Сахалыы тыыннаах Саха гимназиятыгар

Сахалыы тыыннаах Саха гимназиятыгар

27.10.2023, 14:00
Анивера Акимова хаартыската
Бөлөххө киир:

Бу сылга өрөспүүбүлүкэҕэ «Үөрэҕирии ситимнэрин саҥардыы» федеральнай бырагыраама иитинэн, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бырайыагынан 37 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Олор истэригэр Дьокуускайдааҕы Саха гимназията саҥардыллан, өрөмүөннэнэн, бу күннэргэ үөрэх кыһатыгар ыалдьыттаатыбыт.

Өрөмүөн кэмигэр үөрэх тохтооботоҕо

Гимназия Петр Алексеев уулуссатыгар баар уруккута Педагогическай кэллиэс дьиэтигэр 2010 сыллаахха көһөн кэлбитэ. Оскуола үс мэндиэмэннээх, спортивнай, аактабай саалалардаах, остолобуойдаах, бибилэтиэкэлээх, оннооҕор дьоҕус түмэллээх. Өрөмүөн кэннэ дьиэ тупсан, олох саҥатыгар түспүт.

Бу дьиэ 1978 сыллааҕы тутуу буолан, лаппа эргэрэн, эбиитин оскуолаҕа анаан тутуллубатах буолан, сорох хостор элбэх оҕо үөрэнэригэр табыгаһа суохтара. Онон, тутуу бырайыагын хаста даҕаны уларыппыппыт диэн гимназия дириэктэрэ Валентина Софронеева кэпсии тоһуйда. Үөрэх кыһата бу дьиэҕэ көһөн баран, номнуо иккис улахан өрөмүөнүн ыытта.

— Дойду үрдүнэн 2022 сыллаахха улахан бырайыак саҕаламмыта. Онно хабыллыбыт оскуолалар үлэлэрин-хамнастарын көрө сылдьан сүрдээҕин үөрбүппүт. Онтон бэйэбит дьэ «Үөрэҕирии ситимнэрин саҥардыы» бырайыакка хабыллан, олус үөрэн-көтөн, долгуйан туран өрөмүөн үлэтин бу саас саҕалаабыппыт. Саҥардыы үлэтигэр уопсайа 117 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Сакаасчыт быһыытынан “Главстрой” тэрилтэ үлэлэстэ. Өрөмүөн үлэтин Иван Барашков диэн генеральнай дириэктэрдээх “Вертикаль” ХЭУо муус устартан саҕалаан ыыппыта, — диэн Валентина Васильевна бырайыакка хабыллан, өрөмүөн үлэтин хайдах саҕалаабыттарын туһунан кэпсээтэ.

Хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар буолан, оҕолор, учууталлар гимназияларыттан бары тутуспутунан көһөн тахсыбыттара. Икки куорпустаах буолан, оҕолор үөрэхтэригэр улаханнык ыктарбатахтара. Эксээмэннээх 9, 11 кылаастар олоччу иккис куорпуска, онтон алын сүһүөх кылаастар бүтүннүү Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа тахсан үөрэммиттэрэ. Былырыын национальнай гимназияҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытылларыгар, Саха гимназията иккис куорпуһун кинилэргэ туран биэрбитэ. Бу курдук саха оскуолалара бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, көмөлөсүһэн олороллор.

Үктэлигэр тиийэ уларыйда

Өрөмүөн оскуола ис өттүгэр ыытыллыбытын таһынан, киирии ааҥҥа үктэл оҥорторон, биир кыһалҕалара олоччу быһаарыллыбыт. “Сарайтан хаар хаһан, хайдах түһэрин кэтээн кулун тутартан саҕалаан, арыт киһи сатаан утуйар-утуйбат да күннэрдээх буолааччы”, — диэн Валентина Васильевна хас да сыллаах кыһалҕаларын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, бу сааска диэри уонунан сыллар тухары эр дьон учууталлар төрөппүттэри кытта сарайтан түспүт хаары тута ыраастаан кэллилэр. Билигин дьэ баҕа санаалара туолан, кырыыһалаах бэртээхэй үктэл оҥорторон, этэргэ дылы, киһи олох куттала суох дьиэҕэ киирэр буолбут. Маны таһынан ирдэбилгэ толору эппиэттиир пандустаммыттар.

Ити биирэ. Аны бырайыак быһыытынан, оскуола тэрилинэн, ол иһигэр миэбэлинэн 100 бырыһыан хааччыллыбыттар. Остуолтан, устуултан саҕалаан көмпүүтэригэр, остолобуой тиэхиньикэтигэр тиийэ.

— Тэрилтэлэри кытары үлэлэһэммит, биһиги дьиэбит иһин эрэ тупсаҕай оҥорбокко, киирэр аантан, олбуортан саҕалаан тупсарыы үлэтин ыыттыбыт. Дьокуускай куорат Киин уокуругун кытары үлэлэһэн Лермонтов уулуссатыттан тротуар оҥортордубут. Онон, оҕолор оптуобус тохтобулуттан ыраастык хааман кэлэр буоллулар. Аны бэйэбит үлэһиттэрбит турба түһэрэн, суолга туран хаалбыт ууну түһэрэн ыыттыбыт. СЭГХ тэрилтэ хайыр тааһынан (щебень) көмөлөһөн оскуолаҕа киирэр суол быдан тубуста,  — диэн дириэктэр өрөмүөн үлэтин туһунан кэпсиир.

Кырдьык, оскуолаҕа өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта тута уулуссаттан харахха быраҕыллар. Суоллара-иистэрэ тупсубутун ааһан, өссө оскуоланы бүтэрээччилэр аллеялара баар буолбут. Бу аллеяны Афанасий Иннокентьев диэн төрөппүт учууталлары, төрөппүттэри уонна оҕолору түмэн, аҕыйах күн иһигэр билиитэлэри уурталаан оҥорбуттар.

Көхтөөх төрөппүттэр көмөлөрө

Гимназияҕа өрөмүөн кэмигэр төрөппүттэр кыттыыны ылан, үлэ саҕаланыаҕыттан барытын хонтуруоллаан, аны миэбэли, малы-салы бэйэлэрин дьиэлэринэн тарҕатан көмөлөспүттэр.

Үөрэх кыһатын салалтатын үлэтигэр-хамнаһыгар төһүү күүс буолар төрөппүттэрдээхтэр, ол иһигэр Александр Борисович Иванов, Альберт Александрович Иванов, Алексей Георгиевич Жирков, Яков Тимофеевич Оконешников. Бу төрөппүттэр биир эрэ сыл буолбакка, уонунан сыллар усталарыгар үлэлэһэллэр, куруук көмө-тирэх буолаллар. Быйыл Саха гимназиятыгар Аҕа сыла биллэриллэн, сыл устата былааннаах уонна  былааҥҥа киирбэтэх да тэрээһиннэр ыытыллыбыттар.

Оскуолаҕа анал сылы биллэрэр буолбуттара сэттис сылыгар барбыт. Бу иннинээҕи сылларга Төрүччү, Төрөппүт көҕүлээһинин уонна да атын сыллары биллэрэн, араас тэрээһиннэри ыыппыттар. Быйыл Аҕа сылын түмүгүн ахсынньы 1 күнүгэр таһаарыахтаахтар.

— Николай Константинович Чиряевы бүгүн хайаан да ахтан ааһыахтаахпыт дии саныыбын. Кини 90‑с сылларга бастакы сахалыы оскуоланы тэрийбитэ. Ол кэнниттэн биһигини иккис оскуола быһыытынан бэйэтигэр филиал гынан тэрийбитэ. Кэлин Айыы кыһата уонна Сэргэлээх оскуолалара аһыллыбыттара. Саха оскуолалара атахтарыгар турууларыгар уонна кинилэр аһыллалларыгар саамай сүрүн тирэх буолбут, уһулуччу оруоллаах киһибит — Николай Константинович. Кини аҕата этнопедагог Константин Спиридонович Чиряев Ороһуга норуот педагогикатын түмэлин төрүттээбитэ. Маннык түмэл өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, аан дойдуга соҕотох буоллаҕына, биһиги оскуолабытыгар “Иитии кыһата” диэн түмэллээхпит. Ол аата, оҕо төрөппүтүн кытары тэҥҥэ сайдар, төрөппүт оҕотун кытары тэҥҥэ алтыһар түһүлгэлэрин элбэхтик тэрийиэххэ наада, — диэн Валентина Васильевна кэпсээнин түмүктээтэ.

Бу курдук, Саха гимназията “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бырайыагынан хапытаалынай өрөмүөннэнэн, үөрэнээччилэр, учууталлар сырдык, саҥалыы тупсаҕай оҥоһуулаах оскуолаҕа үөрэнэр, үлэлиир кыахтаннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: