Сахалыы сайаҕастык саҥаны иһиттэхтэринэ, сүргэлэрэ көтөҕүллэр, харахтара сырдыыр
Бүлүү дэлэгээссийэтин кытта байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмө илдьиһэн иһэн, бириэмэ көстүбүччэ, Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэстибитигэр баар “Саха волонтердара” уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа тиийэ сырыттым. Түмсүүнү сүрүннээччи Туйаара Константинова үөрэ-көтө көрүстэ, туох үлэ ыытылларын тута кэпсээн-ипсээн барда.
Ыырбыт кэҥиир
— “Саха волонтердара” хамсааһын 2022 сыл алтынньытыттан тэриллэн үлэлиир. Бастаан Москва куораттан саҕалаабыт буоллахпытына, билигин Калининград, Крым, Москва аннынааҕы куораттарга олорор, үлэлиир биир дойдулаахтарбытын кытта түмсэн, Кыайыы туһугар бииргэ үлэлии сылдьабыт. Үлэбит хайысхата уларыйан иһэр – диэн кэпсиир Туйаара Николаевна. – Бастаан госпитальнай нобуордарга туох даҕаны суох курдуга. Ол эбэтэр тиис суунар щеткаттан саҕалаан, туһанар мал-сал букатын суоҕа. Байыаннай дьайыы эмискэ саҕаламмыт буолан, бэлэмэ суох курдуктара. Хааччыллыы биллэрдик тубуста, онон урукку курдук мыыла, шампунь эҥин көрдөөбөттөр. Билигин сахалыы аска-үөлгэ эрэ наадыйаллар. Итинэн сиэттэрэн, биһиги үрдүттэн ас-астыыр волонтердарга наадыйабыт. Билиҥҥитэ сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн эбээлэрбит, убайдарбыт буолаллар. Биһиэхэ билиҥҥи туругунан, тиһигин быспакка 20-чэ киһи үлэлиир.
Волонтердааһын уратыта
— Волонтердааһын сүрүн уратыта диэн – киһи бэйэтин баҕа санаатынан кыттыыта буолар. Хамнас диэн суох, көрүллүбэт. Байыас уолаттарбыт “Эһиги хамнас аахсаҕыт дуо” диэн өрүү ыйыталлар. Суох диэтэхпитинэ, адьас итэҕэйбэттэр. Үтүө, аламаҕай санаалаах буолуу эриэккэс соҕус көстүү ээ. Үтүө санаа диэни бөлүһүөктээн көрдөххө, итэҕэл чугас курдук. Бу – дьоҥҥо сулууспалааһын. Баҕа санаа туолуута, тугунан эмиэ көмөлөспөтөххө, кыайан тулуйан-тэһийэн сылдьыллыбат буолаҕын.
Ким эрэ тохтуу-тохтуу кэлэн көмөлөһөр, ким эрэ өр кэмҥэ тохтоон баран, дьоҥҥо көмөлөһөрүн суохтаан, төннөн кэлэн үлэлиир. Маннык ураты сыһыантан биһиги олус үөрэбит.
Колл-киин абырыыр
— Байыастар тустарынан сүрүн иһитиннэриини колл-киинтэн ылабыт. Балтараа сыл кэриҥэ үлэлээтэ. Бу олус наадалаах, көдьүүстээх эбит диэн сыаналыыбыт. Тустаах кииҥҥэ бу уол манна тиийбит, ол уол онно киирбит диэн барытын биһиэхэ иһитиннэрэ олороллор. Бу биир өттүнэн уолаттар ханна сылдьаларын биллэрэллэрэ-көрөллөрө, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсии буолар. Дьон итэҕэйэр буолан, маннык үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Уолаттарга көмөлөһөр наадалааҕын өйдүүбүт. Ас-үөл ыытан баран, ону бэйэлэрэ сииллэрэ буолуо диэхтэрин эмиэ сөп. Олох оннук буолбатах, биир да куһуогу сиэбэппит. Барытын уолаттарга сыа-сым курдук тутан, үллэрэн, илдьэн биэрэбит. Тоҕо диэтэххэ, сахалыы ас-үөл уолаттарбытыгар эмп курдук, күүс-сэниэ эбинэллэригэр наада. Сахалыы ас-үөл уолаттар этэҥҥэ үтүөрэллэригэр тугунан да кэмнэммэт улахан суолталаах.
Араас буолар
— Байыаннай дьайыыга сылдьыбыт уолаттар туруктара араас буолар. Үгүстэр онно сылдьыбатах буолан, үчүгэйдик билбэттэр. Быраастар, холобур, эмтииллэр, оттон волонтердар атыннык көмөлөһөллөр. Бастатан туран, манна киһилии сыһыан наада. Үтүөнү сымыйанан хайдах да оҥорбоккун. Сымыйанан көмөлөһө сатааччылар тута биллэллэр. Биирдэ-иккитэ сылдьан, хаартыскаҕа түһэн баран, сүтэн хаалааччылар бааллар. Госпиталга тиийэр манан аҕай дьыала буолбатах ээ. Дьиҥнээхтик, ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөр эрэ дьон хаалаллар. Кинилэр ортолоругар эдэрдэр эмиэ бааллар. Аны манна ас эрэ буолбакка, таҥаһы-сабы тигии эмиэ оруолу ылар. Бастаан утаа госпиталга туох наадатын билбэт этибит. Бааһырбыт киһиэхэ бастакы уочарат таҥас-сап наада. Сахалыы оһуордаах, Саха сирэ диэн суруктаах-бичиктээх, Саха сирэ былаахтаах, ойуулардаах таҥаһы таҥныахтарын олус баҕараллар.
Аны тиийбит аһы-үөлү балаатаҕа сытааччылары кытта бары үллэстэн аһыыллар. Норуоттар доҕордоһуулара, билсиилэрэ, убайдыы-бырааттыы сыһыан мантан үөскээн тахсар. Онон Саха сирин дьоно-сэргэтэ бэйэбит уолаттарбытыгар эрэ буолбакка, атын дьоҥҥо эмиэ көмөлөһөр.
Сурук суолтата улахан…
— Оскуола оҕолоро байыастарга сурук ыыталлар. Бу олус улахан суолталаах. Бастаан ити суолтатын улаханнык өйдөөбөт этибит. Ис дьиҥин ылан көрдөххө, оҕо байыаһы күүтэбит диэн да суруйуута олус улахан суолталаах эбит. Ол иһин хайаатар да, оҕолорбутун саҥардыахха наада дии санаатыбыт. “Дети волонтеры” диэн бырайыакпытын үлэлэппиппит биир сыл буолла. Кэлиҥҥи кэмҥэ устудьуоннар, эдэр дьон ас-үөл хаалларан ааһаллар. Волонтердар диэн кимнээхтэрий диэн интэриэһиргиир буоллулар. Ыччат дьон ылсан эрэрэ олус үөрдэр. Манна, биллэн турар, иитии олус улахан оруоллаах. Кииҥҥэ кэлэн үлэни кытта билсии, көрүү олус наада.
Ону тэҥэ, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кэллиэһин устудьуоннарын кытта бииргэ үлэлиибит, кинилэр ырыа ыллаан ыытар буоллулар. Ону телеграмм-ханаалбытыгар таһаардыбыт. Бастатан туран, волонтер киһи буоллаҕына, кинилэр санааларын көтөҕүү эмиэ олус наада. Телеграмм-ханаалга байыастартан саҕалаан, атын дьон элбэх, тоҕо эрэ кинилэр тахсан барбаттар, киирэ тураллар. Биһиги девизпыт «Кыра да көмө наада» диэн. Маннык санааны хас биирдии киһиэхэ үөскэтэ сатыыбыт. Этэргэ диэри, волонтердар, барахсаттар, маладьыастаргыт да диэтэхтэринэ, сүргэлэрэ олус көтөҕүллэр ээ. Күүстэригэр күүс эбиллэр курдук. Киһиэхэ кыра да хайҕабыл олус наада. Атын дьон, бу бачча ыраах олорор аатаҕыт хайдах кэлэн көмөлөһөҕүт диэн олус сөҕөллөр-махтайаллар. Маннык сыһыантан олус соһуйаллар.
Саха эр киһитэ сэмэй
— Байыастар бастакы көрсүһүүгэ туох даҕаны наадата суох дииллэр. Бу саха эр киһитин сэмэй майгытын көрдөрөр. Оттон ийэлии, эдьиийдии истиҥ сыһыан олохтонон бардаҕына, дьэ биирдэ аһыллаллар ээ. Уонна дьиэлэригэр баралларыгар ис сүрэхтэриттэн олус махтаналлар. Дьиэлэригэр тиийэн баран, хайаан да тугу эрэ суруйбут буолаллар. Бу кинилэр ис сүрэхтэриттэн махтаналларын көрдөрөр. Байыастарга сахалыы сайаҕастык саҥаран киирдэххэ олус үөрэллэр, харахтара сырдыы түһэр. Кинилэр кыратык да үөрдэхтэринэ, волонтердар онтон икки бүк үөрэр, күүһүгэр күүс киирэргэ дылы буолар. «Тоҥмуту ириэр, аччыктаабыты аһат, тутайбыты өйөө» диэн былыр-былыргыттан кэлбит өс хоһооно биһиэхэ олус чугас. Итинник санаа өссө тэнийэ турдун.
Александр Тарасов
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: