«Сахафильтр» хампаанньа Хатырык олохтоохторун ыраас уунан хааччыйар

Share

Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ Саха сирин тэрилтэлэрэ  көмө оҥороллорун салҕыыллар. «Якутия»технопарк резиденнэрэ эмиэ туора туран хаалбатылар.

«Сахафильтр» хампаанньа икки нэдиэлэ анараа өттүгэр Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр ууну ыраастыыр мобильнай блок-бырысыабы аҕалан туруорбута. Бу ыстаансыйа олохтоохтору бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир ыраас иһэр уунан  хааччыйар. Күн ахсын мобильнай ыраастыыр ыстаансыйа өҥөтүнэн 1000-тан тахса олохтоохтор босхо туһаналлар. Кинилэр ханнык баҕарар кэмҥэ иһэр уунан толору хааччыналлар», — диэн Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов кэпсээтэ. Хампаанньа дириэктэрэ Эдвина Пестрякова этэринэн, олохтоохтор уу хаачыстыбатын сөбүлүүллэр.

Мобильнай ыстаансыйа аныгы ууну ыраастыыр ирдэбилин барытын толорор кыахтаах. Бу ыстаансыйа хонтуруола суох үлэлиэн сөп, чаас иһигэр 250 лиитирэ ууну ыраастыыр. Сэттэ түһүмэхтээх ыраастыыр тиһик көмөтүнэн айылҕаттан, мэхэньиичэскэй киртийиититтэн, радиоактивнай тиһиктэртэн ууну хантан баҕарар ылан ыраастыахха сөп, уустук килиимэттээх уонна хонуу усулуобуйаларыгар үлэлиир кыахтаах. Ыстаансыйа экстремальнай усулуобуйаҕа тургутууну ситиһиилээхтик ааспыта биллэр.

Бу иннинэ маннык ууну ыраастыыр 30 мобильнай ыстаансыйалары анал байыаннай дьайыы зонатыгар ыыппыттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Өлүөнэ очуостарын» пааркатын камератыгар — бөрө оҕолоро

"Өлүөнэ очуостара" айылҕа национальнай пааркатыгар Куччугуй-Үрэх диэн сиргэ баар фотоловушкаҕа  бу саас  төрөөбүт бөрө оҕолоро …

1 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай сулууспаҕа саамай ханнык исписэлиистэргэ наадыйалларый?

Дьокуускайга хантараагынан байыаннай сулууспаҕа киириэн баҕалаахтары сүүмэрдээһин бара турар. Бу пууҥҥа кэпсээбиттэринэн, суоппардар, наводчиктар уонна…

16 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Былыргы Дьокуускай таабырыннара

Дьокуускай былыр Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр форпост эрэ буолбакка, култуурунай, экэнэмиичэскэй, байыаннай, атыы-эргиэн киинэ этэ. [gallery…

42 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр икки төбөлөөх табаны тутуннулар

Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хараастан электроинструмены уорбут дьону буллулар

Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 2 №-дээх полиция отделыгар эр киһи харааһыттан электроинструменнарын уорбуттарын…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова «Патриот-14» Гражданскай уонна патриотическай иитии киинин актыбыыстарын кытта көрүстэ

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…

2 часа ago