Салгыы
Сахалыы саҥарар турок кыыһа ыһыаҕынан эҕэрдэтин ыытар

Сахалыы саҥарар турок кыыһа ыһыаҕынан эҕэрдэтин ыытар

23.06.2023, 16:05
Хаартыскаҕа Аграфена Кузьмина түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Турок кыыһа, саха тылын чинчийбит, билигин Анкараатааҕы Хаджи Байрам Вели университетын үлэһитэ Гюльшах Туладьы үрүҥ тунах ыһыахтарынан Саха сирин олохтоохторугар эҕэрдэтин ыытар.

Гюльшах Ходьатепе университетын, Гази университетын бүтэрэн, Хаджи Байрам Вели университетыгар аспирантураҕа туттарсан киирбитэ. Бу үөрэнэр сылларыгар саха тылын чинчийэн үөрэппитэ.

Билиҥҥи түүр тылларын кафедратыгар үөрэммитим. Онно факультатив быһыытынан саха тылын чинчийбитим. Атын түүр тылларыгар тэҥнээн көрбүтүм. Аспирантураҕа Хаджи Байрам Вели университетыгар үөрэнэ сылдьан саха тылын ордук интэриэһиргээбитим. Научнай салайааччым эмиэ бэйэтэ саха тылын чинчийбит, элбэх научнай үлэлээх профессор Мехмет Фатих Киришчиоглу. Саха тыла түүр тылларыттан биир былыргылара, онон үөрэтэргэ олус интэриэһинэй. Хомойуох иһин, Турцияҕа саха тылын үөрэтэргэ кинигэ олус аҕыйах. Научнай салайааччым Мехмет Фатих Киришчиоглу, Саха сириттэн Турцияҕа кэлэн үлэлээн барбыт учуонай Юрий Иванович Васильев, учуонайдар Лука Харитонов, Тамара Ивановна Петрова, о.д.а. үлэлэрин көрбүтүм. Бу туһунан “Кардеш Калемлер” диэн Евразия суруйааччыларын сойууһа таһаарар сурунаалларыгар Саха сирин 100 сылыгар анаан таһаарбыт нүөмэрдэригэр суруйан турабын, — диэн этэр кини.

Гюльшах саха тылын үөрэтэрин таһынан Саха сирин култууратын, үгэһин эмиэ үөрэтэр, үрүҥ тунах ыһыахтарынан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар сахалыы эҕэрдэтин ыытар.

Стамбулга бэс ыйын 11 күнүгэр Саха сириттэн сылдьар сахалар ыһыах ыспыттара. Онно баран ыалдьыттаан алгыс этэллэрин көрөн, оһуохайдаан кэлбитим. Саха спортивнай оонньууларын көрбүтүм. Саха сиригэр баран улахан ыһыаҕы көрүөхпүн баҕарабын. Саха сирин олохтоохторун ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин, — диэн этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 января
  • -51°C
  • Ощущается: -51°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: