Салгыы
Сахамин Афанасьев байыастарга көмө илдьэн биэрдэ

Сахамин Афанасьев байыастарга көмө илдьэн биэрдэ

14.03.2023, 20:15
Ил Түмэн пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Норуот дьокутаата Сахамин Афанасьев Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ сырытта. Кини оробуочай сырыытын түмүгүн уонна Саха сириттэн сылдьар байыастары кытары көрсүбүтүн туһунан кэпсээтэ.

— Байыаннай дьайыыга сылдьар саха уолаттарын өйүүр сыаллаах мин «Боотур» этэрээт салайааччытын Иван Черкашины кытары сылдьан кэллим. Онно «БАРС-2» этэрээт иһигэр киирсэр «Боотур» баҕа өттүлэринэн барааччылар этэрээттэрин уолаттара бааллар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Боотур» этэрээт байыастарын бэлэмнээһининэн Байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Иван Черкашин уонна инструктордар хамаандалара дьарыктанар. Кинилэр сулууспалыахтарын баҕарар уолаттары сүүмэрдээн, хамаанда оҥорон, «БАРС-2» этэрээккэ ыыталлар. «БАРС-2» этэрээттэн ураты мобилизацияҕа ыҥырыллыбыттары кытары байыаннай дьайыы бара турар сиригэр сылдьаллар.

«БАРС-2» батальонун Доцент диэн позывнойдаах подполковник салайар, кини Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төүттээх, успуорт үтүөлээх маастара. Кини этэрээт толорор үлэтин бэрээдэктиир боччумнаах үлэни оҥордо.
Байыастар байыаннай-учуоттуур идэлэри толороллор: суоппардар, разведчиктар, снайпердар, минометчиктар, корректировщиктар о. д. а. Үчүгэйдик оҥостон олороллор, баазалара мэлдьи харабыллаах. Кэлбит астарын харайар ыскылааттаахтар.
Бу сырыы сыалынан байыастары көмө быһыытынан анал сириэстибэлэринэн хааччыйыы буолар. Биһиги радиостанциялары, коптердары, тепловизордары, массыына саппаас чаастарын, оргтехниканы, онно олус наадалаах саха быһахтарын, о.д.а. илдьэн биэрдибит. Гуманитарнай көмөнү хомуйууга уонна командировкабар норуот дьокутааттара Алексей Еремеев уонна Руслан Федотов, предпринимателлэр Игорь Бястинов уонна Евгений Милов улахан көмөнү оҥордулар. Кинилэргэ истиҥ махталбын тириэрдэбин.
Мин уолаттар олохторун-дьаһахтарын эрэ буолбакка, ыстаапка сылдьан наҕараадаларын дьыалатын эмиэ билистим. Батальон 30-н тахса байыаһа байыаннай дьайыыга дьоруойдуу, хорсун-хоодуот быһыыларын иһин судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриллибиттэр. Батальон хамандыыра болдьоҕун иннинэ подполковник буолбут. Кини икки солбуйааччыта майор званиелаахтар. Ити барыта биһиги байыастарбыт байыаннай дьыаланы толору билэллэрин уонна үрдүк бойобуой тыыннаахтарын көрдөрөр.

Байыастар кэргэттэрин уонна ийэлэрин кытары сибээстэһэ олороллор. Оҕолор уонна биир дойдулаахтарын патриотическай ис хоһоонноох суруктара хас биирдии ыстаапка тиийэн уолаттарбыт дууһаларын сылаанньытар. Кинилэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна парламенын салалтатыттан социальнай көмө ылалларын уонна өрөспүүбүлүкэ өттүттэн улахан көмө оҥоһулларыттан астыналларын бэлиэтииллэр.

Ил Түмэн пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: