Саха норуота «Ийэ» диэн истиҥ иһирэх, ичигэһинэн илгийэр үтүөкэн киһини улаханнык суолталыыр, сүгүрүйэр, махтанар. Ол да иһин буолуо биһиги улуу киһибит, бастакы бэрэсидиэммит Михаил Ефимович Николаев Арассыыйа үрдүнэн аан маҥнайгынан ийэни үйэтитиигэ, сүгүрүйүүгэ туһааннаах дьаһаллары таһаарбыта. Ол да иһин буолуо, норуот олоххо саамай суолталаах өйдөбүллэрин ийэни кытта сибээстииллэр – ийэ тыл, ийэ өй, ийэ дойду, ийэ сир уо.д.а.
Бу күннэргэ киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр Ийэ күнүн бэлиэтиибит. Мин бүгүҥҥү сэһэним-кэпсээним биир олус сэмэй, аймаабатарбын, айдаарбатарбын диэбиттии, хайдах эрэ ис- иһиттэн чуумпу, куруук мичээрдээн мытырыйар, үөрүнньэҥ, эйэҕэс-сайаҕас Александра Иннокентьевна Жиркова уонна кини дьиэ-кэргэнин туһунан.
Сахаларга хас да көлүөнэ буолан бииргэ тутуһан олох олорууларын бэлиэтиир Ытык ситим диэн ытык өйдөбүл баар.
Биһиэхэ, Хатаска, бу ытык өйдөбүлү тутуһан олорор ыаллартан биирдэстэринэн Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕо Александра Иннокентьевна Жиркова дьиэ кэргэнэ буолар. Кини төрөппүт кыргыттарыныын, сиэннэриниин бииргэ олороллор. Александра Иннокентьевна бэйэтин өйдүөҕүттэн сүөһү көрүүтүн этинэн-хаанынан билэн улааппыта.
«Сүөһүлээх буоламмыт сэрии кэмигэр сатыылаабыт аас-туор аччык олох алдьархайын уйбуппут», — диэн билигин даҕаны ол сыллары санаатаҕына уйадыйа кэпсиир. Онтон ол кэннэ дойду тыыллан-хабыллан сайдан туруута биһиэхэ, хатастарга, быһаччы тыа хаһаайыстыбатын кытта сибээстээх диэн санаалаах. Дьэ ол сайдыыга-үүнүүгэ Нохсоровтар дьиэ кэргэн кылааттара баарын нэһилиэк дьоно бары билинэллэр. Онон киниэхэ ынах диэн тыл суолтата олох улахан уонна куруутун махталлаах.
Бу ыалга сиэн оҕо эбээтин өйдөөбөтүттэн дуу, эбээ аныгы ыччаты ылымматыттан дуу тыҥааһын суох. Хас биирдии киһи бэйэтин көҥүлүн кимиэхэ да былдьаппакка, дьиэтээҕи, хаһаайыстыба түбүгүн кытта бэйэтин эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр, сайдар-үүнэр. Ким оскуолаҕа, Агрокубка, НКИХ-ҕа уонна да атын сирдэргэ үлэлиир-хамсыыр. Ким тыйаатырынан үлүһүйэр, ким астына-дуоһуйа күн эгэлгэ дьикти үүнээйилэрин бүөбэйдиир, ким уруһуйдуур…
Ол барыта туохтан, хаһан, ханна сааһыламмытый диэн санааттан Александра Иннокентьевна кыыһын, П.Н. уонна Н.Е Самсоновтар ааттарынан оскуола учууталын Наталья Нохсорованы кытта сэһэргэстим.
– Наталья, эһиги куруук сүөһүлээх-астаах, үүнээйилээх буоларгытын билэбит. Үлэни-хамнаһы, олох атын эйгэтин кытта бу түбүгү-садьыгы хайдах алтыһыннараҕыт?
– Дьэ, ол төрдө-төбөтө ийэбитигэр Александра Иннокеньевнаҕа, аҕабытыгар Устин Тихонович Нохсоровка буоллаҕа дии саныыбын. Саамай сүрүнэ, ханнык баҕарар дьарык, үлэ, түбүк, көр-күлүү маастара Мария этэринии, «санааны ууран туран оҥоһуллуохтаах» (күлэр – аапт.) уонна, биллэн турар, чопчу сыаллаах-соруктаах буолуохтаах, тиһигин быспакка оҥоһуллуохтаах.
– Оннук ээ. Ол аата дьыл кэмин хардыытынан сайын кыһыҥҥыга бэлэмнэнэн, кыһын сайыҥҥыга бэлэмнэнэн, уталыппакка оҥоһуллуохтаах буоллаҕа дии.
– Оннук. Сүөһүлээх-астаах үчүгэйэ диэн, барыта ис-иһиттэн сибээстэһэн, бэйэтэ бэйэтин ситэрэн иһэр. Биһиги сүөһүлээх буоламмыт оҕуруот көрүүтүгэр буорга-хаарга үбү-харчыны бараабаппыт, оҕуруоттаах буоламмыт, сүөһүлэрбитигэр эбилик-самалык буолар ас-үөл эмиэ баар. Үрүҥ илгэлээх, эттээх-астаах, оҕуруот аһын арааһа баар буолан, химиялаах аһы аһаабаппыт. Оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэнэн, тыа ыалын бүппэт түбүгэ кинилэргэ ыар таһаҕас буолбатах. Билигин биһиги кинилэргэ илии-атах, сүбэ-ама эрэ буолабыт.
– Онтон күн бүгүн даҕаны Александра Иннокентьевна барахсан күлэн мытырыйа-мытырыйа, уопсай улахан дьаһаллары ыйа-кэрдэ олорор киһи буолуо ээ…
– Оннуук-оннук. Биһиги да барытын билэр, сатыыр да буолларбыт, син биир сүбэтин-аматын истэбит, ылынабыт. Ол онтон кини үөрбүт хараҕын көрдүбүт да, түһүнэн кэбиһэрбит элбэх буоллаҕа. Үүт-ас күннээҕи хамсааһынын, дьэ, олох тутан олорор. Күннээҕи үүт сүүрдүүтүгэр тиийэ, сэппэрээтэрин хайаан да бэйэтэ бэрийдэҕинэ астынар-дуоһуйар. Хайа уонна кимиэхэ тугу ылсарбыт-бэрсэрбит кини сөбүлэҥин нөҥүө буоллаҕа дии.
Оҕуруот аһын арааһын олордобут. Кэлиҥҥи сылларга дьэдьэни сөбүлээн олордобут. Табыллыбыт сылыгар биэдэрэнэн буолар. Этэргэ дылы, сыыһан-табан, син иннин ыллыбыт. Кэрэ-көстүү, сибэкки чааһыгар киирдэххэ, төһө кыалларынан туох эмэ интэриэһинэй, атын көстүүлээх сибэккилэри олордо сатыыбыт. Ордук астынан оҕо эрдэхпитинэ аккырыыккаларга эрэ көрөн астынар роза сибэкки арааһын үүннэрэбит.
— Быйылгы сылга үгүс дьон кэрэхсэбилин, сэргээһинин ылбыт тыкваҕыт туһунан сэһэргээн аас эрэ.
— Биһиги ийэбит урукку кэм киһитэ буолан, ордуктааҕын-чорбохтооҕун дьоҥҥо-сэргэҕэ биэрэрин, үллэстэрин наһаа сөбүлүүр. Ол иһин, бу быйылгы сылга, ити эн этэриҥ курдук, болҕомто киинигэр буола түспүт тыквабыт (112 киилэ 300 гыраам ыйааһыннааах) сиэмэтин үүллэстээри, тугу астыылларын көрдөрөөрү кулуупка кэлбиппитигэр көрсүһүүттэн үөрэн, алтыһыыттан астынан аҕай олорор. Тыквабыт сиэмэтин («Атлант» диэн суорт) суруйтаран ылбыппыт, бэйэтин дойдутугар 700 киилэҕэ тиийэ улаатар эбит. Онон сыыйа тутан-хабан, билэн-көрөн истэхпитинэ, 700 киилэ да буолбатар, ити быйыл ылбыт кирбиибитин өссө тупсарыахпытын сөп буолуо.
– Дьэ, чахчы да оннук. Аны биир манныгы бэлиэтии көрөрбүнэн, эһиги ынах сүөһүнү таһынан хаһаайыстыба түргэнник ситэр-хотор көрүҥэр сибиинньэ, кус-хаас эмиэ иитээччигит. Бу туһунан туох диэҥ этэй?
– Эппитим курдук, биир баар буоллаҕына, ситимнэһэн-сибээстэһэн барыта ити курдук кэлэн иһэр. Куруолугу таптаан иитэбит. Куруолукка саамай маастарбыт — сиэн уол Ефим. Аныгы киһи быһыытынан, куйаар ситимигэр хаардыы хаамар. Быйылгы сылга бастакы идэһэлэрбитин дьаһайан олоробут (мичээрдиир). Индюк, бройлер кууруссалар бэркэ улааталлар, ааҕан-суоттаан таһаардахха, ночоото суох көрүҥ. Эбилик буолан абырааччы. Оҕуруот аһын, сибэкки, мас-от чааһыгар балтым П.Н. уонна Н.Е Самсоновтар ааттарынан оскуола иһинэн үлэлиир Агрокуб биир тутаах үлэһитэ Тамара Устиновна саамай сүрүн киһибит буолар. Этэргэ дылы, теория да, быраактыка да өттүнэн кинини кытта мөккүөр суох. Сиэн кыыс Шура уруһуйга дьоҕурдаах. Бу үүнээйилэр өҥнөрүн-дьүһүннэрин, моһуоннарын дьүөрэлээн кэрэ көстүү өссө ситэриллэр. Харысхан тутуу өттүгэр кыргыттар тугу баҕарбыттарынан күрүө-хаһаа, дьааһыктар, кыыл-сүөл уйата уо.д.а хаһаайыстыбаҕа наадалаах атын тутуулары, оҥоһуктары оҥортуур. Сиэн уол Тихоммыт ордук тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буолан, пылесостан саҕалаан тыраахтарга тиийэ кини хаһаайыстыбата, кини эппиэтинэһэ. РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 58 сыл үлэ ыстаастаах, онтон 43 сылын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, 30 сылын туһулаан Хатас сопхуоска дириэктэрдээбит Федорова Парасковья Павловна күн сирин көрбүт күнүгэр кини аатын үйэтитиигэ анаммыт «Сатабыл» диэн тырахтарыыстар күрэхтэригэр саамай эдэр кыттааччы этэ. Бэрт ситиһиилээхтик кыттыбыта.
— Оннук. Ол күрэҕи мин олох илэ харахпынан көрбүтүм. Манна Тихон иитиллибит дьиэ-кэргэнэ – эбээтэ Александра Иннокентьевна дьиэ-кэргэнэ олох дьиҥ чахчы көлүөнэ ситимин ыһыктыбакка хас да көлүөнэ дьон буолан бары бииргэ эн-мин дэһэн олороллоро эмиэ кырата суох оруолу оонньообута. Сүөһүнү-сылгыны таһынан түргэнник улаатар көрүҥнэри – куруолугу, кууруссаны туталлар, оҕуруот аһын этэ да барбаккын. Эһиги бары ким тиэхиньикэҕэ, ким олордууга-үүннэриигэ, ким сүөһү көрүүтүгэр, ким куйаар нөҥүө аныгы технологиялары баһылаан дьоҕурдаах буолаҥҥыт тутууларгытын бэйэҕит тутаҕыт, дьиҥ сахалыы дьаһанан олорор аныгы дьон буоллаххыт. Бу барыта үлэнэн иитии-үөрэтии үтүөтүн чаҕылхай туоһута буоллаҕа…
Сүрүн үлэни, дьиэтээҕи түбүгү кытта уопсастыбаннай олоххо куруутун бааргыт. Субуотунньук буоллун, тыйаатыр, кэнсиэр, ыһыах… Хайдах барытын тэҥҥэ алтыһыннараҕыт?
– Ол эмиэ дьоммутуттан, төрөппүттэрбититтэн буоллаҕа буолуо. Урут сопхуос тыыллан-хабыллан, олох күөстүү оргуйар кэмигэр бэстибээллэрэ диэн, ГТО-ҕа тиийэ туттараллара. Ордук аҕам көхтөөх этэ.
— Саха дьоно былыр былыргыттан аймах-билэ дьон диэн өйдөбүлү ураты сылаастык, чугастык ылыналлар. Оннук сыһыаны мин эһиги таай убайгыт, Хатас орто оскуолатын уһун сылларга салайбыт, үөрэхтээһин систиэмэтин Араассыыйа да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах араас ааттар- суоллар, наҕараадалар хаһаайыннара Жирков Руслан Иннокентьевичка көрөбүн. Манна туох диэн санаалааххын?
— Олох оруобуна уот харахха эттиҥ. Руслан Иннокентьевич ийэбитинэн убайбыт кэргэнинээн Зинаида Гаврильевналыын үгүс сылларга оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ ситиһиилээхтик, тахсыылаахтык, үтүө, үрдүк түмүктэрдээхтик үлэлээбиттэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн кинилэр кыһамньыларын, сылаас сыһыаннарын кыра эрдэхпититтэн билэ улааппыппыт, билигин даҕаны сүрүн боппуруостар кинилэрэ суох быһаарыллыбаттар. Хардатын биһиги да, оҕолорбут да улаатан, киһи-хара буолан баран кинилэргэ махталбытын, сүгүрүүйүбүтүн биллэрэн, тыа ыалын төгүрүк сылга бараммат түбүктээх үлэтигэр-хамнаһыгар тиэхиньикэнэн даҕаны, бэйэбит да көмөлөһөргө кыһаллабыт.
-Түмүкпэр ытыктыыр, таптыыр Александра Иннокентьевнабар үтүөнү-кэрэни, доруобуйаны баҕарыам этэ. Этэргэ дылы, олоҥхолоох олоххо олорсон, удьуор утумун быстыбат ситимин саламанан киэргэтэн, сайаҕас санааҕынан далаһаланан, эйэҕэс санааҕынан эрдинэн аны да кэмҥэ этэҥҥэ буол.
Наталья РУФОВА
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…