Сахалыы тыыннаах «Арчы Дьиэтэ» 20 сылын бэлиэтээтэ
«Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ быйыл тэриллибитэ 20 сыла. Соторутааҕыта «Айымньылаах аартыгы сэгэтэн» үбүлүөйдээх тэрээһин буолла. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ араас кэмҥэ үлэлээбит биир идэлээхтэрэ, киин иһинэн үлэлиир түмсүүлэр, холбоһуктар уонна биир эйгэлээхтэр муһуннулар.
Тыйаатыр таҥас ыйыыр сиртэн саҕаланарын курдук, «Арчы Дьиэтигэр» бырааһынньык таһырдьаттан саҕаланна. Сахалыы тыыннаах биир бастыҥ дьиэбит таһа бүгүн эмиэ сахалыы киэргэммит: саламалар ыйаммыттар, түптэ унаар буруота куккун-сүргүн уһугуннарар. Киирэр ыалдьыттары сахалыы таҥастаах кэрэ аҥаардар алгыс тылларынан үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Кэлбит ыалдьыттар салгыы «Алгыс» саалаҕа киирэн, Алгысчыт үтүө алгыһын иҥэринэн, сахалыы сиэринэн, алаадьынан, кымыһынан күндүлэтэн баран, «Эйгэ» саалаҕа киирэн, дьэ, налыччы олорунан кэбистилэр. Манна «Арчы Дьиэтин» айар түмсүүлэрин, холбоһуктарын «Кэрэни кэрэхсээн» диэн эҕэрдэ кэнсиэрдэрэ саҕаланна. Ыалдьыттар тэрээһин устата «Арчы дьиэтэ -20» диэн ролигы көрө олороллорун курдук, икки улахан тэлэбиисэр ыйаммыт.
Үөрүүлээх тэрээһини «Арчы Дьиэтин» уус-уран салайааччыта Любовь Константинова-Кыталы Куо уонна исписэлиис Петр Кычкин мааны куоластарынан иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Бу күн саха норуотун уус-уран айымньыта сайдарыгар киллэрбит кылааттарын, «Арчы Дьиэтигэр» бэриниилээх үлэлэрин иһин СӨ бырабыыталыстыбатыттан уонна Судаарыстыбаннай Мунньаҕыттан, СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтиттэн, Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетыттан, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай киинтэн, араас министиэристибэлэртэн, биэдэмэстибэлэртэн, улуустар дьаһалталарыттан наҕараадалары, Махтал суруктары, Добун суруктары, «Туймаада Ыһыаҕа» көмүс бэлиэни уо.д.а. туттулар.
Үбүлүөйдээх тэрээһин саха омук саамай тэнийбит, дьону түмэр бастыҥ үҥкүүтүнэн – күн эргиирэ оһуокайынан түмүктэннэ.
* * *
Анна Владимировна Каженкина, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу:
— Бүгүн Духуобунай култуурабыт дьиэтигэр тобус толору киһи муһунна. Кинилэр бары – «Арчы Дьиэтигэр» сылдьар түмсүүлэр. Хас биирдии улуус маннык Арчы дьиэлээхтэрэ кэрэхсэбиллээх. «Арчыбыт Дьиэтэ» инникитин да өссө сайда-үүнэ туруоҕа: сахабыт норуотун ускуустубата, фольклора, үгэстэрэ хас биирдии киһи сүрэҕэр дириҥник киириэхтээх.
Манна араас көлүөнэ мустар, чуолаан элбэх ыччат сылдьар буолан эрэрин көрөн үөрэбит…
Ньургуйаана Егоровна Ушницкая, Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрин солбуйааччы:
— Биһиги «Арчыбыт Дьиэтэ» биир тумус туттар бастыҥ тэрилтэбитинэн, уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинин 16 салаатыттан биир бастыҥнарынан буолар. «Арчы Дьиэтэ» элбэх киһини түмэр, дьоҕурдарын сайыннарар, ол да иһин, кинилэртэн хас биирдиилэрэ манна кытта сылдьар.
«Арчы Дьиэтигэр» сыллата 500-тэн тахса киһи сылдьар. Бу – биһиги баҕа санаабытын олоххо киэҥник киллэрэр, төрүт култуурабытын, тылбытын-өспүтүн байытар, эдэр ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар баар суох бастыҥ дьиэбит буоларын өссө төгүл бэлиэтиирбин көҥүллээҥ.
Салайааччы киһи буоларым быһыытынан, үлэбэр ордук күндү миссиянан манна сылдьар дьон талааннарыгар сүгүрүйүү, кинилэргэ махтал тылларын этии буолар.
Мин олус сүгүрүйэбин: эһиги кэрэ куоласкытыгар, үҥкүүтүгэр, доруобуйаны тупсарар, чөл оҥорор бөлөхтөргө, «Оһуохай» түмсүү актыбыыстарыгар, салайааччыларыгар, кыттааччыларыгар уо.д.а. Биһиги өрөгөйдүүр кэмнэрбит өссө үүнүөхтэрэ. Билигин 20 сыл тухары хайдахтаах курдук кирбиигэ тахсан турабытый? Аан дойдутааҕы бэстибээллэргэ биһиги ансаамбылларбыт тиийэннэр, Кылаан бирииһи ылан, лауреат буолан кэлэллэр. Биһиги киэн туттуубутунан буолаллар – Дьокуускай куоракка баар-суох икки норуодунай кэлэктииппит — «Арчы» хора уонна «Далбар» ырыа ансаамбыла. Эһиги өссө даҕаны чэгиэн чэбдик санааҕытынан, ыраас ылбаҕай майгыгытынан «Арчы дьиэтин» киэргэтэ, тупсара туруҥ, кэлиҥ, оҕолоргутун, сиэннэргитин аҕалыҥ, сырытыннарыҥ. Оччоҕо биһиги саха норуота өссө байыахпыт, тупсуохпут. Биһиги баайбыт – тылбыт, ырыабыт-тойукпут, үҥкүүбүт-битиибит.
Надежда Семеновна Толбонова, «Арчы Дьиэтин» бастакы дириэктэрэ:
— Тапталлаах «Арчым Дьиэтин» кэлэктиибэ, мустубут ыалдьыттар, хаан-уруу курдук саныыр дьоммун барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Чахчы даҕаны, 20 сыл анараа өттүгэр куораппыт килбэйэр киинигэр саха төрүт култууратын, фольклорун, үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, өйүн-санаатын тарҕатар сахалыы тыыннаах дьиэбит аһыллыбыта. Бу дьиэбитин, тоҕо эрэ, «национальнай» диэбэтэхпит, «Духуобунай» диэн доргуччу ааттаабыппыт. Тоҕо диэтэххэ, саха култуурата киһини киһи гынар, тулалыыр эйгэҕэ үтүө сыһыаны түстүүр. Бу сыллар тухары бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн, сомоҕолоһон, ыарахан да кэмҥэ үчүгэй олоххо тардыһан, киһини киһи оҥорор духуобунай сыалбыт-сорукпутун тутуһан үлэлээбиппит.
Култуура дьиэлэригэр дьон-сэргэ барыта үөрэ-көтө киирэр. Оттон, аһаҕастык эттэххэ, «Арчы Дьиэтигэр» киирэллэрин кэтэмэҕэйдиир, «Тоҕо былыргыны түөрэҕит, былыргы туохха нааданый, билигин биһиги ХХI үйэҕэ олоробут» диэн толкуйдааччылар бааллара. Дьиҥэр, саха култууратын көрдөрөр дьиҥнээх дириҥ ис хоһоонноох култуурабыт дьиэтэ аҕыйах. Бу дьиэ наадалааҕын уонна баар буолуохтааҕын турууласпыт, онно үлэлэспит хас биирдии киһиэхэ махтанабын!
Лариса Константиновна Андреева, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура дьиэтин салайааччыта:
— Бу 20 сыл устатын тухары үлэлээн-хамсаан кэлбит дьоҥҥо дириҥ ытыктабылбын, убаастаабылбын тириэрдэбин.
Быйыл «Арчы Дьиэтин» 20 сылынан хас да буклеттары, брошюралары, кинигэлэри оҥордубут. Ол иһигэр, Дьокуускайга быйыл ыытыллыбыт Эдэр ыччат оһуохайыгар (Антонина Саввична Алексеева көҕүлээһининэн) аналлаах каталогы, «Күн алаадьыта» тэрээһиҥҥэ брошюраны, «Мааны далбардарга» хаартыскалардаах аккырыыккалары, ыйдарынан сиэргэ-туомҥа алта кыра брошюраны уо.д.а. таһааран дьоммутун үөрдэрбитинэн дьоллоохпут.
«Арчы дьиэтэ» 20 сылын бэлиэтиирин кэрэһилээн, балаҕан ыйыгар 20 саастарын туолбут, 20 сыл бииргэ олорбут дьоммутугар алгыстаах алгыстары ыыппыппыт», – диэн үбүлүөйдээх тэрээһиннэртэн кылгастык билиһиннэрдэ.
Ааспыты сэгэтэн аастахха…
2002 сыллаахха, Дьокуускай куораппыт 370 сылыгар, балаҕан ыйыгар сахалыы эйгэлээх – «Арчы Дьиэтэ» алгыстаах аартыгынан аанын арыйан үлэтин саҕалаабыта. Саха норуотун үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, олоххо көрүүлэрин, итэҕэлин, норуот айымньытын араас хайысхатын үөрэтэр-чинчийэр, сырдатар, тарҕатар сыаллаах-соруктаах күүрээннээх үлэ саҕаламмыта.
Бу үтүө үбүлүөйдээх күҥҥэ барҕа махтал тыллара ананнылар: оччотооҕу Дьокуускай куорат баһылыга Илья Филиппович Михальчукка, куорат култуураҕа управлениетын салайааччыта Антонида Николаевна Корякинаҕа, «Арчы Дьиэтин» бастакы дириэктэрэ Надежда Семеновна Толбоноваҕа, Валентина Ивановна Бочонинаҕа, күн бүгүҥҥэ диэри сүбэлээн-амалаан үлэлэһэ сылдьар учуонайдарга, консультативнай сүбэ чилиэннэригэр Ульяна Алексеевна Винокуроваҕа, Розалия Иннокентьевна Бравинаҕа, Анатолий Игнатьевич Гоголевка, Екатерина Назаровна Романоваҕа, Василий Васильевич Илларионовка, Аар алгысчыт Афанасий Семенович Федоровка, Вильям Федорович Яковлевка, Галина Гаврильевна Федороваҕа, Иван Герасимович Васильевка уонна бары үлэлээбит, үлэлэспит дьоҥҥо.
Баай ис хоһоонноох, араас хайысхалаах, култуура эйгэтигэр саҥалыы тыыннаах тэрилтэ бүгүҥҥү күҥҥэ айар үлэтигэр суолталаах ситиһиилэрдээх, Дьокуускай куорат култууратын бастыҥ тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ буолар. Алгыс, арчы, сиэр-туом култуурата сайдарыгар, араас тэрээһиннэри ыытан, норуот биһирэбилин ылыан ылла.
Бу күн «Арчы дьиэтин» иһинэн үлэлиир бөлөхтөр бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр:
Ырыа ансаамбыллара: «Өрөгөй», «Арчы» норуодунай хор, «Чараҥ», «Далбар», уо.д.а.
Фольклор бөлөхтөрө: «Күн дьоно», «Алаһа», «Саһарҕа» уо.д.а.
Үҥкүү бөлөхтөрө: «Түһүлгэ», «Алаас кыргыттара», «Сандаар», «Күн ситимэ», «Көмүс саастар» уо.д.а.
«Чэгиэн» хомусчуттар бөлөхтөрө, «Мааны Мандар» иис түмсүүтэ, «Эрэл» доруобуйаны бөҕөргөтүү кулууба, «Сайдыы» ис куту сааһылыыр бөлөх уо.д.а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: