“Сахамедиа” Анкараҕа быыстапка туруорда
Турцияҕа Анкара куоракка Саха тылын уонна суругун-бичигин күнүн чэрчитинэн “Россотрудничество” Турциятааҕы бэрэстэбиитэлистибэтигэр “Сахамедиа” холдинг быыстапка туруорда.
“Бу быыстапка Саха сирин култууратын, үгэһин, искусствотын киэҥ араҥаҕа билсиһиннэриэҕэ диэн эрэнэбин. Анкараҕа “Россотрудничество” бэрэстэбиитэлистибэтигэр быыстапкабыт турара ураты суолталаах”, — диэн иһитиннэрэр “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов бэйэтин эҕэрдэ суругар.
Быыстапкаҕа “СИА” фотографтарын Мария Васильева, Андрей Сорокин хаартыскалара көрдөрүүгэ турдулар. Манна Саха сирин айылҕатын таһынан ыһыах, Дьокуускай куорат, улуустар олохторуттан, “Тыгын Дархан” киинэни устуу түгэннэриттэн хаартыскалар көрдөрүлүннүлэр. “Быыстапканы олус сэҥээрэн көрдүм. Бэйэм университекка саха тылын үөрэтэ, чинчийэ сылдьабын. Куйаар ситимин нөҥүө Саха сирин көрө, билэ олоробун. Ол эрээри бу хаартыскалары көрөн баран Саха сиригэр барыах санаам өссө күүһүрдэ”, — диэн этэр Анкара университетын аспирана Хулиа Челиктенйылдыз.
Турцияҕа Арассыыйа култууратын киинин салайааччыта Александр Сотниченко иһитиннэрэринэн, быыстапка кулун тутар ыйы быһа туруоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: