Аныгы сыыппара технологията, интэриниэт аан дойдуну сабардаабыт сайдыы үйэтигэр сибээс, сонуннары киэҥник тарҕатыы эйгэлэригэр балысхан сайдыы барда. Киһи аймах өйүн-санаатын, оло укулаатын уларытан, байытан, саҥаттан-саҥа сайдыы үктэллэригэр дьулурҕатык инники угуйар.
Билиҥҥи кырдьаҕас көлүөнэ дьон ыһыырынньык, кыраһыын лаампата имик-самык сырдатар хараҥа олохпутуттан аныгы сайдыылаах, дьиэбит иһиттэн тахсыбакка аан дойдуну кытта тилэри, эргиччи сибээстэһэ олорор олохпутугар диэри үйэни чугаһатар кэм-кэрдии ааста.
Инньэ 50-с сылларга чуурканан оттуллар паровоз курдук сүүнэ локомобиль диэн кыыл уһун, кэтит эрэмиэнинэн электромотуор диэн ааттанар тэрили биллиргэччи-саллырҕаччы эрийэн, элэктириичэстибэ уотунан дэриэбинэбит дьиэлэри, уулуссалары сандаарыйа түспүтэ. Күөстэнэр миискэ хаппаҕын курдук хара тэллэгэр иһигэр дьон саҥатын, муусука дуораанын муодаргыы истэрбит.
Кэскиллээх былааннарбытын, күннээҕи олохпутун дьаһанарбытыгар хаһыат, бэчээт оруола, үөрэтэр, түмэр, көҕүлүүр суолтата сөҕүмэрэ. Аны 20 сылынан хомуньууһумҥа олоруохпут диэн бигэ эрэллээх үөрэнэрбит, үлэлиирбит-хамсыырбыт. 60-c сыллартан хаһыаты, араадьыйаны сэргэ тэлэбиисэри көрөр буолбуппут. Уодаһыннаах 90-с сыллартан көмпүүтэр, интэриниэт, суотабай сибээс үйэтэ саҕаланан кэллэҕэ.
Бэчээт, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ис хоһоонноро, суолталара уларыйда. Аныгы киһи медийнэй “духуобунай аһылыгын” норуокка тириэрдии тэрээһинэ, ньымата да биир оннук, XXI үйэ, кибер сайдыы ирдэбилинэн. Сэбиэскэй кэмнээҕи бартыыйынай, судаарыстыбаннай бэчээти сүрүннээбит баартыйа обкуомун издательствотын, демократия суолун тутуһуохпутуттан “Сахаполиграфиздат” хампаанньаны, кэлин Бэчээт департаменын утумнааччы быһыытынан тэриллибит “Сахамедиа” холдинг быйыл айымньылаах үлэтин лоп курдук 10 сылын бэлиэтиэҕэ.
Норуот уонна былаас быстыспат ситимнэрэ
“Сахамедиа” өрөспүүбүлүкэтээҕи информационнай-издательскай холдинг” аахсыйалаах уопсастыба – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сонуну тарҕатыы ырыынагар бөдөҥ хампаанньа. 2012 сыл сэтинньи 9 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана “Саха сирэ” (сахалыы тылынан), “Якутия” өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттар базаларыгар «Сахамедиа» холдины тэрийэр туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. 2013 сыл олунньутуттан холдинг кимиилээхтик үлэлээн барбыта.
Хампаанньа араас ис хоһоонноох үлэ толору тиһигин олоххо киллэрэр: тэрээһин, дизайн, рекламнай- тарҕатыы сулууспата. Онон бэйэтин конвергентнай мультимедийнай холдинг быһыытынан туруорар. Ыстаап-кыбартыырата Дьокуускай куоракка баар.
Холдинг састаабыгар киирэр “Бочуот Бэлиэтэ” уордьаннаах “Якутия” 1917 сыллаахтан таһаарыллар өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас хаһыата. Бастакы таһаарааччы эрэдээктэринэн биллиилээх бассабыык-өрөбөлүүссүйэньиэр Емельян Ярославскай буолар.
“Сахамедиа” сүрүн идиэйэтэ – бэлиитикэ, экэниэмикэ, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, успуорт, култуура итиэннэ уопсастыба олоҕун атын да эйгэлэрин тустарынан кырдьыктаах, чуолкай сонуннары, чахчылары киэҥник тарҕатыы. Холдинг сүрүн кыаҕа-уоҕа: “Якутия” хаһыат, “Саха сирэ” хаһыат, “СИА” сонуннары тарҕатар ааҕыныстыба, “Эдэр саас”, «Саха сирэ» (сахалыы), “Якутия-Daily” саайтар, “Сахамедиа” рекламалыыр-сонуннары тарҕатар портал, сыыппара бырагыраамынай-аппараатынай ситиминэн хааччыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин.
Хампаанньа устуоруйатыттан кылгастык
2014 сыл атырдьах ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын 860-р №-дээх “Сахамедиа” РИИХ ААУо устааптаах хапытаалын хаҥатар туһунан” Дьаһалыгар олоҕуран өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-киин холдинг састаабыгар киирбитэ.
2015 сыл бэс ыйыттан “Сахамедиа” холдинг интернет-ресурсаларыгар биэриини таһаарар кыахтаах аныгы тэриллээх, аппаратнай-студийнай комплекстаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин үлэтин саҕалаабыта.
2015 сыл атырдьах ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2012 сыл сэтинньи 9 күнүнээҕи 1702 №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сонуннары киэҥник тарҕатар судаарыстыбаннай сириэстибэлэрин сайыннарыы дьаһалларын туһунан” Ыйааҕар олоҕуран “Сахамедиа” холдинг састаабыгар “Саха Информационнай ааҕыныстыба” эрэдээксийэтэ (билигин – “YSIA.RU”) үлэтин саҕалаабыта.
2016 сыл сэтинньигэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы “Edersaas.ru” сахалыы сайт арыллыбыта.
2018 сыл ыам ыйыгар социальнай ситимнэри итиэннэ мессенджердэри кытта бииргэ үлэлэһэргэ Биир кэлим SMM-сулууспа тэриллибитэ.
2018 сыл бэс ыйыттан “Сахамедиа” холдинг бэчээттэнэр периодическай таһаарыылар төлөбүрдээх ырыынактарыгар төннүбүтэ: “Якутия”, “Саха сирэ” хаһыаттар 40 балаһа кээмэйдээх (нэдиэлэҕэ 1-дэ) тахсар уонна розницаҕа атыыланар буолбуттара.
2019 сыл от ыйыгар “Якутия” хаһыат электроннай таһаарыллыытын кэҥэтэр сыалтан “ЯкутияDaily” сайт тэриллибитэ.
Былырыын Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр (балаҕан ыйын 27 күнүгэр) сахалыы тылынан тахсар сетевой таһаарыыны өссө кэҥэтэр сыалтан «Саха сирэ» саайт аһыллан үлэлиирэ ситиһиллибитэ.
Ити курдук, “Сахамедиа” холдинг бигэ туруктаах олохпут отуора хамсаабатын туһугар норуот уонна былаас ыкса сибээстэрин бөҕөргөтүүгэ көнө сүрүннээхтик, эрэллээхтик, айымньылаахтык үлэлиир, үлэлиэҕэ даҕаны.
Эрэдээксийэлэр тустарынан кылгастык
СИА. Уһук Илин уокурукка маҥнайгы иһитиннэрэр ааҕыныстыба уонна Саха сиригэр сонуннары иһитиннэриигэ инники күөҥҥэ сылдьар. Былырыын ааҕыныстыбаны 22 мөлүйүөннэ көрбүттэр (просмотр), 25 тыһыынча кэриҥэ матырыйаал тахсан, нэһилиэнньэҕэ араас хабааннаах ураты сонуннары тиэрдибиттэр. Ааҕыныстыба сонуну эрэ тиэрдиинэн буолбакка, ураты бырайыактары үлэлэтэр. Ол курдук, «Саха ЯСИА» ( сахалыы тылынан тахсар), «Я — Дальний восток» (служба новостей ДВФО), «Афиша.ЯСИА» диэн ураты бырайыактардаах.
СИА 31-с сылын Саха сиригэр уонна дойду үрдүнэн нэһилиэнньэҕэ сойбот сонуннары тиэрдиигэ инники күөҥҥэ сылдьар. Ааҕыныстыба суруйууларынан уонна хаартыскаларынан сыл аайы «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ» диэн Саха сирин ураты сабыытыйаларын көрдөрөр кинигэ тахсар. «Медиалогия» систиэмэтин быһаарыытынан, СИА саха иһитиннэрэр сириэстибэлэрин таһаарыыларыгар ааҕыллыыга уонна кинилэр матырыйаалларын туһаныыга сэттис сылын инники күөҥҥэ сылдьар. СИА телеграм-ханаала уон бастыҥнар истэригэр сылдьар, 12 тыһыынча кэриҥэ киһи баар.
«Саха сирэ» уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хаһыат. 100 сыллаах устуоруйалаах уонна сахалыы сонуну тарҕатар бастакынан саайт тэриммит «Саха сирэ» хаһыат «Манчаары» уонна «Кыым» бастакы судаарыстыбаннай хаһыаттар утумнааччытынан буолар. Бу таһаарыы араас тиэмэни барытын сырдатар: социальнайтан спортивнайга тиийэ. Эрэдээксийэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ 15 киһи үлэлиир. Хаһыат нэдиэлэ аайы 40 балаһанан тахсар. 2016 сылтан хаһыаты таһынан edersaas.ru диэн саайт арыйан үлэлэтэллэр. Оттон былырыын, 2022 сыллаахха Судаарыстыбаннас күнүгэр эрэдээксийэ үлэһиттэрэ sakha-sire.ru диэн саҥа сахалыы саайты сүрэхтээбиттэрэ. Саҥа саайт номнуо нэһилиэнньэ билиниитин ылан, манна күннэтэ 10-20 тыһыынча ааҕааччы киирэр буолла. Саайтка официальнай иһитиннэриилэр эрэ буолбакка, олох араас хайысхатын таарыйар интэриэһинэй суруйуулар тахсаллар.
«Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэ бэтэрээннэрин кытта ситимин быспат. Итиэннэ араас тиэмэҕэ суруйар миэстэттэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэринэн баай.
Хаһыаппыт араас бырайыактартары таһаарыылаахтык үлэлэтэр. Ол курдук, «Сэмсэ санаа» мультимедийнэй интервью, «Сэдэх экспонаттар» өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын экспонаттарын сырдатар бырайыактардаахпыт.
Ааспыт сылга эрэдээксийэ үлэһиттэрэ Ийэ сылыгар анаан биэстэн элбэх оҕону төрөппүт ийэлэргэ ахтыы-кинигэни хомуйан таһаарбыттара. Маны сэргэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутугар анаан хоһооннордоох кинигэни бэчээттэппитэ.
«Якутия» уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хаһыат. 106 сыллааҕыта, 1917 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр бастакы нүөмэрэ «Социал-демократ» диэн аатынан бэчээттэммитэ. Ол кэмтэн ыла үгүс кэм ааста, ол эрээри биир уларыйбат: хаһыат суруналыыстара барытыгар инники күөҥҥэ сылдьаллар. Эрэдээксийэ байыаннай кэрэспэдьиэннэрэ бастакынан Донбааска тиийэн, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсүбүттэрэ. Миэстэттэн, госпиталлартан суруллубут, байыаннай дьайыыны баарынан сырдаппыт репортажтар ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылбыттара.
«Якутия» хаһыат кэлэктиибэ улахан хаһыат үтүө үгэстэрин кэспэт. Ол курдук, хаһыат нэдиэлэ аайы 40 балаһанан бэчээттэнэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан тарҕанар. Дьоҕус хамаандаҕа биир санаа тула түмсүбүт идэлэригэр бэриниилээх дьон күннэтэ айа-тута үлэлииллэр. Эрэдээксийэ бэчээт таһаарыытын таһынан «Якутия.Daily» саайты үлэлэтэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин
Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин 2015 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр аанын тэлэччи аспыта. Дэгиттэр мультимедийнай былаһаакка пресс-кэмпириэнсийэлэри, бэлиэ түгэннэри, онлайн-биэриилэри ыытарга федеральнай суолталаах медиа-эбийиэктэргэ туруоруллар тиэхиниичэскэй-функциональнай ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир. 2015 сылтан кииҥҥэ 1,5 тыһыынча кэриҥэ тэрээһин ыытылынна. Кэмпириэнсийэ-саалатыгар киэҥ иэннээх экран турар, манна ханнык баҕарар форматтаах видеоматырыйаал тахсар. Кииҥҥэ 20 миэстэҕэ диэри төгүрүк остуоллар, 70 киһи кыттыылаах араас хабааннаах пуорумнар ыытыллаллар.
Социальнай ситим
SMM сулууспата 2018 сылтан үлэлиир. Сулууспа үлэһиттэрэ ураты контены оҥорон, социальнай ситиминэн кимиилээхтик тарҕаталлар. Кинилэр сүрүн соруктарынан ураты контены, ураты иһиттэриилэри булан киэҥ эйгэ билиитигэр, көрүүтүгэр таһаарыы буолар. SMM сулууспатыгар түөрт исписэлиис үлэлиир. Сүрүн былаһааккалара — VK, «Одноклассники», Telegram.
Ааспыт сыллааҕы көрдөрүүлэр
— СИА —27581 подписчиктаах, 26 762 228 көрдөрүүлээх (просмотр).
– Якутия.Daily 7552 подписчиктаах, 10 060 297 көрдөрүүлээх (просмотр).
– Edersaas.ru уонна «Саха сирэ» саайтар — 8282 подписчиктаахтар, 6 213 706 көрдөрүүлээхтэр (просмотр).
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…
Төһө да Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, өйдөөтөрбүт, син биир норуот…
Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр «Орто дойду» зоопаркаҕа төрөөбүт оҕолоро Яналаах Вилюй номнуо биир саастарын…