Сахабыт тыла эстибэтэх төрүөттэрэ

Share

 Орто дойдуга киһи аймах үөскүөҕүттэн баһаам элбэх норуоттар, ордук кыра омуктар төрөөбүт тыллара симэлийдэҕэ. Билигин даҕаны эстэ тураллар дииллэр. Оттон биһиги аҕыйах ахсааннаах сахалар тылбыт, төрүт үгэстэрбит хас эмэ үйэлэри уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри тоҕо эстибэккэ, тыыннаах ордон кэллилэр? Онно мин 3 сүрүн төрүөт баар диибин. Олор ханныктарый?

Бастакытынан, чысхаан тымныыбыт, муус олбохтоох сирбит

Урут биһигини, сахалары, соҕурууттан сыдьааннаах, кэлии омук курдук өйдөбүл баара. Онтон, ордук археолог Мочанов Дириҥ Үрэххэ хаһыыларын кэнниттэн биһиги төрүт олох­тоох омук буоларбыт, онно кэлии, Эллэй  эһээбит курдук, түүр омуктартан эбии сибээстээхпит баар чахчы.

1632 с. Нуучча судаарыстыбатын састаабыгар киириэхпитигэр диэри өссө киэҥ сири, хотугу кыра омуктары кытта баһылаан, иччилээн олорбуппут. Киһи сөҕөрө диэн, бу 3 мөл. кв. км тахса иэннээх, 5 (!)  Франция саҕа киэҥ сиргэ ыһыллан олорон саҥарар тылбытын сүтэрбэккэ кэлбиппит бэйэтэ туспа  дьикти быһыы буолар.

Маннык аһара киэҥ сиринэн тарҕаммыппыт, биирдиилээн ­алаастарынан, үрэхтэр бастарынан олорбуппут, бу санаатахпына, улахан үчүгэйдээх эбит. Билиҥҥи курдук, 3 хочоҕо элбэх буолан түөлбэлээн, кыараҕас сиргэ олорбуппут буоллар, былыр эмп-том төрүт суоҕар, уодаһыннаах уоспа, чума… курдук сыстыганнаах ыарыылар имири эспит буолуохтарын сөп этэ. Холобур, ити Зашиверскай куорат эстибитин курдук.

Маны таһынан, өбүгэлэрбит барахсаттар көмүлүөк оһох­тоох, хотоннорун кытта сыста турар туруорбах балаҕаҥҥа олорбуттара саамай сөп эбит. Хотонтон сүөһү сылааһа балаҕаны сылытыһар, таҥас-сап аҕыйаҕар тэйиччи хотоҥҥо барардааҕар, үрдүттэн сүөһү көрөр судургу, ордук буоллаҕа.

Оттон суукканы эргиччи кэриэтэ оттуллар көмүлүөк оһох барахсан муус түннүктээх балаҕаны сырдатарын  таһынан,  араас ыарыы микробтарын тохтоло супту суох оборон, салгыны ­­ыраастаан, ыарыыны, өлүүнү-сүтүүнү быдан аҕыйаттаҕа.

Аны 17-с үйэттэн саҕалаан кэлбит салалта, таҥара үэһиттэрэ, дьаамсыктар, политсыылынайдар бэйэлэрэ сыыйа саха тылын баһылаан, сахатыйан барбыттара. Дэлэҕэ, поляк Э.К.Пекарскай саха тылын дьоһуннаах тылдьытын, В.Л.Серошевскай «Якуты» диэн улахан үлэни суруйуохтара дуо?

Ол эрээри, улуу Өксөкүлээх саҕана ыраахтааҕы былааһа Саха сиригэр 1 мөл. киһини ыытарга диэн уураах дуу, дьаһал дуу та­­һаарбыт диэн кэпсээн баар. Арай, олортон аҥаардара да кэлбитэ буоллар, оччолорго аҕыйах ах­­сааннаах сахалар суураллыбыт буолуо этибит диибин.

Биир тылынан, кыһыммыт арыый сымнаһыар, сайыммыт арыый уһун, үүнээйи араа­һа балачча үүнэрэ эбитэ буоллар, кэлии дьон олохсуйуута элбээн, дьүһүммүт балачча уларыйан, тылбыт-өспүт, төрүт үгэстэрбит сүтэн эрэр буолуо этилэр. Ол – чуолкай!

Онон сахам дьоно! Кыы­дааннаах, уһун кыһыммытыгар, бытарҕан тымныыбытыгар мах­таныах эрэ тустаахпыт.

Иккиһинэн, үөрэх-билии сайдыыта

Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн 1957 с. диэри Сахабыт сиригэр үрдүк үөрэхтээх учууталлары бэлэмниир дьоҕус үнүстүүт, 3 алын кылаас учууталларын, биир биэлсэрдэри  бэлэмниир учуулуссалар, үксэ тырахтарыыстары үөрэтэр биир тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума эрэ бааллара.

Онтон дойдуга 7 кылаастаах булгуччулаах үөрэхтээһин сис­­тиэмэтэ киирэн барбыта. Нэһилиэк аайы оскуолалар, балыыһалар, биэлсэр пууннара аһыллан, оройуон кииннэригэр МТС-тар тэриллэн барбыттара. Олорго барыларыгар каадырдар букатын тиийбэттэрэ. Ол иһин соҕурууттан Саха сирин бүтүннүүтүгэр, Муустаах муора биэрэгэр тиийэ, арааһа, 10-нан тыһ. араас исписэлиистэр, бары кэ­­риэтэ нуучча дьоно, үксүлэрэ эдэркээн кыргыттар кэлэн үөрэҕи-сырдыгы тарҕатыспыттара, нэһилиэнньэни эмтээбиттэрэ. Холобур, мин Кытаанахпар 20-чэ нуучча кыыһа: быраастар, биэлсэрдэр, сиэстэрэлэр, учууталлар үлэлээн ааспыттара. Оннооҕор биир Н.Лосева диэн электро-уот мэхээнньигэ кыыс маҥнайгынан Ильич уотун киллэрбитэ.

Саха сиригэр кэлбит ити дьоннортон элбэх нуучча кыргыттара саха уолаттарыгар ойох тахсан утумнара баччааҥҥа диэри салҕанар.

Онон, биһиги, сахалар, ити кэмнэргэ бачча үлүгэр ыраах, тымныы дойдуга үтүө суобас­таахтык үлэлээн ааспыт нуучча дьонугар, кыргыттарыгар махтаныах эрэ тустаахпыт.

Онтон 1957 с. СГУ аһыллар. Оччолорго Дьокуускай  үксэ мас дьиэлэрдээх, киин эрэ өттүгэр мас чуурка тэлгэммит уулуссалар­даах, сорох дьиэлэр сиэптиктэрин эргийэр мас дьааһыктаах тэ­­лиэгэлээх атынан таһар кыра куорат этэ. Оннук куоракка бүтүн университеты аһан үлэлэтии манан аҕай дьыала буолбатаҕа сэрэйиллэр. Бу СГУ эрдэ аһыллыытыгар оччотооҕу ССКП обкуомун 1-гы сэкирэтээрэ С.З.Борисов, маҥнайгы ректор, саха улахан бөлүһүөгэ А.Е.Мординов улахан оруоллаахтар диибин.

Быһаччы эттэххэ, билигин ХИФУ тас дойдулартан тиийэ кэлэн үөрэнэр, тыһыынчанан устудьуоннаах, 10-нан араас идэлэргэ үөрэтэр улахан үрдүк үөрэх кыһатыгар кубулуйда. Онно эбэн АГАТУ, култуура Артикатааҕы үнүстүүтэ уо.д.а араас идэҕэ үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэрэ элбээн, өрөспүүбүлүкэбитин  бары эйгэҕэ олохтоох каадырдарынан  хааччыйар кыахтанныбыт. Онон атын сирдэртэн исписэлиистэр кэлиилэрэ букатын кэриэтэ тохтоото.

Ол түмүгэр үөрэх-билии күүскэ сайдыыта сахабыт тыла, култуурата, үгэстэрэ сайдыыларыгар биир сүрүн төрүөт буолбута саарбаҕа суох.

Үсүһүнэн, киһи, салайааччы оруола

1977 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус 3-с саҥардыллыбыт Төрүт сокуона ылыллыбыта. Онно сайдыылаах социализм тутулунна, биирдиилээн омуктар диэн суох буолуохтаахтар, биир кэлим сэбиэскэй норуот (единый советский народ) үөскүүр, сүрүн тылынан нуучча тыла буолуохтааҕын курдук бэлиитикэ олоххо киирэн барбыта. Сахалар оһуокайбыт, олоҥхобут көҥүллэммэт, оптуобуска даҕаны сахалыы кэпсэтэр олуона курдук буолбута. Ол саҕана баһылаан олорор, соҕотох ССКП Киин Кэмитиэтэ олохтоох кыра омуктар тылларынан үөрэтиини тохтотон, алын кылаастан саҕа­лаан барыларын нуучча тылынан эрэ үөрэтэр туһунан ­уураах таһаарбыт. Ону, Орто Халыматтан төрүттээх үөрэх миниистирэ Н.И.Шарин ССКП обкомун 1-гы сэкирэтээрэ Г.И.Чиряевы кытта сүбэлэһэн бараннар, ­онуоха-маныаха диэри тохтотон эрэргэ сүбэлэспиттэр. Уурааҕы «сукуна» анныгар аспыттар.

Сотору кэминэн ССКП генеральнай сэкирэтээрэ Л.И.Брежнев өлөн, уларыта тутуу саҕаланан, ол уураах сыыйа умнуллан хаалбыт.

Оттон ол уурааҕы топ курдук толорбут тойоттор­доох омуктарга, холобур, бүрээттэргэ кэнники көлүөнэ дьонноро, ыччаттара билигин бэйэлэрин тылларын төрүт билбэт, наар нууччалыы эрэ саҥарар, бүрээттии тылынан аҕыйах ахсааннаах хаһыат, кинигэ эрэ бэчээттэнэр буолбут дииллэр.

Ол иһин, биһиги, бүгүҥҥү сахалар, кэнэҕэски да көлүөнэлэр, дьиҥнээх норуоппут патриоттара, хорсун салайааччылар Гавриил Иосифович Чиряевка, Николай Иванович Шариҥҥа аҥаардас ити да дьа­йыыларын иһин, этэргэ дылы, сиртэн халлааҥҥа диэри махтаныах, үтүө тылынан ахтыах тустаахпыт диибин.

Кинилэр ити уурааҕы тута күүскэ олоххо киллэрэн барбыттара буоллар, билигин сахалыы саҥарар киһи аҕыйаабыт буолуо этэ!

Онтон Сойууспут ыһыллыытын кэнниттэн омукпут тыла, төрүт үгэстэрбит, култуурабыт сайдыыларыгар, аар-саарга аатырбыт олоҥхобут тиллиитигэр саамай улахан өҥөлөөх дьонунан мин улуу киһи диир, маҥнайгы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаевы, уһуннук култуура миниистиринэн үлэлээбит, киэҥник биллэр А.С.Борисовы, төрүт үгэстэрбитин сөргүппүт, оччотооҕу үөрэх миниистирэ Е.П.Жиркову астынан туран ааттыыбын.

Түмүгэр, ити курдук, сахалар төрөөбүт тылбыт, төрүт үгэстэрбит симэлийбэтэхтэригэр, омук быһыытынан ордон хаалбыппытыгар тыйыс айылҕабыт, үөрэх-билии сайдыыта уонна ити ахтыбыт үтүөкэн дьоннорбут төрүөт буолбуттара диэн бэлиэтиибин.

Иван Пономарев, Чурапчы

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago