Саха ытык сылгыта
Аармыйаттан кэлэн баран учууталым Любовь Дмитриевна көмөтүнэн Москваҕа Тимирязевскай Академияҕа зоотехник үөрэҕэр үөрэнэ барбытым. Үөрэхпин тулаайах буолан СГУ бүтэрбитим. Калинин аатынан холкуос Төлөй Дириҥэр племенной үлэҕэ зоотехнигынан үлэлээбитим, техник-осеменатор үлэтин эбии толорорум. Үгүс сыл кэтээн көрөн Саха сирин улахан улуу учуонайа Романов Петр Аполлонович салайыытынан дипломнай үлэбин туйгуннук көмүскээбитим, үлэм “Золотой фонд ЯГУ” хараллан сытар.
Сүөһүнү, сылгыны иитиинэн дьарыктанар Сахабыт сиригэр племенной үлэнэн дьарыктаммат буоллар, хаан буккуллубакка уруурҕаһыы тахсан, сүөһү, сылгы эстиэ этэ. Нэһилиэктэргэ ынах сүөһү боруодатын түргэнник тупсарар соҕотох ньыма искусственнай сиэмэлэһин буолар. Племхолбоһукка талыллан үлэлиир атыыр оҕустары кытта уһуннук сыралаһан үлэлээбит исписэлиис Протопопова Т.А.буолар.
Мин исписэлиис быһыытынан кэтээн көрүүбүнэн, Верхоянскай сылгыта тымныыны тулуйар ньуолах түүлээх, атыыра 6 сааһыттан үөрү үчүгэйдик тутар. Амурскай уобаласка иитиигэ ыыппыт 100 убаһабыт сүппүтүн, саас хайаттан уойбут-топпут убаһалары булан улаханнык сөхпүттэрэ.
Чурапчы Мугудайыгар саха сылгытын иитэр, саха сылгытын боруода быһыытынан билинэр сыралаах үлэ 1987 сылтан саҕаламмыта. ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Төлөй Дириҥин чулуу сылгыһыта Толстоухов Михаил Семенович, Смирников В.И., Максимов С.П., Мугудайтан Аммосов И.К., Сивцев Д.Т., Терютин Н.А., Терютин М.П., Соловьев Е.Д., Сивцев Д.Д., Нестеров С.И. сылгыларын базаларыгар аныгылыы базалары, күрүөлэри-хаһаалары, биэни ыыр сарайдары тутар үлэ күргүөмнээхтик барбыта. Күһүҥҥү, сааскы бонитировка былааннаахтык ыытыллар. Саамай сүрүн сорукпут хаан уларытыыта. Оччолорго Чурапчы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар начаалынньыктыыр Яковлев С.И. көмөтүнэн Дьааҥыттан 10, Мэҥэдьэктэн 5, Халыматтан 5 племенной атыырдары атыылаһан аҕалбыппыт. Бу үлэҕэ улахан сүбэни, көмөнү оҥорбут Племхолбоһук селекционер зоотехнига Шахурдин Р.М. буолар. Элбэх сыллаах сыралаах үлэбит түмүгүнэн 1992 с. Мугудайга саха сылгытын сайыннарар сыаллаах Мугудай сылгы собуотугар улахан уопуттаах исписэлиистэр үлэлээбиттэрэ. Жергин Н.Н., Пермяков Н.Д., Терютин Ф.Н., бэтэринээринэй быраас Попов Е.И., суоппар Малышев Н.К.
Саҥа тэриллэн үлэлээн истэхпитинэ диктор, суруналыыс Степанов Вячеслав кэлэн, үлэбитин, сылгы үөрүн устан Сойууска Киин тэлэбиидэнньэҕэ тахсыбыппыт. Биэс сиргэ аныгылыы сылгы базалара, сайыннары биэ ыыр типовой кымыстыыр киин, сүүрүк сылгылар базалара бырайыак быһыытынан тутуллан барбыттара.
Сылгы иитиитэ
Сүөһүнү, сылгыны бонитировкалааһын ымпык-чымпык, олус эрэйдээх үлэ. Зоотехниктар ый аайы бороону ыйыыллара хара сордоох үлэ, оттон күһүн саас бостуукка туттарарга сүөһүнү ыйааһын, мээрэйдээһин эбэһээтэлинэй үлэ.
Сылгыны маҥнайгы бонитировкалааһын 2,5 сааһын туолуутугар ыытыллар. Биэ төһө үүттээҕин, сылгы экстерьерин, биэлэр оҕолоро төһө төрөлкөйдөрүн, хаһыыны тулуйар дьоҕурун, тымныыны төһө тулуйарын, сылгы төрдүн-ууһун 10 бааллаах систиэмэнэн сыаналыыгын. Бонитировка түмүгүнэн иитиигэ хаалар сылгыны, атыыга барары, эккэ өлөрүллэри быһаараҕын. Иккис бонитировка сылгы сааһын ситиитин кэннэ 7-8 сааһыгар оҥоһуллар. Киниттэн ылыллыбыт оҕолор сайдыыларын көрөн бүтэһик быһаарыы ылыллар.
Былыргыттан сахалар тимири кытардан анал нүөмэринэн бэчээт уураллар. Бэчээти уустар оҥороллор. Улахан сылгыга бэчээт үрдүгэ 8 см, кэтитэ 5 см, убаһаларга 5 уонна 3 см буолуохтаах.
Ат сүүрдүүтэ
Мугудай сылгы собуотун базатыгар олоҕуран сүүрүк сылгылары түмэр, сүүмэрдиир, күрэхтэһиннэрэр анал биригээдэ тэриллибитэ. Саха сүүрүк сылгыларын тэҥэ, соҕурууттан аҕалыы ыраас хааннаах аттары Племхолбоһук көмөтүнэн ииппиппит. Саха дьоно ат сүүрдүүтүн тустуутааҕар ордорон көрөр. Чурапчы, Таатта ыһыахтарыгар 10-нуу тыһыынча киһи мустубута. Онтон Үс Хатыҥҥа кэнники ат сүүрдүүтүгэр 40 тыһ. көрөөччү мустубутун сөҕө көрбүппүт. Сүүрүк сылгыны иитэр, талар, эрчийэр олус эрэйдээҕин ааһан, ночооттоох салаа, ол эрээри саха норуота сөбүлүүр дьарыгын хаһан да быраҕар санаабыт суох.
Мугудай нэһилиэгэр сүүрүк сылгылар үөскээн ааспыттара. Ол курдук, үс сындааһын иҥиирдээх Мандат, күлүмэх түһүүлээх Добрай, Хочуон, кэнники сүүрүктэр Сэргэх, Халиф, Гримм, Громм, Атас, Айхал, Боцман, Бараммат, Алтын, Айдаан. Аты баайарга айылҕаттан айдарыылаах Васильев Н.И. (Харатаай) , Пермяков Д.Д., Пермяков Н.Н. (Куокаай) Мугудай сылгы собуотун тэрийбиппит кэннэ сыралаһан үлэлээбиттэрэ. Чыаппара Томоонугар Красильников И.С., Мугудайга Сивцев Д.Т., Оконешников Н.И. саха аттарын баайан-эрчийэн үгүс кыайыыны бэлэхтээбиттэрэ. Аттары талааннаах ат сүүрдээччилэр С.Быганов, Н.Посельскай акка сыстыбыт курдук олорон, ат дьоҕурун, күүһүн-уоҕун учуоттаан сүүрдэн улууска, Илин эҥэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх кыайыыны аҕалбыттара. Д.Терютин (Карлик), Лаврентьев А. (Маанымсык) саха аттарын сүүрдүүгэ тэҥнээхтэрэ суоҕа.
Дьокуускай куорат киинигэр ипподром баар буолуохтаах!
Арассыыйа үгүс куораттарыгар олох куорат киинигэр ипподромнар хас эмэ үйэ тухары үлэлии тураллар.
Куоракка Триумф, Эллэй Ботур, Дохсун курдук спортивнай уораҕайдар үлэлии тураллар. Манна бэккээлээтэҕинэ 4-5 тыһыынча киһи дьарыктанара, күрэхтэһэрэ буолуо.
Онтон саха дьоно кулун тутар ыйтан ыкса кыһыҥҥа дылы ат сүүрдүүтүн көрөбүт. Улуустарга Намҥа, Хаҥаласка, Мэҥэҕэ, Аммаҕа, Чурапчыга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа 10-20 тыһыынча киһи мустар, үксүлэрэ сааһырбыт дьон эрэ буолбатах. Дьахталлар, кыргыттар, оскуола оҕолоро бары мустан көрөллөр. Ааспыт Улуу ыһыахха Үс Хатыҥҥа 40 тыһ. киһи мустубута ат сүүрдүүтэ Саха сиригэр саамай сөбүлүүр күрэхтэһиитэ буоларын туоһулуур.
Саха атын сүүрдүүтэ үйэлэргэ салҕанар. Сыыһаны оҥорбот инниттэн ипподрому саҥардан оҥорор уустук сорук турар.
Андрей Варламов, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига.
Туруорсуу
Куоракка тоҕо ипподром нааданый?
— Сайын ыһыахха Үс Хатыҥҥа айанныыр кыһалҕа. Бэйэҥ массыынаҕынан бардаххына 2-3 чаастаах хаайтарыыга түбэһэҕин, киэһэ хойутаатаххына, оптуобуска тиксибэккин.
— Үс Хатыҥҥа ыһыахха эрэ ат сүүрдүүтүн көрүөххэ сөп, онтон атын сүүрүүлэри куорат киинигэр көрөр курдук көрбөккүн.
— Сүүрүк сылгылары кыһын устата Үс Хатыҥҥа көрөр, туруорар, дьарыктыыр кыах суох.
— Куорат киинигэр ипподромҥа кыһыннары оҕолору, инбэлииттэри дьарыктыырга усулуобуйа толору баар.
— Ат сүүрдүүтэ олус сыралаах, эрэйдээх үлэ. Ыраас хааннаах, мөлүйүөнүнэн сыаналаах сылгылары кыраныысса таһыттан аҕалыы элбээн иһэр. Көрөөччүлэр ыраас хааннаах сүүрүктэр сүүрэллэрин ордороллор.
— Куорат киинигэр Академия сиригэр-уотугар турар ипподром көрөргө көнө буолан, олус үчүгэйдик көстөр. Айылҕа анаан оҥорбут Сайсары күөл киэргэлин ыраас хонууну – ипподрому эһэн, көтүрэн суох гынар оннугар бырайыак оҥорон, Арассыыйатааҕы, аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэри тэрийэр кэм кэллэ.
Туруорсууга илии баттаатылар: А.А.Баишев, Амма улууһун маастар-триэньэрэ, Саха сирин Аар саарга аатырдыбыт мадьыны;
Игнатьев В.А., Мэҥэ Хаҥалас маастар-тириэньэрэ, Бэрэсидьиэн бирииһин хаһаайына;
Осипов Д.С., Чурапчы улууһун тириэньэрэ, Бэрэсидьиэн бирииһин хаһаайына;
Ушницкай И.И., Хаҥалас улууһун тириэньэрэ;
Ядреев С.П., Нам улууһун маастар-тириэньэрэ, Бэрэсидьиэн бирииһин хаһаайына;
Реев Н.Ф., Хатастан кырдьаҕас ат баайааччы;
М.П.Соломонов, Нөмүгү ОПХ ат сүүрдээччилэрин тириэньэринэн үлэлээбит;
Н.И.Оконешников, Бочуот Знага уордьаннар кавалердара, Чурапчы улууһун, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөн ыанньыксыта;
А.А.Варламов, Чурапчы улууһун, Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, “Мугудай” сылгы собуотун начаалынньыга.
Хаартысканы: А.Варламов тиксэрдэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: