Саха киинэтэ саҥа таһымҥа тахсан эрэрин Арассыыйа эспиэрдэ билгэлиир

Share

АГТ коммуникацияҕа агентствотын территориялары сайыннарыыга дириэктэрэ Владислав Шулаев Саха сиригэр киинэни оҥоруу саҥа таһымҥа тахсан эрэрин туһунан бэрт интэриэһинэй сыыппаралары таһаарбыт.

Ол курдук, быйыл Саха сиригэр оҥоһуллубут 7 киинэ барыта холбоон 85,6 мөл. солк. үбү киллэрбит. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын сахалыы киинэ уопсайа барыта 73,5 мөл. солк. оҥорбут. Быйылгы сыл бүтэ илик, бу — 10 ыйдааҕы көрдөрүү буолар. Өссө икки ый иһигэр саҥа киинэлэр тахсаллара күүтүллэр (холобур, бүгүн “Хапхаан” диэн саҥа киинэ сүрэхтэнэр). Онон быйылгы көрдөрүү өссө да лаппа уларыйыан сөп. “100 мөлүйүөнү киллэрэн, Саха киинэтэ саҥа таһымҥа тахсыан сөп”, — диир Владислав Шулаев.

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ быракааттаммыт ордук үчүгэй көрдөрүүлээх 10 хартыыналартан 6 лиэнтэ – олохтоох режиссердар үлэлэрэ.

1 “Чебурашка” — 24,03 мөл. солк.
2 “Айта” — 22,16 мөл. солк.
3 “Лоокуут уонна Ньургуһун” — 21,34 мөл. солк.
4 “Почти как все” — 7,65 мөл. солк.
5 “Кэрэни көрбүт” — 7,60 мөл. солк.*
6 “Бүгүн былыр” — 7,18 мөл. солк.
7 “Вызов Россия” — 5,62 мөл. солк.
8 “Джон Уик 4” — 4,49 мөл. солк.
9 “Леди Баг и Супер-Кот: Пробуждение силы” — 4,43 мөл. солк.
10 “Эт” — 4,20 мөл. солк.

Көстөрүн курдук, бу испииһэк өссө уларыйыан сөп – быракаата бүтэ илик “Эт” өссө даҕаны “Леди Баг и Супер-Кот: Пробуждение силы” омук хартыынатын ситэр кыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, “Кэрэни көрбүт” киллэрбит үбэ быдан үрдүк (11,4 мөл. солк.), ол эрэн быракаата 2022 сыл ахсынньытыттан саҕаламмыт буолан, 2023 сыллааҕы көрдөрүүлэрэ эрэ учуоттаммыт.

Владислав Шулаев: “Сылтан сыл Саха сиригэр киинэ индустриятын сайыннарыы үлэтэ барар, өрөспүүбүлүкэҕэ бу креативнай салаа саҥа таһымҥа тахсарыгар бары усулуобуйа баар. Дойду экраннарыгар хас биирдиилэрэ 100-түү мөл. солк. киллэрэр хартыыналар тахсалларын күүтүөххэ сөп. Баҕар оннук хартыына кэлэр да сылга оҥоһуллан тахсыан сөп”, — диэн быһаарбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago