Саха сирэ Артур Алексеевы – Төлөннөөх Артуру тиһэх суолугар атаарда

Share

Бүгүн Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, миниистирдэр кэбиниэттэрин чилиэннэрэ, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээннэрэ, сибээс, тырааныспар, култуура салаатын бэрэстэбиитэллэрэ, комсомольскай уонна бартыыйынай үлэҕэ соратниктара тиһэх суолугар Артур Алексеевы атаардылар.

Киэҥник биллэр бэлиитик, хомуньуустар лиидэрдэрэ 2024 сыл муус устар 15 күнүгэр 77 сааһыгар ыарахан ыарыыттан олохтон туораата. Артур Алексеев 2002-2008 сс. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ.  Кини X уонна XI ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, XII ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай дьокутаата, I уонна II ыҥырыылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай дьокутаата,   1991- 2002 сс.  КПРФ Саха сиринээҕи рескомун бастакы сэкирэтээрэ , КПРФ КК чилиэнэ этэ.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

Дьокуускайга кинилиин бырастыылаһыы траурнай сиэрэ-туома ыытылынна. Көмүүнү тэрийиигэ Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн Дмитрий Садовников анаммыта.

Кини траурнай миитин кэмигэр Артур Алексеевы биллэр уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, олоҕун Аҕа дойдутун уонна төрөөбүт Сахатын сирин туһугар анаабыт киһи быһыытынан сыаналаата.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар үлэлээбит сылларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар Артур Николаевич сөҕүмэр үлэни ыыппыта. Артур Николаевич быһаччы кыттыытынан ньиэп бородууктатын, оттугу, норуот табаарын кыһыҥҥы тиэйиини тэрийии уонна үбүлээһин торумнаммыта, массыына тирэх суолларын тиһигэ оҥоһуллубута”, — диэн Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.

Кини этэринэн, Артур Николаевич идэтин дэгиттэр баһылаабыт, бэрээдэктээх уонна чиэһинэй киһи этэ. Булгуруйбат санаатынан Артур Николаевич салайааччылар, кэлэктииптэр, нэһилиэнньэ ортотугар улахан аптарытыатынан туһанара.

“Бэйэтин дьыалатыгар бэриниилээҕин, ирдэбиллээҕин, тэрийэр талааннааҕын уонна үчүгэй араатарын иһин кинини Төлөннөөх Артур диэн ааттаабыттара. Дьиҥнээх патриот, булгуруйбат санаалаах уонна уопуттаах салайааччы Артур Николаевич Алексеев туһунан сырдык өйдөбүнньүк Саха сирин устуоруйатыгар үйэлэргэ хаалыаҕа”, — диэтэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

8 часов ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

9 часов ago