“Сахамедиа” үлэһиттэрэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр дьыктаан суруйдулар

Share

“Сахамедиа” холдинг үлэһиттэрэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сахалыы дьыктаан суруйар буолбуттара быданнаата. Бу да сырыыга ити үтүө үгэстэрин кэспэтилэр, сарсыардаттан сахалыы таҥнан-симэнэн, уруучука тутуурдаах өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-киин диэки хаамыстылар.    

Урутаан эттэххэ, урукку сылларга дьыктааны холдинг бэйэлэрин үлэһиттэрэ ааҕар эбит буоллахтарына, быйыл “Айыы Кыһата” гимназия учууталын Ньургуйаана Касьянованы анаан-минээн ыҥыран аахтардылар. «Учуутал диэх курдук, бэркэ аахта», – диэн үлэһиттэр хайҕаатылар, махталларын биллэрдилэр.

Үлэһиттэр киирэн оннуларын булан олороотторун кытта, учуутал иһийбит уу-чуумпуга В.С. Яковлев-Далан “Олоҥхоһут” кэпсээниттэн быһа тардан аахта, салгыы суруйтарда. Үлэһиттэр аахтарааччы ханна тохтоон ыларын сыыска-буорга түһэрбэккэ олорон иһиттилэр. Дьолго, олус уһуна суох тиэкис түбэһэн, уһаабакка-кэҥээбэккэ үмүрүттүлэр. Салгыы саамай долгутуулаах түгэнэ хаалла – бэрэбиэркэ үлэтэ. Ньургуйаана Владимировна уонна “Өркөн өй” оонньууга кыһыл көмүс мэтээли ылбыт “Саха сирэ” хаһыат үлэһиттэрэ – корректор Ангелина Данилова, суруналыыс Ангелина Васильева көмөлөстүлэр. Кэтэһэ таарыйа дьыктаан суруйааччылар кофе-брейк оннугар, сахалыы сиэринэн быырпах, алаадьы амсайдылар. Ол эрээри, ким даҕаны улаханнык саҥарбат-иҥэрбэт, тоҕото биллэр.

Кэтэстэххэ бириэмэ уһунун. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс: “Бэрэбиэркэ түмүктэннэ, киириҥ”, – диэттэрин кытта үлэһиттэр кутуллан киирдилэр. Быйылгы сахалыы дьыктааҥҥа бастакы миэстэни “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа Людмила Попова, иккиһи холдинг экэнэмииһэ Лена Егорова, үсүһү эмиэ “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа Сайаана Львова ыллылар, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

Хаартыска: Денис Попов.
Хаартыска: Денис Попов.
What’s your Reaction?
+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago