“Сахам тыла барахсан!”
Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэстэрин үөрүүлээх аһыллыытыгар Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар “Сахам тыла барахсан!” диэн кинигэ быыстапката үлэлээбитин дэлэгээттэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар олус сэргии көрдүлэр.
Манна уопсайа 166 үөрэх кинигэтэ көрдөрүүгэ туруоруллубут. Бу үөрэх кинигэлэринэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тылын, литературатын үөрэтии устуоруйата бүтүннүү кэриэтэ кэпсэммитэ кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, холобур, биллиилээх лингвист-учуонай Семен Новгородов аан бастаан 1917 сыллаахха күн сирин көрбүт букубаарын хос таһаарыллыытыттан, саха норуодунай суруйааччыта Суорун Омоллоон 1930 сыллаахха бэлэмнээн таһаарбыт үөрэҕин кинигэтиттэн саҕалаан, билиҥҥи кэмнэрдээх учуобунньуктар, босуобуйалар үгүстэрэ көрдөрүллүбүттэр. Ол туһунан сийиэс кыттыылаахтарыгар быыстапканы тэрийээччилэр — СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Кыраайы үөрэтэр национальнай кинигэ салаатын сэбиэдиссэйэ Лариса Кычкина, сүрүннүүр үлэһиттэр Виктория Ильина уонна Розалия Заровняева билиһиннэрдилэр.
Бу маннык киэҥ суолталаах быыстапкалары тэрийии – Национальнай бибилэтиэкэ кэлэктиибин урут уруккуттан салҕанан бара турар үтүө үгэһэ.
Т.Маркова хаартыскаҕа түһэриилэригэр: Быыстапкаҕа. Сийиэс ыалдьыта – бэтэрээн-учуутал, төрүт омугун тылын ыччаттарга пропагандалыыр, саха тылын баайын-сүмэтин, саха литературатын устуоруйатын сканворд нөҥүө арыйан тарҕатааччы, публицист, хоһоонньут, Дьааҥыттан төрүттээх Розалия Васильевна Аммосова-Айаана.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: