Сахалыы кылааска үөрэниэн баҕалаахтары уһуйаантан саҕалаан иитэр соруктаахтар
Үөрэх дьыла саҕаланан эрэринэн уонна Атырдьах ыйынааҕы мунньах иитинэн Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Мария Петрова ааспыт нэдиэлэҕэ тэлэбиидэнньэҕэ тахсан интервью биэрдэ.
“Оҕону сахалыы кылаастарга биэрэргэ урукку курдук кыһалҕа суох быһыылаах, боппуруос быһаарылынна дуу?” – диэн ыытааччы ыйытыытыгар начаалынньык санаатын үллэһиннэ. Оҕото ханнык тылынан үөрэнэрин төрөппүт бэйэтэ талар бырааптааҕын санатан туран, маныаха үлэни уһуйаантан саҕалыыр ирдэнэрин ыйар.
— Ханнык тылынан үөрэтэрин төрөппүт бэйэтэ талар. Билигин даҕаны дьулуһар соруктаахпыт. Хас биирдии оскуолаҕа сахалыы тылынан үөрэтии сорудаҕын быһаарарбыт суолталаах. Манна тиийэргэ уһуйааннарга оҕолор сахалыы бөлөххө сылдьыахтаахтар. Тус бэйэм, үлэбэр сүрүн болҕомтону манна уурабын. Быйыл уһуйааннарга сахалыы бөлөхтөр ахсааннарын элбэтэбит, уһуйааннары көҕүлүүбүт. Бу үлэ салҕанарыгар эрэнэбит.
Куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев болҕомтотун эмиэ уурар, өйүүр. Быйыл аан бастакытын саха тылын бастыҥ учууталларыгар уонна сахалыы бөлөх иитээччилэригэр бириэмийэ туттарыллыбыта. Быйыл үс бириэмийэни: национальнай оскуола саха тылын учууталыгар, поликультурнай оскуола саха тылын учууталыгар, сахалыы бөлөх иитээччитигэр туттардыбыт. Эһиилги сылга Евгений Николаевич көҕүлээһининэн көннөрүү киирдэ, мантан ыла икки бириэмийэ көрүллүөҕэ – сахалыы уһуйаан сахалыы бөлөҕүн иитээччитигэр уонна икки тыллаах (смешаннай) уһуйаан сахалыы бөлөҕүн иитээччитигэр, — диэн начаалынньык хоруйдаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: