Сахалартан биир бастакы белазист Иннокентий Свинобоев
Саха сиригэр ааспыт үйэ 70-с сылларыгар бырамыысыланнаска улахан уйуктаах массыыналарга үлэлииргэ анаан аан бастаан тыа сирин СПТУ-рын кэрийэ сылдьан, саха уолаттарын хомуйбуттара.
Ол кэмтэн ыла саха уолаттара «БелАЗ» курдук улахан уйуктаах массыыналарга олорон, көмүһү хостооһун курдук бырамыысыланнас ыарахан салаатыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэн барбыттара. Бүгүн бастакы белазистартан биирдэстэрин, сырдыгынан сыдьаайбыт Иннокентий Свинобоев туһунан араас сылларга бииргэ үлэлээбит доҕотторо ахталлар. Кини бырамыысыланнаска үлэлээбит кэмнэрэ, үтүөтэ бэйэтин кэмигэр сыаналаммакка хаалбыта хомолтолоох. Ол эрээри, доҕотторо бу үтүөкэн, сэмэй киһини мэлдьи өйдүүллэр, саныыллар, ытыктыыллар, киниэхэ сүгүрүйэллэр. Мантан салгыы доҕотторун ахтыыларын ааҕыҥ.
Доҕотторо үтүөкэн, сэмэй Иннокентий Свинобоевы мэлдьи өйдүүллэр, саныыллар, ытыктыыллар, киниэхэ сүгүрүйэллэр.
Петр Никитин, Амма улууһун Алтаннааҕы СПТУ-гар бииргэ үөрэммит доҕоро:
– Свинобоев Кешалыын Алтаннааҕы СПТУ-ну бүтэрбиппит. Оччолорго Тарас Десяткин «Алданзолото» тэрилтэни салайа олорон «Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска» бырагырааманан СПТУ-ры кэрийэ сылдьан, саха уолаттарын сүүмэрдээн Аллараа Кураанахха үлэлэтэ ыыппыта. Биһигини тута «БелАЗ» массыынаҕа олордубуттара. Кеша «БелАЗ-540» үлэлээбитэ. Үс сыл биир уопсайга олорбуппут, үлэлээбиппит. Олус үлэһит, спортсмен бэрдэ, киһи эрэнэр киһитэ этэ. Доҕорум киһи киэнэ кэрэмэһэ, үлэһит бастыҥа этэ.
* * *
Алексей Азаров, «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьан кавалера:
– Иннокентий Свинобоевы кытары Аллараа Кураанахха бииргэ үлэлээбитим. Кини «Якутзолото» тэрилтэҕэ Тарас Десяткиннаах улуустары кэрийэ сылдьан, сүүмэрдээн аҕалбыт бөлөхтөрүн кытта кэлэн биһиги иннибитинэ үлэлиирэ. Биһигини, СПТУ-га истипиэндьийэ төлөөн, «БелАЗ» массыына суоппара буоларга анаан үөрэппиттэрэ. Тиийэрбитигэр бастакы бөлөхтөн уонча эрэ киһи хаалбыт этэ. Саамай уһуннук биһигини кытары Кеша үлэлээбитэ. Иккис сылыттан саха экипажтарын тэринэн үлэлээбиппит. Кеша саҥа кэлбит саха уолаттарын кытта уопутун үллэстэрэ, кэлин элбэх ыччаты такайан үлэҕэ үөрэппитэ.
* * *
Дмитрий Туласынов, РФ автомобильнай тырааныспарын үтүөлээх үлэһитэ:
– 1 №-дээх СПТУ-ну бүтэрэн баран, 1979 с. Кураанахха 22 саха ыччата тиийэн үлэбитин саҕалаабыппыт. Бастаан тиийэрбэр Иннокентий Свинобоев баара. Кешалыын биир симиэнэҕэ үлэлиирбит, ол сылдьан мин рейсэбэй массыынаҕа көспүтүм. Кини кэргэнин дьоно Канкуга олороллоро, онно бултуу барарбыт. Аһаҕас халлаан анныгар хонон, бултаан-алтаан, бииргэ үлэлээн, доҕордоһон, олус тапсан сылдьарбыт. Кэлин Дьокуускайга кэлэн баран «Нижне-Ленскэйгэ» эмиэ бииргэ үлэлээбиппит, онон батысыһа сылдьар курдук, олохпут алтыһыннаран ааспыта.
* * *
Кирик Никаноров, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына:
– Кеша Свинобоевтыын СПТУ-ну бүтэрэн Аллараа Кураанахха 1982 с. үлэлии тиийэн билсибитим. Биир дойдулааҕым этэ, онон олус тапсан 15 сыл бииргэ үлэлээбиппит. Кеша элбэх саха ыччатын улахан уйуктаах массыынаҕа үлэлииргэ үөрэппитэ. Бастаан мин эмиэ киниэхэ быраактыка барбытым, «БелАЗ-ка» Кешалаах үөрэппиттэрэ. Киһи быһыытынан сэмэй майгылааҕа, хаһан даҕаны кыыһырбат этэ. Кешалыын сынньалаҥҥа өрүү бииргэ сылдьарбыт, лууктуу, бултуу-балыктыы барарбыт. Дьиэ кэргэнинэн доҕордоһор буолан, бырааһынньыктары бииргэ ыларбыт. Кэнники «Нижне-Ленскэйгэ» үлэлии сылдьан, улаханнык ыалдьыбыта уонна олохтон эрдэ туораабыта.
* * *
Александр Прокопьев, бииргэ үлэлээбит доҕоро:
– 1976 с. «БелАЗ» массыына куурсугар үөрэнэн баран иккис сылбар Аллараа Кураанахха үлэлии кэлбитим. Онно Свинобоев Иннокентий баара, онтон ыла билсибиппит. Кини мэлдьи ыраас таҥастаах, куондаралаах андаатар бэргэһэлээх буолара. Наар дьону кытары үөрэ-көтө кэпсэтэрэ, аламаҕай, кэпсээннээх-ипсээннээх этэ. Кыыһыра сылдьарын хаһан даҕаны көрбөтөҕүм, мэлдьи үөрэ сылдьара. Мин онно 8 сыл үлэлээн баран Дьокуускайга көһөн кэлбитим. Биирдэ куоракка миэхэ күүлэйдии кэлэ сылдьан, «Нижне-Ленскэйгэ» көстүбүт диэн кэпсээбитэ. Ол кэмҥэ доруобуйата мөлтөөн, эмтэнэ сылдьар эбит этэ.
* * *
Виктор Иванов, үлэ бэтэрээнэ:
– 1977-78 сс. 1 №-дээх СПТУ үөрэнэн бүтэрэн Алдан оройуонун Аллараа Кураанаҕар көмүскэ үлэлии тиийбитим. Онно аан бастаан «БелАЗ» суоппарынан үлэлии сылдьар Кеша Свинобоевы көрсүбүтүм. Олус элэккэй, аҕыйах саҥалаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх этэ. Кураанахха да олорон тустуутун бырахпакка дьарыктанара. Кешаны кытары ыччат-комсомольскай экипаһыгар үлэлээбиппит. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, ону таһынан, олус ыраас, түргэн туттуулаах диэн бэлиэтии көрбүтүм. Биирдэ кини: «Биһиэхэ эдэр саха уолун биэрдилэр, ону кытаатан үөрэтиэххэ, үлэни кыайар-хотор көрүҥнээх», – диэтэ. Кэлин ол уолбут – Дима Туласынов «Арассыыйа үтүөлээх суоппара» наҕарааданы ылан биһигини үөрдүбүтэ. Кешаны кытары 2005 с. «Анаабыр алмаастара» тэрилтэҕэ үлэлээбиппит. Кинини уолаттар олус ытыктыыр этилэр.
* * *
Иннокентий Бугаев, бииргэ үлэлээбит табаарыһа:
– 1979 с. алтынньытыгар Алдан оройуонун Аллараа Кураанаҕар үлэлии тиийбитим. Онно Кеша Свинобоевтуун билсиһэн, доҕордоспуппут. Бэрт сэмэй, холку майгылааҕа, ыраастык тутта-хапта, куруук күлэ-үөрэ сылдьара. Бэйэтин тула дьону тардар дьоҕурдааҕа. Төһө даҕаны тус-туспа экипажка буоллар, комсомол-ыччат биригээдэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээбиппит.
* * *
Святослав Попов, бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ:
– Мин 1982 с. суоппар идэбинэн үлэлиэххэ диэн, Аллараа Кураанахха кэлбитим. Экипажпыт саамай уопуттаах «капитанынан» 6-7 сыл «БелАЗ-ка» үлэлээбит Свинобоев Кеша диэн уол буолбута. Кешалаах Бииктэр Ивановтуун солбуйса сылдьан такайан «БелАЗ» суоппара оҥорбуттара. «Субуруччу икки күн уон алталыы чаас, онтон өссө икки түүҥҥү симиэнэнэн үлэлээн баран өрөбүлгэ барабыт», – диэн Кешабыт кыраапыкпытын быһааран биэрбитэ. Аһара боростуой, элэккэй киһи этэ. Үлэлээбиппит тухары кыыһыран тымта, куолаһын соното сылдьарын өйдөөбөппүн. Кэргэнэ түүлээҕинэн иистэнэр буолан, кыһын сыҥааҕа суох, кыра куондаралаах андаатар бэргэһэлээх буолара. Кешалаах сааһыран баран оҕоломмут буоланнар, оҕотугар аһара ылларбыта. Кэпсээнэ барыта: «Леночка бүгүн маннык-итинник гынна…» – диэн этэ. Сахаларга итинник уолаттар баар буоланнар, биһиги бырамыысыланнаска тулуһан үлэлээтэхпит.
* * *
Анатолий Ушницкай, бииргэ үлэлээбит доҕоро:
– Мин Кураанахха 1988 с. үлэлии тиийбитим. Онно Иннокентий Свинобоев, Николай Румянцев, о.д.а. биһигини бастаан үөрэтэн-такайан үлэлэппиттэрэ. Мин ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр түбэспитим, ыйы-ыйдаан хамнаһы төлөөбөттөрө, ол эрээри, бииргэ үлэлиир уолаттарбытын кытары доҕордоһон, өйөһөн, ыарахан кэмнэри тутуспутунан ааспыппыт. Бииргэ үлэлиирбит, дьиэ кэргэнинэн доҕордоһорбут, ыһыахтары, Суоппар күнүн, Саҥа дьылы, үбүлүөйдэри тэрийэн – үчүгэй өйдөбүл хаалбыт. Билигин «Удачнайдааҕы» ГОК-ка 90 туонналаах «БелАЗ-ка» үлэлии сылдьабын. Эдэр эрдэхпинэ настаабынньык буолбут Иннокентий Свинобоевтааҕы ытыктыы саныыбын.
* * *
Николай Семенов, бииргэ үлэлээбит доҕоро:
– Мин 1979 с. Аллараа Кураанахха тиийэрбэр Иннокентий Свинобоев үлэлии сылдьара. Кини олус холку майгылааҕа. Сахалартан биир бастакынан «БелАЗ-ка» үлэлээбитэ. Кеша сүбэлээн-амалаан, такайан улахан массыына суоппара буолбутум. Сахалар «БелАЗ» массыынаны баһылыылларыгар, бырамыысыланнаска үлэлииллэригэр суолу арыйбыт киһинэн биһиги Кешабыт буолар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Кини үтүөтүнэн билигин даҕаны «Анаабыр алмаастара» тэрилтэҕэ «БелАЗ-ка» үлэлии сылдьабын, онон Иннокентий Свинобоевка махталым муҥура суох.
Хаартыскалар И.Свинобоев тус архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: