Саха сиригэр 80439 оҕо төрөппүттэригэр биир кэлим босуобуйа ананна
Саха сиригэр 10 млрд тахса солкуобай суумаҕа 80439 оҕоҕо уонна 1972 хат дьахтарга босуобуйа ананна.
Бу сыалга Арассыыйа социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата 10 миллиард 691 мөл солк.ыытта. Бу туһунан брифиҥҥэ Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Герман кэпсээтэ.
Биир кэлим босуобуйаны аныырга дьиэ кэргэн дохуотун уонна баайын-дуолун көрөллөр.«12 ыйдааҕы дохуот ааҕыллар. Өскөтүн бу дьыл бэс ыйыгар төлөбүрү көрдөөтөххүтүнэ, ааспыт сыл ыам ыйыттан бу сыл муус устар ыйыгар диэри кэми киллэрэн туран учуоттанар. Дьиэ кэргэн төлөбүрү ыларга бырааптааҕын быһаарарга дьиэ кэргэн бары чилиэннэрин дохуоттарын учуоттанар кэм 12 ыйыгар уонна дьиэ кэргэн чилиэннэрин ахсааныгар түҥэтиллэр», — диэн быһаарда Марина Герман.
Ол иһигэр дохуоту учуоттуурга киирэр:
- үлэ дохуоттара, ааптарыскай гонорардар;
- биэнсийэ, босуобуйалар уонна атын толуйуулар;
- истипиэндьийэ;
- алимент дохуота;
- өлбүт страховкалаах дьон төлөбүрдэрэ;
- баҕа өттүнэн тэриллиилэргэ ,байыаннай күүстэр уонна онно тэҥнэммит биэдэмистибэлэргэ киирсэр дьоҥҥо бэриллэр харчыны ылааччылар, ону тэҥэ куруук эбии төлөбүр ылааччылар;
- баан уурунууларын уонна сыаналаах кумааҕылар эпэрээссийэлэриттэн дохуоттар;
- сүүйүү дохуота;
- бас билиини арыандаҕа биэрииттэн;
- тас дойдуга ылбыт дохуотуҥ.
Марина Герман Арассыыйа Федерациятын сокуонугар олоҕура,н нолуок ааҕыллыар диэри дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнин дохуота учуоттанар. Үлэлиир кыахтаах дьон дохуота суох буоллаҕына, нулевой дохуот быраабылатын туһаныы олох дьиҥнээх балаһыанньатыгар олоҕуруохтаах.
Санаттахха, дьиэ кэргэн чилиэнэ байыаннай сулууспалаах, хомуурга ыҥырыллыбыт буоллаҕына, Бэрэсидьиэн 647 нүөмэрдээх Ыйааҕынан, дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар бу гражданин ылбыт төлөбүрдэрэ киирбэттэр — бу хамнас, бириэмийэлэр, урбаантан дохуот, мобилизованнайдарга төлөбүр.
Маны тэҥэанал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар баҕа өттүнэн тэриллиилэргэ сылдьааччыларга биир кэмнээх төлөбүрдэр сыаналыырга учуоттамматтар.
Сүбэни ылар төлөпүөн нүөмэрэ: 8-800-100-00-01 (босхо).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: