Салгыы
«Сахалыы саҥарар буоллахха» быыстапканы дьон-сэргэ сэҥээрдэ

«Сахалыы саҥарар буоллахха» быыстапканы дьон-сэргэ сэҥээрдэ

Ааптар:
21.09.2024, 09:40
Хаартыска Р.Черкашина тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһугар Суотту модельнай бибилэтиэкэтигэр «Сахалыы саҥарар буоллахха» диэн Екатерина Константиновна Местникова олоҕун, айар үлэтин сырдатар бэртээхэй быыстапка, тэрээһин буолла.

Екатерина Константиновна чабырҕахсыт, фольклорист, норуот былыргытын билээччи, этнопедагог, Суотту бастакы поэтессата, «Кэллим кэпсээри», «Киһиэхэ киирэр араас туруктар», «Хайыаҥ этэй», «Сахалыы саҥарар буоллахха» кинигэлэр ааптардара. 1984 сыллаахха «Утаһын» чабырҕах бөлөҕүн тэрийбитэ. Кини 1936 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Екатерина Константиновна төрөөбүт күнүгэр анаан тэриллибит быыстапка балаҕан ыйын 26 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Е.К.Местникова кыыһа М.В.Бурцева, Хоноҕор сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Мустубут ыалдьыттар Екатерина Константиновна олоҕун, айар үлэтин билистилэр, хоһооннорун, чаҕырҕахтарын сэргээн иһиттилэр, остуоруйаларын, кэпсээннэрин кэрэхсээтилэр. Кини сөбүлээн, умсугуйан оҥорбут айылҕа матырыйаалларыттан уонна кэппит киэргэллэрин, суруйбут суруктарын, кинигэлэрин, олоҕун кэпсиир стендэлэри дьон-сэргэ сэҥээрдэ.

Раиса Черкашина,

Суотту, Уус Алдан.

Хаартыска ааптар тиксэриилэрэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: