Учууталлар кэтээн көрүүлэринэн быйыл онус кылааһы бүтэрбит оҕолор өссө син сахалыы хоп курдук саҥарар буоллахтарына, тохсустан аллараалар кэпсэтэр таһымнара лаппа намтаабыт. Маны уларытар ньыма баар дуо?
Ону билээри “Ийэ тыл кэскилэ” уонна “Ийэ тыл” уопсастыбаннай түмсүүлэр, Чурапчы улууһугар буолбут XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтин тэрийдибит. “Төгүрүк остуолга” кэпсэттибит уонна оҕо сахалыы саҥатын сайыннарарга туһуламмыт үлэлэри көрөн икки күрэскэ түмүк таһаардыбыт. Дьаарбаҥка түмүктүүр мунньаҕар кыайыылахтарга бириэмийэ туттардыбыт.
Санатар буоллахха, “Ийэ тыл – төрөппүт уонна оҕо” оскуола, уһуйаан төрөппүттэрин түмсүүлэрин күрэһин 2022 сыл күһүн биллэрбиппит.
Күрэс “Ийэ тыл кэскилэ”, Норуот педагогикатын ассоциацията, А.Г., Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай национальнай гимназиятын “Төрөппүт кыһата” бөлөҕө буолан тэрийбиппит. Күрэспитин СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ өйөөбүтэ. Сүрүн бириистэри “Барҕарыы” национальнай пуонда (сал. Альбина Поисеева) анаабыта. Бу пуонда кыттыбыт төрүөтэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев “Барҕарыы” пуондатын быйылгыттан төрөөбүт тыл сайдыытыгар үлэлииригэр уураахтаабыта буолла.
Ол курдук, Чурапчыга үлэлээбит хамыыһыйа маннык кыайыылаахтары быһаарда:
I Үрдэлгэ (бириис 20 000 солк.) таҕыста «Дьиэ кэргэн уонна уһуйаан – оҕону иитиигэ үтүө олуктара» диэн Дьокуускай куорат 51-с №-дээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ.
II Үрдэлгэ (15 000 солк.) таҕыста «Саха тылын сарсыҥҥыта – инники көлүөнэҕэ» Амматааҕы «Хатыҥчаана» уhуйаан «Мичээр» бөлөҕүн иhинэн бырайыак.
III Үрдэлгэ таҕыста (10 000 солк.) “9 эйгэ” диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолатын төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ.
Маны таһынан, «Сахам сайдам саҥата», «КиберСаха» түмсүүлэр уонна биирдиилээн саха тылыгар кыһаллааччылар – Күбэйэ уонна Яков Оконешников спонсордаан барыта 38 000 солк. хомуллан эбии бириэмийэлэр ананнылар:
5000 солк. – “Төрүт төрөппүт түмэлэ” диэн Чурапчы улууһун В.С. Васильев аатынан Хатылы орто оскуолатын үлэтигэр;
5000 солк. – “Иитэр-үөрэтэр эйгэни сыдьаанынан тэрийии” диэн Таатта улууһун Теряковтар дьиэ кэргэн бырайыактарыгар;
3000 солк. – “Өбүгэ төрүт дьарыгынан оҕону ийэ тылыгар иитии” Дьокуускай куорат 24-с №-дээх “Сардаана” уһуйаанын Протодьяконов Никита Михайлович салайааччылаах үлэҕэ.
Учууталлар уонна иитээччилэр кыттар баҕаларын биллэрбиттэрин иһин эбии “Сахалыы саҥа” күрэһи киллэрэн маннык бириэмиэйэлэр туттарылыннылар:
I Үрдэл (10 000 солк.) – “Сыыппара эйгэтин нөҥүө оҕо саҥатын сайыннарыы” Чурапчытааҕы “Улыбка” уһуйаанын үлэһитэ М.П. Саввина уонна төрөппүтэ А.В. Посельская үлэлэрэ,
II Үрдэл (7000 солк.) – “Сонор оонньуу нөҥүө олоҥхону үөрэтии” диэн Уус Алдан улууһун Кэптэнитин “Чэчир” уһуйаанын М.И. Сысолятина, М.Е. Бурнашева үлэлэрэ,
III Үрдэл (5000 солк.) – “Буукуба нөҥүө сахалыы саҥардыы” С.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын учууталлара уонна төрөппүттэрэ А.Н. Тимофеева, С.А. Седалищева, А.Г. Байагантаева, Т.М. Пестерева, В.Н. Игнатьева үлэлэрэ,
3000 солк. – “Төрөөбүт төрүт тылбытын сайыннарыах” Бүлүү Үгүлээтин оскуолатын саха тылын учуутала Сивцева Хаарчаана бырайыагар.
Оҕо төрөөбүт тылынан күннээҕи саҥатын сайыннарар үлэлэри күүһүрдэллэригэр этиилээх Хайҕал суругунан бэлиэтэннилэр:
Мэҥэ-Хаҥалас Лоомтукатын Тыыллыма оскуолатын алын сүһүөҕүн учууталларын “Уматыс” бырайыага,
“Оҕо хомоҕой тылын сайыннарыы” диэн Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын уһуйаана,
“Түп этинии – оҕо сайдыытын тирэҕэ” диэн Таатта улууһун Ытык Күөл «Сулусчаан» уһуйаана.
Дьүүллүүр сүбэ сүрүннээн төрөппүт кыттыытын үрдүктүк сыаналаата, ураты ньымаларга болҕомто уурда уонна оҕону күннээҕи сахалыы саҥардар үлэлэри биһирээтэ.
Онон оҕону сахалыы саҥардыыга саха дьоно кимиилээхтик үлэлиир эбит диэн түмүккэ кэллибит. Бириис туппут кэлэктииптэри уонна биирдиилээн дьону өссө төгүл эҕэрдэлиибит уонна сыралаах, айымньылаах үлэҕитин көрдөрбүккүтүгэр, түмүктэрин үллэстибиккитигэр махталбытын тириэрдэбит!
Биһигини өйөөбүт биирдиилээн дьоҥҥо, «Барҕарыы» пуондаҕа махтанабыт. Өссө да саха тыла сайдарыгар санааҕыт салалыннын!
Бары саха дьонугар, иитээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ, салайааччыларга бу бастыҥ уопуту тарҕатаргытыгар, үлэҕитигэр туттаргытыгар ыҥырабыт.
Вилюяна НИКИТИНА, “Ийэ тыл кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…