Кэнники кэмҥэ кыра оҕолорбут нууччалыы саҥаҕа көһөн эрэллэрэ дьиксиннэрэр. Дьэ, дьикти кэмҥэ олоробут. Аҕыйах сыл иһигэр барыта уларыйан хаалла – оннооҕор сахалыы эйгэлээх тыа сиригэр кыра оҕолор ситэ-хото тыллана да иликтэриттэн, нууччалыы чубугуруур буоллулар. Тоҕо маннык буоларый? Интэриниэт сайдыыта балысхан, аҕыйах ыйдаах эрдэхтэриттэн төлөпүөнү оонньуур оҥостубут, ойуулуктары көрбүт, “ютубу” сэргээбит оҕолор барахсаттары Интэриниэт обургу өйдөрүн ытыйар, мэйиилэрин “билиэн ылар” эбит. Онон ийэ-аҕа төрүт тылынан буолбакка, кинилэргэ “ньээҥкэ” буолбут Интэриниэт тылыгар (нууччалыы) көһөн хаалаллара маассабай көстүү буолла…
Ол эрээри, бу кыһалҕаттан туора турбакка, эдэр дьон, ыал ийэлэрэ ылсан эрэллэрэ, саҥаны киллэрэ сатыыллара кэрэхсэтэр.
Эдэр ийэлэр Ольга Яковлева, Анастасия Павлова үстүү оҕолоохтор. Кинилэр дьиэ кэргэттэрэ төһө да сахалыы эйгэлээх буоллаллар, кыра оҕолоро сахалыы саҥарбат буолан хаалбыттарыттан олус соһуйбуттар.
– Дьиэбит иһигэр сахалыы кэпсэтэбит, улахаттарым икки тылынан ыраастык саҥараллар. Кинилэр кыра эрдэхтэринэ, Тындаҕа, Алдаҥҥа олорбуппут. Ол иһин нуучча эйгэтигэр тиийбит оҕолор төрөөбүт тылларын умнуохтара диэн, дьиэ иһигэр сахалыы эйгэни тэрийбитим. Сыллата Сунтаар улууһугар эһээлээх эбээлэригэр баран сайылыыллар, окко, сир аһыгар сылдьаллар. Ол иһин саха тылын умнубатахтара. Дьокуускайга көһөн кэлээт, сахалыы оскуолаҕа биэрбиппит. Оттон кыра кыыспыт тоҕо эрэ нууччалыыра элбээн, булкуйан саҥарар, – диэн Ольга кэпсиир.
– Эмискэ, биир сайын иһигэр кыра оҕом нууччалыы эрэ саҥарар буолан хаалбыта. Онон дьиэбитигэр эмиэ быраабылалаахпыт – улахаттар балтыларын кытта сахалыы эрэ кэпсэтиэхтээхтэр диэн. Ону син тутуһаллар. Бэйэлэрин икки ардыгар уонна доҕотторун кытта нууччалыы кэпсэтэллэр. Иккиэн сахалыы оскуолаҕа үөрэнэллэр. Бу билиҥҥи 1-кы, 2-с кылаас оҕолоро – “ютуб” оҕолоро буолан, нууччалыыга наһаа тардыһыылаахтар. “Ютуб” сайыннарар диэн сэлээннэнэн, бириэмэни мүччү тутан кэбиһэбит быһыылаах. Оттон 3-с, 4-с кылаас оҕолоро арыый атыттар, син өйдүүллэр, – диэн Настя этэр.
Иистэнэн үп-харчы булуммуттара
Дьэ, бу маннык сытыы кыһалҕаны өйдөөн туран, аҥаардас дьиэ иһигэр кэпсэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, кыргыттар оҕолорго, төрөппүттэргэ аналлаах сахалыы мобильнай сыһыарыыны оҥорорго санаммыттар. Манна сахалыы остуоруйалар, оҕолорго аналлаах кэпсээннэр, таабырыннар, хоһооннор, табылыннаҕына, аудио-испэктээктэр баар буолуохтара.
– Пандемия саҕаламмытын кэннэ, дьиэҕэ олорон, бу идиэйэ киирбитэ. Ол саҕана сахалыы сыһыарыыны оҥоруу диэн ханна да суох этэ. 2021 сыл сайыныгар Москваҕа барбытым уонна сыһыарыыны оҥорор хампаанньаны булбутум. Чэ, онтон пандемия уонна сааҥсыйалар мэһэйдээн, уһатан-кэҥэтэн кэбистибит. Мобильнай сыһыарыыбытын бу кыһын таһаарар былааннаахпыт. Отучча остуоруйаны тыаһы-ууһу устар устуудьуйаҕа анаан уһултарбыппыт, өссө да салгыахпыт, – диэн Ольга кэпсиир.
Кыргыттар бу бырайыактарын үлэлэтэр туһуттан, дьиэҕэ оҕо көрөн олорон, халадаайдары, киэргэллэри, билэлэри, суумкалары, олбохтору, эр киһи кэтэр бейсболкаларын, о.д.а. тигэн атыылаан уонна маастар-кылаастары ыытан, харчыласпыттар.
Оҥоһуктарын “Сардаана”, “Илин Эҥэр” маҕаһыыннарыгар туттараллар эбит. Ол харчыларын барытын сыһыарыыны оҥорторорго укпуттар. Ону тэҥэ, остуоруйалары устарга анаан кыбартыыраҕа чуулаан хоһун өрөмүөннээн, анал тэрил атыылаһан, тыас-уус устуудьуйатын оҥостубуттар. Онно эмиэ устан көрбүттэр.
Интэриниэккэ сахалыы саҥа элбиэхтээх
– Бэйэбит MyBook сыһыарыыга аудио-кинигэлэри истэбит. Тоҕо сахалыы сыһыарыы суоҕуй диэн санааттан, бэйэбит оҥорон көрөргө санаммыппыт. Оҕо эмньик сааһыгар сахалыы дорҕооннору истэн улаатыахтаах. Тула наар нууччалыы саҥаны истэр буоллаҕына, кини сахалыы саҥарарын да ыарырҕатар буолар. Сахалыы остуоруйалар оҕо саҥатын сайыннараллар, өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын билиһиннэрэллэр, төрүт үгэстэригэр үөрэтэллэр. Аныгы төрөппүт солото суох, киэһэ утуйаары сытан, сахалыы остуоруйаны холбоон кэбиһиэн сөп буоллаҕа. Интэриниэт эйгэтигэр сахалыы саҥа, ойуулуктар, киинэлэр, аныгылыы эттэххэ, “контент” элбиэн наада, кэҥээн, сайдан иһиэхтээх дии саныыбыт. Ол онно бэйэбититтэн тутулуктааҕы оҥоруохпутун, кыратык да буоллар, кылааппытын киллэриэхпитин баҕарабыт, – диэн ийэлэр кэпсииллэр.
Биир ыра санаалара – аудио-испэктээктэри устуу. Тыастаан-уустаан, муусукалаан, артыыстары аахтаран, уус-уран айымньыны оҥорон таһаарар баҕалаахтар.
– Оҕо сылдьан араадьыйаҕа испэктээктэри умсугуйа истэр этибит. Бу кэлин Чингиз Айтматов сахалыы тылбаастаммыт “Плаха” айымньытын артыыстар ааҕалларын массыынаҕа олорон истибитим уонна туох-баар дьыалабын барытын умнан, бүтүөр диэри истэн олорбутум. Ити курдук сахалыы испэктээктэри устуохпутун баҕарабын, – диэн Ольга этэр.
Өлөрсүүлээх остуоруйалар уонна ааптар бырааба
Бу үлэлии сылдьан, хас да уустук боппуруоһу көрсүбүттэр. Сахалыы норуот остуоруйалара сороҕор кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар батан киирбэт ис хоһоонноохтор. Холобур, Мэник Мэнигийээн саҥастарын өлөртүүр, Алаа Моҕус киһини сиир…
– Бу маны хайдах баарынан ааҕан биэриэхтээхпит дуу, уларытан биэрэр табыллара дуу? Манныгы аныгы оҕо хайдах ылыныай? Этэргэ дылы, былыр олох атын этэ, ол саҕана, баҕар, өлөрсүү-охсуһуу күннээҕи көстүү, олох иһин охсуһуу, тыыннаах буолуу мэктиэтэ буолуо. Саха ураты толкуйдаах, остуоруйаларга син биир туох эрэ иитэр-үөрэтэр дириҥ суолтаны, муудараһы уктахтара дии, ону сатаан өйдүөххэ наада. Оттон билигин букатын атын олох. Ким өлөрсүүнү сөптөөх диэҕэй? Аныгы оҕо олох атыннык ылынар, толкуйдуур. Бу остуоруйалары оҕолорбутугар кэпсээн, туохха иитэбитий диэн ыйытыы үөскээн тахсар. Улахан толкуйга түстүбүт.
Оттон оҕо суруйааччыларын айымньыларын ааҕыахпытын, ааптар бырааба диэн өйдөбүл баар. Суруйааччылар айымньыга бырааптарын оҕолоро, сиэннэрэ бас билэллэр – көҥүллэтиэххэ, эбэтэр, төлүөххэ наада, ол эмиэ элбэх үлэни эрэйэр. Оттон аныгы суруйааччылары кытта үлэлэһиэхпитин сөп: көҥүллүүр буоллахтарына, сыһыарыы үлэлээн бардаҕына, бырыһыан төлөнөр. Ханнык баҕарар үлэ төлөнүөхтээх. Онон үлэлэһиэн баҕалаах, оҕолорго анаан суруйар ааптардары көрдүүбүт.
Түгэнинэн туһанан, оҕоҕо аналлаах кэпсээннэри, остуоруйалары суруйар ааптардарга литературнай күрэһи биллэриэхпитин баҕарабыт. 1-кы, 2-с, 3-с миэстэлэргэ харчынан бириис олохтонуоҕа. Ханнык баҕарар тиэмэлээх, оҕону сайыннарар, иитэр-үөрэтэр суолталаах, сахалыы саҥаны сайыннарар, интэриэһинэй ис хоһоонноох, А4 кээмэйдээх 1-2 илиистэн уһуна суох айымньылары сэтинньи 1 күнүгэр диэри ostuoruya23@mail.ru күүтэбит. Урут да суруллубут айымньы буолуон сөп.
Хаартыскалар: суруйуу дьоруойдарын архыыптарыттан.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…