Сахалар киинэ көрдөрөр проектордара Арассыыйаҕа тарҕаныа
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Бырабыыталыстыбатыгар сахалар оҥорбут «Экстра Синема» технологияларын дойду үрдүнэн киэҥник туһаныы кыаҕын көрөргө соруйда. Дьэ, бу туох технология эбитий?
Маннык киинэпроекторы хомуйуу «Экстра Синема» хампаанньа генеральнай дириэктэригэр Петр Чиряевка үс сыл анараа өттүгэр киирбитэ. Кини бу бырайыагын Япониятааҕы кэллиэгэлэрин кытары олоххо киллэрэн саҕалаабыта. Сааҥсыйалар киирбиттэрин кэнниттэн партнердара бырайыакка кыттартан аккаастаммыттара, ол гынан баран биһиги айтишниктарбыт сөптөөх быһаарыныыны тобулбуттара. Кинилэр саҥа проектор чаастарын Кытайтан атыылаһан баран Саха сиригэр таҥар буолбуттара. Оттон бырагырааматын бэйэлэрэ оҥорбуттара.
Саха киинэпроектордара омук киэнинээҕэр биэс төгүл чэпчэкилэр, быһа холоон 600 тыһыынча солкуобай курдук сыаналаахтар. Бу киинэпроектордары улахан куораттарга эрэ буолбакка, кыра нэһилиэктэргэ эмиэ тириэрдиэххэ сөп. Оборудованиета киинэ-тыйаатырга киирэр толору эко-систиэмэлээх, «Пушкин каартата» бырагырааматынан уонна атын даҕаны сервистэринэн билиэти атыылыыр кыахтаах. Киинэ-проектор уратыта – кини серверигэр баар. Бу сервер ааптар быраабын бэйэтэ быһаарар уонна төлөбүрүн ааҕан-суоттаан ыытар.
Петр Чиряев дойду бырабыыталыстыбатын уонна эрэгийиэннэри кытары үлэлииргэ бэлэмин биллэрэр. «Мин бу оҥоһукпун дойду Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа көрдөрбүппэр, биһиги систиэмэбит «дойду технологическай уонна култуурунай тутулуга суох буолуутун хааччыйарга туһаныллыа» диэн бэлиэтээбитэ. Дойду баһылыга 20 тыһыынча кэриҥэ киинэ саалатын «Экстра Синема» тиһигэр холбуохха наада диэбитэ. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги технологиябыт көдьүүстээҕин уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр наадыйалларын көрдөрдө», – диэн кэпсээтэ Петр Чиряев.
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Саха сирин кыра нэһилиэктэригэр үс проектор үлэлиэ, оттон сыл бүтүөр диэри тыа сирин уон киинэ саалатыгар туруоруллуо, онно дойду үс – «Чемпион мира», «Пара из будущего» уонна «Последний богатырь» киинэтин босхо көрдөрүөхтэрэ.
2023 сылга диэри «Экстра Синема» проектордара 120 киинэ саалатыгар туруоруллара былааннанар.
«Арассыыйаҕа 150 тыһыынча нэһилиэнньэлээх пуун баар. 2019 с. дааннайынан дойдуга 2150 киинэ-тыйаатыр баар, олортон Москваҕа – 100, Санкт-Петербурга – 50, атыттара – бөдөҥ куораттарга. Оттон кыра нэһилиэнньэлээх пууннар киинэ көрөр кыахтара суох. Ону биһиги 5000 саалаҕа проектордары туруоран, 20 мөлүйүөн киһини хабарга былаанныыбыт. Бу проектордар Арассыыйа киинэлэрин көрдөрүөхтэрэ», – диэн санаатын үллэһиннэ Петр Чиряев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: