Сахалыы тыыннаах тирии суумка
Баҕа санааны олоххо киллэрии чаҕылхай холобурун мин бүгүҥҥү сэһэргэһээччим сатабыллаах дьарыгын кытта билсэн баран, хайаан да билиһиннэрэргэ сананным.
Ааспыт 2024 сылга тирииттэн тигии маастарыстыбатын муҥутурдуу баһылаабытын туоһутунан кини сахалыы тыыннаах тирии суумката 100 000 солк. граны ылар кыаҕы ситиспитэ буолар.
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Светлана Семенова-Лана Стерх.
– Светлана Николаевна, эйигин бүгүн сахалыы тыыннаах тирии суумкаҥ “Саха сирэ” хаһыат “Сатабыл” рубрикатыгар сирдээн аҕалла. Хантан билэн граннаах бырайыакка кыттыбыккыный?
– Ааспыт сылга кулун тутарга “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа тирии суумкалары тигэн туруорбутум уонна “Сувенир” номинацияҕа 3-с миэстэ буолбутум. Тирииттэн тигии суох буолан, итинник көрүҥҥэ киллэрбиттэрэ. Онтон бэс ыйыгар Горнай Бэрдьигэстээҕэр аатырбыт модельер Августина Филиппова “Оһуор ойуу тойуга” куонкуруһугар “Стилизованнай суумкалар” номинацияҕа 1-кы миэстэҕэ тиксибитим. Ол кэнниттэн сайдар суолу батыһар санаам күүһүрбүтэ. Бу быыстапкаттан кынат анньыммыт буолан, социальнай ситимнэргэ “Якутия мастеровая” диэн тыллардаах биллэриини көрөн, тута сэргээбитим. Түөрт күн устата үөрэх бырагырааматын кыттыылаахтара биисинэс сүрүн төрүттэрин кытта билсибиппит, ситиһиилээх урбаанньыттары уонна исписэлиистэри кытта көрсөн, туһалаах сүбэлэри ылбыппыт. Үөрэх бырайыагын сүрүн түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлбит кыттааччылар бэлэмнээбит биисинэс-бырайыактарбытын эспиэр хамыыһыйатын иннигэр көмүскээн, 100 000 солк. суумалаах граҥҥа тиксиэхтээх этибит.
Ирдэбиллээх эспиэрдэр
– Дьэ, бу бэйэ бырайыагын көмүскээһинтэн саҕаламмыта дии, тирии суумка бэйэтин хаһаайыныгар 100 тыһ. солк. “тэбэн” биэриитэ. Мин оруобуна эспиэрдэр иннилэригэр эн бырайыаккын көмүскүүр кэмҥэр киирэн кэлбитим уонна… үлэҕин тута сөбүлээбитим, “грант хаһаайына бу кини эбит…” дии санаабытым.
– Мин долгуйуу бөҕө этим. Ирдэбил быһыытынан экраҥҥа бэлэмнээбит сурукпун-бичикпин көрдөрө-көрдөрө кэпсиэхтээҕим. Онтон эспиэрдэр суумкаларбын кэрэхсээбит харахтарын көрөөт, тирии суумканы тигэрбэр тоҕо 100 тыһ. солк. миэхэ олус наадатын бэйэм тылбынан быһааран биэрбитим. Олох эксээмэн курдук этэ – эспиэрдэр олус ирдэбиллээхтэрэ. Тириинэн үлэлиир үөрүйэхтээх буолан, тэриллэрбэр тиийэ быһаарбытым. 100 тыһ. солк. граны ылыан сөптөөх бырайыактаах дьон үгүстэр этэ. Онон дьүүллүүр сүбэ миэхэ эрэммитигэр истиҥник махтанабын.
Туос иһиттэн саҕыллыбыт толкуй
– Тирииттэн тигиини хайдах саҕалаабыккыный?
– Өргө диэри тугу оҥорорбун, туохха ылсарбын билбэккэ сылдьыбытым. Санкт-Петербурга күүлэйдии тиийэ сылдьан, интэриниэттэн көрөн, тириини илиинэн тигэр мастарыскыайдаах ыалы булбутум. Онно кэпсэтиһэн, харчы төлөөн, уон күн үөрэммитим. Онтон бэйэбэр тириини тигэр массыына ылынан, ол-бу кыра тирии оҥоһуктары тигэн көрбүтүм. Бу тухары тугу эрэ – “бэйэм киэнин” көрдүүр курдугум. 2020 сыллаахха дьүөгэбэр ыалдьыттыы сылдьан, туос иһити көрөн баран, “хата, тирииттэн маннык оҥоһуктары оҥоруохха баар эбит” диэн толкуй түспүтэ. Ол кэмҥэ сыстыганнаах дьаҥ саҕаламмыта. Мин дьиэбэр олорон үлэлээ да үлэлээ. Биир ыйы быһа сарсыарда алта чаастан киэһэ алтаҕа диэри олорон, ол “туос суумкабын” айбытым.
Саха сиэрин тутуһуу
– Эн өбүгэ саҕаттан кэлбит саха тигиитинэн дьарыктанаҕын. Оҥоһугуҥ барыта сахалыы тыыннаах. Онуоха саха сиэринэн алгыс ылбытыҥ дуо?
– Кырдьык, кэлин толкуйдаан көрдөхпүнэ, тирииттэн иистэнии – өбүгэ саҕаттан кэлбит былыргы дьарык буоллаҕа. Ылбычча киһи ылсыбат дьыалата. Икки сыллааҕыта иистэнэ олорон, тыҥырахпын иннэнэн аспытым. Сылааһыгар аахайбатаҕым. Ол бааһым ириҥэрэн, икки сылы быһа эрэйдээбитэ. Араас балыыһанан эмтэтэ сатаабытым, тыҥырахпын кытта ыла сылдьыбыттара. Инньэ гынан 2022-2023 сылларга үлэлээбэтэҕим. Ааһыа суоҕуттан, саха эмчиттэринэн сылдьыбытым. Оннук духуобунаска кэлбитим. Өбүгэ саҕаттан баар дьыалаҕа ылсар киһи (мас, тимир ууһа, иистэнньэҥ) духуобунаһы ыкса иҥэриммит киһи буолуохтааҕа чахчы эбит. Урут бу дьарыкпын бэйэм баҕа санаабын олоххо киллэрии курдук ылынар эбит буоллахпына, билигин итэҕэлгэ чугаһаан, өбүгэм төрүт үгэһин үлэлэрим нөҥүө тарҕатан эрэбин. Тириинэн иистэниибин, сахалыы тыыннаах оҥоһуктары тарҕатыыга үөһэттэн айыыларым эрдэттэн суолбун ыйан, бэлэмнээбиттэрин курдук ылынабын. Өрүү уратыны айарга дьулуһабын, көрдүүбүн.
Айар аат кынаттыыр
– Тоҕо айар ааккын “Стерх” диэн нууччалыы ылынныҥ?
– Итиннэ улахан толкуй суоҕа эрээри, эмиэ мээнэҕэ буолбатах эбит. Удачнайга олорор эрдэпитинэ, “Стерх” диэн көмпүүтэрдээх кулуупка киирэн дьарыктанар этибит. Онно мин буостабын аһаары аат көрдөммүтүм. Улаханнык толкуйдуу барбакка, кулууп аатынан судургутук суруллар диэн “Стерх” диэни ылыммытым. Кэлин билбитим, кыталык олус сырдык эйгэни түстүүр, айар үлэҕэ угуйар көтөр эбит. Ити аатым, оҥоһуктарбын өрөспүүбүлүкэ таһыгар батарарга кытта көмөлөһөн эрэр. Ол курдук, социальнай ситимтэн көрөн, билигин араас сиртэн сакаастыыллар. Холобура, Татарстаантан уонна Кабардино-Балкария Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыттан Нальчиктан сакаастаабыттара.
Көҥүл тыын
– Эн курдук дууһаларыгар иитиэхтии сылдьар санааларын олоххо киллэриэн баҕалаах дьоҥҥо баҕа санааҥ.
– Бастаан, биллэн турар, баҕа наада. Мин тирииттэн ону-маны тигиэхпин наһаа баҕарар этим. Ол баҕа санаабын олоххо киллэриэхпиттэн ыла араас толкуй бэйэтинэн киирэн иһэр. Кэлин сакаастаан эрэллэр да, дьон “маннык гынаар, оннук эбээр” дииллэрин сөбүлээбэт курдукпун. Көҥүл тыыннаах айар куттаахпын, онон хайдах эрэ ыйыыны-кэрдиини ылыммат эбиппин. Барыта илиинэн үлэ буолан, бэйэм айарбын, толкуйдуурбун ордоробун.
…Светлана Семенова-Лана Стерх дьиэтигэр дьоҕус мастарыскыайдаах. Онно тириини тигэр тэриллэри ылан, быйылгыттан оҥоһуктарын элбэтэр былааннаах. Онон быйыл саас кулун тутарга “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа саҥа кэрэхсэнэр үлэлэринэн сөхтөрүөҕэ диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: