Сахалыы сэмэйдик, чуумпутук, эрэллээхтик таптыыгыт
Бүгүн күлүм-чаҕыл уотун ыһар, сандаарар күннээх сааскы күн, Аҕа күнүн бэлиэтиибит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнэ 1999 сыллаахха олохтоммута. Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга.
Саха киһитэ барахсан бу тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр бэйэтин кыаҕынан дьиэ-уот тэринэн, оҕо -уруу тэнитэн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ. Ыал аҕата дьиэ кэргэн тутааҕа, үрдүк өһүөтэ. Кини бу олоххо иллээх дьиэ кэргэн, оҕо-уруу сайдар, үүнэр олуга. Ону сэргэ, бүгүҥҥү олохпутугар Ийэ дойдуларын көмүскээн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт, киэн тутта, эрэнэ кэтэһэр дьоммут эмиэ аҕалар.
Саха сиригэр норуот инники кэскилигэр ураты сыһыаннаах бэлиэ күн — Аҕа күнүн чэрчитинэн, аҕа уонна уол оҕо кыттар «Аҕа күрэҕэ» күрэхтэһии сыллата ыытыллан кэллэ.
Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгиттэн быйыл Таатта оройуонугар Туора Күөлгэ ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэр» биһиги нэһилиэкпит бастыҥ ыаллара Никифоровтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Николай Владимирович уолунаан Михаиллыын кытта барыахтара. Кинилэр кулун тутар 24 күнүгэр ыытыллыбыт оройуоннааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕынан тахсаннар, улуус баһылыга бириис быһыытынан туруорбут «Regulmoto» матаһыыкылын ылбыттара. Уратыта диэн, биир дойдулаахтарбыт бу күрэскэ үһүс сылын кыайыылааҕынан тахсаннар, чахчы да кыахтаахтарын көрдөрөн кыайыы өрөгөйүн өссө төгүл билбиттэрэ буолар.
Алта оҕолоох ыал ийэтэ Улита Васильевна, аҕалара Николай Владимирович иккиэн олохтоох оскуолаҕа үлэлииллэр. Дьоммут быйыл, аны, эбэ, эһэ буолар үөрүүтүн биллилэр. Үлэлэрин таһынан бу сыллар тухары иккиэн нэһилиэккэ ыытыллар бары уопсастыбаннай үлэлэргэ тутаах кыттааччы, тэрийээччи ыалынан буолаллар. Николай Владимирович нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайан үлэлэтэ, нэһилиэк сэбиэтин депутата. Улита Васильевна олорор түөлбэтин салайар, нэһилэк сэбиэтин депутата. Алта оҕолоох эдэр ийэ бириэмэтин сөпкө аттаран, таһыттан көмөтө суох барытын ситэрэ-хоторо сылдьарыттан арыт сөҕө саныыгын. Сүөһү-ас тутан, эбии дохуот киллэринэн, ону сэргэ уолаттара олох кыра саастарыттан окко-маска үлэлэһэн, сүөһү көрсөн тутаах көмө дьон буола улааттылар. Уолаттар бары оскуолаҕа киирээт, тустуунан дьарыктанан барбыттара. Бу өттүнэн нэһилиэкпит успуорка тириэньэрэ, Арассыыйа көҥүл тустууга успуорка маастара Василий Васильевич Алексеев уолаттары утумнаахтык дьарыктаан, Никифоровтар түөрт уоллара тустууга элбэх ситиһиилэнэн, оройуон, өрөспүүбүлүкэ чиэһин элбэхтик көмүскээн кэллилэр. Никифоровтар дьиэлэрин биир муннугун оҕолор успуорка ситиһиилэрин наҕараадалара, кубоктара кэрэһилииллэр. Түөрт уол кэнниттэн төрөөбүт кэтэһиилээх кыргыттар Николина 2 кылаас үөрэнээччитэ, кыра кыыс Каролина уһуйаан иитиллээччитэ. Дойдуларын аатын ааттата сылдьар ыалга, Никифоровтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт нэһилиэккит, киэҥ Ньурба аатын ааттата, бэйэҕит олоххо, үлэҕэ холобургутун көрдөрөн, ситиһиилээхтик кыттан, айаҥҥыт суола алгыстаах буоллун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Ытыктабыллаах аҕалар, бу күн эһиэхэ истиҥ махтал тылларын анаан туран, булугас өй, күүстээх санаа, инникигэ эрэл, чөл олох, чэгиэн-чэбдик турук, мындыр толкуй, эрэллээх доҕоттор, тапталлаах кэргэн, иллээх дьиэ кэргэн куруутун тулаҕытын арыаллаатынар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Мария Николаева,
Ньурба, Хаҥалас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: