Салгыы
«Сахалыы» сыһыарыы ахсынньыга тахсыаҕа

«Сахалыы» сыһыарыы ахсынньыга тахсыаҕа

06.11.2022, 14:37
Бөлөххө киир:

Лилия уонна Ньургун Бэчигэннэр саха тылын үөрэтэр “Сахалыы” диэн мобильнай сыһыарыыны оҥоро сылдьалларын истибит буолуохтааххыт. Билигин бу үлэ ханнык түһүмэххэ тиийдэ?

Кинилэр ИТ-паарка резиденнэрэ буолаллар. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр. Сотору кэминэн, ахсынньыга сыһыарыыларын таһаарыахтара. Оттон билигин сахалыы саҥарарга үөрэниэн баҕалаахтарга онлайн көрүҥүнэн уонна кэлэн үөрэнэр бөлөхтөрү арыйан, үлэлэтэ сылдьаллар.

Лилия Бэчигэн, бырайыагы төрүттээччи, менеджер:

Биһиги сүрүн дьыалабыт сыһыарыыны оҥоруу буолар. Бу ахсынньыга таһаараары бэлэмнэнэ, долгуйа сылдьабыт. Социальнай ситимнэргэ эрдэттэн кэпсээбиппит, онуоха дьон сыһыарыы тахса да илигиттэн, үөрэтэр куурустарга баҕаралларын туһунан этэллэр этэ. Ол иһин куурустары аһан үлэлэттибит.

Сардаана Осипова, «Сахалыы» бырайыагы сүрүннээччи:

Билигин биһиэхэ икки саҥа саҕалыыр бөлөхтөр дьарыктаналлар. Биир бөлөх ИТ-пааркаҕа кэлэн дьарыктанар, иккис бөлөх – онлайн-көрүҥүнэн. Наһаа үчүгэй, идэлэригэр бэриниилээх, интэриэһинэйдик үөрэтэр преподавателлэри буламмыт, астына, үөрэ сылдьабыт. Улахан дьону үөрэппит уопуттаах преподавателлэри анаан көрдөөбүппүт. Бу бөлөхтөргө билигин да суруйтарыахха сөп. Өссө оҕолорго эмиэ бөлөх арыллан эрэр. Саҥа дьыл кэнниттэн урут үөрэппит, билиилэрин чиҥэтиэн баҕарар дьоҥҥо аналлаахбөлөх арыллыаҕа.

Кистэл буолбатах, сахалыы үөрэммэтэх, саҥарбат дьон элбэх. Кинилэр улаатан баран, сахалыы саҥарарга үөрэниэхтэрин баҕарбыттарын да иһин, улахан дьону үөрэтэр куурустар суохтар. Аныгы үйэҕэ онлайн көрүҥүнэн да, кылааска тиийэн да саха тылын үөрэтэр кыах баар буолбута үөрдэр. Манна даҕатан эттэххэ, сүрүн болҕомтону саха тылын быраабылаларыгар буолбакка, кэпсэтэргэ, саҥара үөрэнэргэ уураллар. Онон түргэнник саҥара үөрэниэххэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: