диэтэххэ, соччото суоҕун бэлиэтииллэр. Ол туһунан ыйыппыппар, маннык эппиэттээтэ: «Суол кытыыта уулаах буоллаҕына, оборон ылар, онон сир хамсыыр, онтон сылтаан итинник тахсар. Суол оҥоһуллубутун кэннэ сир хам­саан алдьаннаҕына, эбэһээтэлистибэлээхпит быһыытынан, тута көннөрөбүт. Бу учаастак былаан быһыытынан эһиил алтынньыга бүтүөҕэ. Билиҥҥитэ кыраапыктан хаалбакка, эр­­дэлээн оҥорон иһэбит. Манна «Сибстрой» сүрүн бэдэрээт­чит тэрилтэ үлэлии сылдьар. Суол икки кытыытыгар уу ааһарыгар лотоктар оҥоһуллуохтара. Бүгүҥҥү туругунан, 34 киһи, икки экскаватор, түөрт грейдэр, биэс улахан массыына үлэлииллэр. Үлэһиттэрбит үгүстэрэ сахалар, күүстээх үлэни кыайаллар»,  – диэн учаастак начаалынньыга Дьулустаан Тартакынов кэпсээнин түмүктээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: