Салгыы
Сахалыы ойуулуктары 1,5 мөлүйүөн киһи көрдө

Сахалыы ойуулуктары 1,5 мөлүйүөн киһи көрдө

13.01.2023, 14:09
Бөлөххө киир:

Саха АССР 100 сылыгар “Саха” НКИХ Инновация, сыыппара сайдыытын уонна инфокоммуникационнай технологиялар министиэристибэтин өйөбүлүнэн, сахалыы саҥарар ойуулуктары оҥорон таһаарда уонна биллэр мультиктары тылбаастаата. Бу мультиктары 1,5 мөлүйүөн киһи көрдө.

Сахалыы ойуулуктары оҥорорго уонна тылбаастыырга 2022 сыл кулун тутар ыйтан саҕалаан, сүүстэн тахса киһи үлэлээбит. Бу – тылбаасчыттар, тыас-уус режиссердара, эрэдээктэрдэр, аниматордар, худуоһунньуктар, артыыстар, уо.д.а. Хамаанда түмсүүлээхтик үлэлээн, улахан уонна кэскиллээх үлэ үтүө түмүктээх буолла. Бу туһунан Ил Түмэн мунньаҕар анаан кэпсэттилэр.

Ол курдук, “Фиксики” сериал 157 сиэрийэтин, “Малышарики” 212 сиэрийэтин, “Тим и Том” 48 сиэрийэтин, “Три кота” 104 сиэрийэтин сахалыы саҥартылар. Мультиктар “Саха” НКИХ “Түннүк” диэн оҕо ханаалыгар, “Мамонт” ханаалга, “НВК-онлайн” саайтка, “Чохоон” ютуб-ханаалга, о.д.а. бааллар.

“Чохоон” ютуб-ханаалга 730 видео баар, 16 тыһыынчаттан тахса сурутааччылаах. Оҕолор бу ханаалга саамай сөбүлээн “Тооку” ойуулугу уонна «Сахалыы алпаабыт (Якутский алфавит)» мультигы көрөллөр эбит.

Үүммүт сылга бу үлэ салҕаныаҕа. Саҥа мультипликационнай усутуудьуйалары кытары үлэлэһиэхтэрэ. Төлөпүөҥҥэ анал саҥа сыһыарыы баар буолуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: